ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холбоо

туохтуур

Нууччалыы соединять, скреплять одно с другим, прищеплять что-л. к чему-л

English to unite

Ис хоһооно · 12

1 туохтуур #

Туох эмэ тугу эмэ кытта бииргэ буолалларын курдук сыһыары тут

Нууччалыы Соединять, скреплять одно с другим, прищеплять что-л. к чему-л

  • Улуу алааһы кытта улуу хочону холбоон, киэҥ куйаар оҥорон нэлэһиппит киһи дии саныырым.
    Амма Аччыгыйа
  • Биирдэ Серёжа тыаттан тутуу маһын таһыыга үлэлэстэ: эрдэ кэрдиллэн бэлэмнэммит бэрэбинэлэри туруоһунан тыраахтарга холбоон биэрэр.
    Н. Лугинов
  • Костя көрбүтэ, кырдьык саахымат сурунаалга холбуу тутуллан, кытта кэлсэн хаалбыт эбит.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Бараналарын бэйэлэрэ оҥостубуттара, тиистэрин түҥ-таҥ холбоон баран, дьэ сибилигин таба көрөн, хаттаан оҥосто сырыттахтара
    П. Егоров

2 туохтуур #

Тугу эмэ уопсай тугунан эмэ наардаан, биир кэлим буоларын курдук оҥор; кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ эп, эбии киллэр, кытыар

Нууччалыы Составлять из нескольких однородных предметов одно целое, объединять, присоединять кого-что-л. к кому-чему-л., приобщать кого-что-л. к чему-л

  • Тойон балай эмэ өр суруйан, илии баттаан кумааҕытын дьыалаҕа холбоото.
    Болот Боотур
  • Кинигэ издательствота кини айымньыларын (урут биллибэтэх, урут бэчээттэммэтэх сорох айымньыларын кытта холбоон), -- улахан хомуурунньук таһаарбыта. КНЗ ТС. Манна олохтоохтор бары аналлаах миэстэлээхтэр, кыттыгастаахтар. Атын киһини холбооботтор. "Чолбон". Бу тылларга сөптөөх сыһыарыылары холбоон, этиилэрдэ оҥоруҥ
    КИИ СТ-

3 туохтуур #

Туох эмэ тус-туспалары (хол., бэссэстибэлэри, эттиктэри) биир холбоһук, суурадаһын о. д. а. буолалларын курдук оҥор, булкуй

Нууччалыы Соединив несколько разнородных предметов, приготовить раствор, смесь, сплав, соединять, смешивать

  • Сымыыты бурдукка холбоо.
  • Манна сиэмэни тааһы хайаны кытта холбоон биир тулхадыйбат кэлимсэ оҥорор курдук, бу тутуу норуоттар доҕордоһууларын кытаанахтык бөҕөргөтөр эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Кыһыл көмүһү алтаны кытта холбоон ууллараллара, оччоҕо ордук тапталлымтыа, бөҕө, кутарга, ойуу түһэрэргэ үчүгэй буолара
    МАП ЧУу

4 туохтуур #

Элбэх кими, тугу эмэ бииргэ мус, түм

Нууччалыы Собирать в одном месте, объединять кого-что-л

  • Түмсэн да диэн, сэргэстэһэ эрэ тураллар, барыларын холбуур, бары бас бэринэр дьаһал-дьаһах мэлигир.
    Н. Лугинов
  • Ыарахан дьылларга ыраах үрэх баһыгар көһөр түбэлтэҕэ элбэх сылгыны биир сиргэ холбоон аһатартан туттунар ордук. "Кыым". Хас даҕаны аҕа ууһун холбоон кинээс салайара. А. Кривошапкин (тылб.)

5 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ (хол., уокка, элэктэриичэстибэҕэ) ситимнээн үлэлэт

Нууччалыы Приводить что-л. в действие (напр., электроприбор), устанавливать связь с чем-л.; включать, подключать, соединять

  • Тэлэбиисэри холбоо.
  • Электроплиткатын холбоон, чэй оргута туруорар.
    Н. Лугинов
  • Араадьыйатын холбоото – сотору сэттэ чааһы оҕуста.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
  • Амандыар дьонтон хаалсымаары оҕолоругар көмпүүтэр ылан биэрдэ, эбиитин интернеккэ холбоото
    С. Юмшанов

6 туохтуур #

Буукубулары ситимнээн аах

Нууччалыы Соединять, складывать буквы при чтении

  • А-ҕа Т-ны холбоон "Ат" диэн аахта Петя.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ыскылааттаан ааҕаары гыннахпына тылым өҕүллүбэккэ, сатаан холбоон тыл таһаарбакка элбэхтик даҕаны тириттим этэ.
    А. Бэрияк
  • Холбоон ааҕар буолуохтан Хоһоон тылын таптыырым
    М. Хара

7 туохтуур #

Дьон төлөпүөн нөҥүө кэпсэтэллэрин курдук ситимнээ, сибээстээ

Нууччалыы Устанавливать телефонную связь, соединять кого-л. с кем-л. по телефону

  • Прибалов подполковнигы кытта холбооҥ.
    Н. Якутскай
  • Үөһэттэн звони гыннахтарына миигин холбоор. Онтон атын сирдэртэн буоллаҕына, миигин суох диэр.
    Суорун Омоллоон
  • Кини төлөпүөнү хаба тардан ылла. – Баһаалыста, 9-99 холбооҥ эрэ
    В. Протодьяконов

8 туохтуур #

матем. Биир чыыһылаҕа атын чыыһыланы эп, уопсай суумаларын таһаар

Нууччалыы Складывать одно к другому, выводить сумму сложения чего-л. с чем-л

  • Биэһи биэскэ холбоо.
  • [Буойа:] Ааҕан бүтэрдим, аны барытын холбуохтаахпын… Дьэ, эрэй суот, доҕоор.
    Суорун Омоллоон
  • Бары ыалларбыт, холбоон сүүрбэ биир оҕолоохпут
    БВВ ӨУоӨ

9 туохтуур #

Кимнээх эмэ икки ардыларыгар уопсай тугунан эмэ ситимнээн (биир интэриэһинэн, көрүүнэн, санаанан о. д. а.) сыһыаны олохтоо

Нууччалыы Связывать кого-л. с кем-л., на основе общности чего-л. (интересов, взглядов и т. п.), сближать

  • Хотугу тымныы сир, Соҕуруу куйаас сир Дьонноро куустуһан турбуппут: Холбуура сир икки Полюһун дьонун биир Күн сыалга дьулуһар дьулуурбут. Эллэй. Кинилэри үлэни таптааһын бииргэ холбообута.
    И. Данилов
  • Кустук өҥнөөх кулунчук, Оҕо-аймах үөрүүтэ Барыбытын холбоото, Үөрүүбүтүн аҕалла
    КДьА

10 туохтуур #

Кимнээҕи эмэ ыал оҥор, кимнээх эмэ ыал буолалларыгар көмөлөс

Нууччалыы Помогать или заставлять кого-л. вступить в брак, соединять узами брака, женить. [Василий Петров:] Чэ, оҕонньор!

  • Оҕоҥ биһикки -- холбоһуохпутун баҕарабыт, онон алгыс үтүөтүнэн, ыраас сүрэххиттэн, ис санааҕынан биһигини холбоо…
    П. Ойуунускай
  • [Ньукуус:] Оҕолорбутун холбоон ыал оҥордохпутуна син буолуо этэ буолбат дуо?
    Күндэ
  • Марканилаах уоллаах кыыһы уһаппакка холбуур баҕалаахтар. П. Ламутскай (тылб.)

11 туохтуур #

Кими эмэ туохха эмэ үөрэт, билэр оҥор, кимиэхэ эмэ тугу эмэ иҥэр (сиэр-майгы туомнарын, майгы-сигили олохсуйбут бэрээдэгин о. д. а.)

Нууччалыы Приобщать кого-л. к чему-л. (напр., к культуре), вовлекать кого-л. во что-л

  • Бэйэлэрэ култуурунайа суох дьон атын дьону култуураҕа хайдах холбуулларын мин сатаан өйдөөбөппүн.
    Амма Аччыгыйа
  • Куһаҕаҥҥа кучуйар, Кубулҕакка холбуур Хармааҥҥа хааланар Харчы буолар
    А. Софронов

12 этии #

Нууччалыы Согласованно, слаженно, объединив усилия

Этиилэр

Баскын холбоон көр бас II

  • Бааһынай, оробуочай Бастарын холбоон, Бардамнык үлэлээн, Баабырыкалары бааралаатылар, Собуоттары субуруттулар. Эллэй.

Дьолгун холбоо көр дьол

  • Эһиил баччаҕа Анфиса уонна Кеша холбоһуох, дьоллорун холбуох буолан, тылларын бэрсибиттэрэ.
    В. Титов
  • [Октябрина – Кэнчээригэ:] Атын ордук кыыһы көрсүөҥ, дьолгун холбуурга тыл көтөҕүөҥ.
    М. Попов

Санааҕын холбоо көр санаа II

  • Эн биһикки санаабытын эрэ холбооторбут, тугу да тулутуохпут суоҕа.
    Н. Неустроев
  • Норуот эмиэ күүһүн түмнэҕинэ, санаатын холбоотоҕуна, ама тугу тулутуой?
    Н. Якутскай

Сүбэҕин холбоон

сүбэлэһэн, биир сүбэнэн Күүстээхтик, хото санаатахха, сүбэни холбоотоххо, туох барыта кыайтарыахтаах.

  • [Нүһэр Дархан:] Сүбэбитин холбоон биир сүрүн үөһүнэн Эйэлээхтик-иллээхтик устарбыт буоллар…
    И. Гоголев
  • [Сандаарка:] Иккиэн сүбэбитин холбоотохпутуна, үчүгэйдик олоруохпут.
    С. Ефремов

Төбөҕүн холбоон

баскын холбоон диэн курдук (көр бас II).

  • Улахан мөккүөрдээх, ыһыылаах-хаһыылаах мунньах буоларын кэтэһэн, билигин бөлөх-бөлөх хайдыһан, төбөлөрүн холбоон күө-дьаа кэпсэтэ олордулар.
    Н. Лугинов

Хоһооҥҥо холбоо

хоһооҥҥо киллэрэн хоһуй, туой.

Воспевать, прославлять в стихах.

Күрүөлээх ынаҕын далыттан түптэтин буруотугар тиийэ

барытын Күндэ хомоҕой хоһоонугар холбообута, ыллам ырыатыгар ыпсарбыта.

  • Софр. Данилов. Күнү, халлааны, сулуһу Куруук хоһооҥҥо холбуом.
    Баал Хабырыыс
  • Ср. монг. холбох ʽсоединять, связывать’

«Х» буукуба