ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тардыс

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы 1) совм.-взаимн. от тарт

Ис хоһооно · 8
I

1 туохтуур #

тарт диэнтэн холб. туһ. [Кыыстаах уол] сыһыары тардыһан, бэйэ-бэйэлэригэр умсугуйсан уһуннук уурастылар. Саха фольк. Дьоно үөрэ-көтө кыһыллыбыт балыгы тардыспытынан, айахтарыгар симмитинэн бараллар. "ХС". Уйбаан аҕатын кытары -- оҥочо ханаппаакылыыра, муҥха тардыһара. "ХС"

2 туохтуур #

Илиигинэн туохтан эмэ тутуһан баран бүтүн бэйэҕин тарт, тардан ыл

Нууччалыы Держась за что-л. руками, упираясь, поднимать своё тело, подтягиваться

  • Сайсары баттыктарыттан тардыһан турарга мөккүһэр.
    Суорун Омоллоон
  • Аянитов кириэһилэтин өйөнөрүттэн тардыһан турда. Софр. Данилов. [Эмээхсин] кийиитин көмөтүнэн быаттан тардыһан олордо
    М. Доҕордуурап
  • Быаҕа бааллан иһэн төттөрүлэс, атын сир диэки дьүккүс. Θ Тянуть в другую сторону, упираться (будучи запряжённым, на поводке и т. п.). Сиэттим. Бөрөм өсөһөн тардыһан көрөөрү гынна, төбөтүн булкуйбахтаата.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Ойоҕос ат, бостуруоҥката босхо баран, тардыспакка гынан көрө-көрө, сүүрүүтүн эбэн истэ
    Эрилик Эристиин

3 туохтуур #

Кимиэхэ-туохха эмэ дьулус, талас

Нууччалыы Тянуться, испытывать тягу, стремиться к кому-чему-л

  • Киһи баайга тардыһар.
    Амма Аччыгыйа
  • Маннык [сааскы] күн аҥаардастыы үчүгэйи эрэ баҕараҕын, үтүөҕэ эрэ тардыһаҕын.
    Н. Лугинов
  • [Маҕаачый] соҕотох ынах буолан тэһийбэтэ, үөргэ тардыһара эбитэ дуу, пиэрмэ сүөһүлэригэр бара турара.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Биһиги бэйэ-бэйэбитигэр муҥура суох тардыһар этибит эрээри, дьиҥ өйдөһүүгэ кэлин хаһан да тиийбэтэхпит
    ХС

4 туохтуур #

Биир-биир кэлэн биир сиргэ түмүлүн, мунньуһун; туохха эмэ холбос, кыттыс

Нууччалыы Стягиваться, собираться в одном месте; подтягиваться куда-л

  • Оонньуу өрөгөйө - бэс ыйын ортото - ыһыах. Ыҥырсан, тардыһан ыһыахха барыы, мааны таҥаһы таҥныы.
    Далан
  • Таммахтар мунньустан, тардыста сүүрүгүрэн, улуу өрүстэр буоланнар, таас хайалары тоҕута солоон түһэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Баайдар] билигин албыннаан, түөкэйдээн бэйэлэрин кэккэлэригэр дьон тардыһаллар
    С. Ефремов

5 туохтуур #

Туох эмэ үөһэттэн бэриллэргэ тиксээри дьулус, ону көрдөс

Нууччалыы Добиваться, просить что-л. у всевышнего, искать (напр., счастье)

  • Икки ини-бии Аҥыы-аҥыы айхал тардыһа Арахсан хааллылар.
    А. Софронов
  • Сарсын эн дойдулуоҥ, сарсын мин өрөгөй тардыһа, аат-сурах былдьаһа барыам.
    П. Ойуунускай
  • Нэһиилэ, кыл тыына кырдырҕаан, Сур тыына сурдурҕаан, Өрөгөй көрдөһө, Талаан тардыһа сытта
    С. Васильев

6 этии #

Этиилэр

Силис-мутук тардыс көр тарт

  • Дьон-сэргэ даҕаны дьиҥ-чахчы ылынаннар, санаалара кэлэн бу манна силис-мутук тардыһан, олохсуйан эрдэхтэрэ.
    ХС

Хаан тардыс көр тарт

  • Дыраамаҕа икки ини-биилэр урукку өттүгэр төһө да икки аҥыы иитиллибит, икки аҥыы өйдөөх-санаалаах буолбуттарын иһин, сүрэхтэрэ тэйсэ илигэ, хардарыта хаан тардыһаллара көстөр.
    ХС

Ханыы тардыс көр ханыы

  • Биир суос-соҕотох хатыҥыр уоллаахтара, эр киһи быһыытынан, эр киһини, Дьулустааны ханыы тардыспыттыы одуулаһар. Э. Соколов

7 этии #

Нууччалыы Соревноваться в перетягивании палки

  • Мас тардыс спорт. - мас тардыһыытыгар күрэхтэс Мас тардыһан, көтөхсөн, хары баттаһан быйыл ким аҕамсыйан, күүһэ мөлтөөбүтэ, ким үүнэн, күүс киллэриммитэ быһаарылынна.
    Амма Аччыгыйа
  • Кеша дьарамай, сула эрээри миэхэ күүһүмсүйэр, мас тардыһаары тииһэр. Н. Габышев
II

8 даҕааһын #

, кэпс. Кыра дэҥи көрбөт, тулуйбат; кыраттан кыыһырар, өһүргэнэр

Нууччалыы Легко приходящий в раздражение, вспыльчивый

  • Тардыс киһи син биир кыыһырсыан, көҥөһүөн, холдьохсуон наада.
    Далан
  • Уола киһитинэн мөлтөҕүн, майгытынан тардыһын Никифоров кинээс билэрэ.
    М. Доҕордуурап
  • Макаар ["Бэйэтэ эмтиэкэ"] өйө-санаата муҥутаҕын, майгыта-сигилитэ татымын, тардыһын ааптар уустуктук иҥэн-тоҥон көрдөрөр
    ХС

«Т» буукуба