Перевод с якутского
тоҕо
сыһыат, аат тыл
Нууччалыы почему, отчего; зачем, для чего
English why
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
ыйыт. солб. аат. Туох эмэ буоларын-буолбатын, хайдаҕын-тугун ыйытыыга туттуллар тыл (ардыгар тард. ф-гар тут-лар)
Нууччалыы Почему, отчего; зачем, для чего (иногда употр. в притяж. ф-ме)
Тоҕо ыыппакка олороллор? Н. Неустроев Ол тоҕо дьадаҥылары эрэ түмэбит? Амма Аччыгыйа [Айта:] Тоҕотун бэйэҥ билэҕин. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Тоҕото биллэр буоллаҕа эбээт И. Никифоров
2 этии #
Тоҕо бэрдэй (дьиктитэй, сүрэй) сыһыан т. – сөҕөн, соһуйан, бэркиһээн, кэмсинэн, сэмэлээн саҥа аллайыы Ырааһа, нарына тоҕо бэрдэй. И. Гоголев.
Нууччалыы Междометные модальные сочетания, выражающее изумление, восторг, восхищение, удивление, ужас, сетование, осуждение
Этиилэр
Тоҕо дьиктитэй, доҕоор
олох төрөөбүт, үөскээбит сиригэр кэлэн ГЭС тутуһар диэн!
Микииппэрэп кинээс кигиитинэн дьиэбин уоттаатылар эбээт. Оннук үһү. Тоҕо сүрэй! М. Доҕордуурап Ср. тув. чүге ʻзачемʼ, казах. неге ʻпочему, зачемʼ
3 #
Эрчимнээхтик, олус күүскэ
Нууччалыы Очень сильно, во всю мощь. [Борохуот аал] Тоҥ күөнүнэн Дохсун сүүрүгү Тоҕо анньан, Тохтообокко дьулугурайда
Толуу киһини Тобугун ортотунан Тобурахтаах толон Тоҕо түстэ.
П. Ойуунускай– Тохтооҥ! – диэтэ эһэ, Тоҕо хаһыытаата Т. Сметанин
4 этии #
Этиилэр
Тоҕо тэбээ
илдьи тэбээ диэн курдук (көр илдьи).
Кэтириис оҕото ыалдьыаҕыттан мунньуллубут ыарахан санаатын бүгүн тоҕо тэбээн бэркэ кэҥээтэ, холкутуйда. ХС Эмээхсин хаһаанан сылдьыбыт санаатын сэргиир киһи түбэһэн, тоҕо тэбээтэ. НС ОК
5 этии #
Нууччалыы Бурно выразить, проявить что-л., разразиться (напр., смехом)
Этиилэр
Күлэн тоҕо бар көр күл II
Кулуба күлэн тоҕо барда. Н. Якутскай Хайдах да тулуйбатым, күлэн тоҕо бардым. Н. Габышев
Тоҕо бар
туохтан эмэ олус үөрэн, кыыһыран, соһуйан эмискэ улаханнык күл, хаһыытаа о.
д. а Ыта Түргэн үрэн тоҕо барда.
Суорун Омоллоон"Сымыйалаама!" – Сахаар оҕонньор хаһыытаан тоҕо барда. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Кэнниттэн кэлэн Хооһой Ылдьаа: "Дорооболоруҥ!" – диэн сүөлэҥэдийбитигэр өмүрэн тоҕо барда.
Н. Лугинов
Тоҕо көт көр көт I
Дьиэбэр баран тугу да тоҕо көтөрүм суох. Көмөлөһүүм. Р. Баҕатаайыскай
Тоҕо суул көр суул
Кылааска оҕолор тоҕо сууллан киирдилэр.
Тоҕо сүргэй көр сүргэй
Эһэ үүтээни тоҕо сүргэйэн кэбиспит.
Тоҕо тарт көр тарт
Тоҕо түс
түргэнник, тэтимнээхтик ылсан туран, кылгас кэм иһигэр тугу эмэ гын, оҥор.
Сделать, совершить что-л. споро, быстро, за короткий промежуток времени, выложиться.
Тутааччылар кулуубу тутарга тоҕо түһэн үлэлээтилэр