ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыраас

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы без грязи, пыли; сверкающий чистотой, опрятный

English clean

Ис хоһооно · 23
I

1 даҕааһын #

Кир-хох сыстыбатах, киртийбэтэх, кирэ суох

Нууччалыы Без грязи, пыли; сверкающий чистотой, опрятный (напр., о помещении)

  • Киһитэ сүр эйэҕэстик мичээрдээн, ыраас тииһэ ытыгыраан, киэҥ хараҕа эрилийэн олорор эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьиэ ырааһа, сыыһа-бөҕө суоҕа, сыта-сымара үчүгэйэ – киһи көхсө-быара кэҥиэх курдук.
    Эрилик Эристиин
  • "Манан сотун," – дии-дии Сергей Иванович ыраас соттору ууммута
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (8)
  • Эбирэ, хатаала суох, биир тэҥ дэхси, кылааккай (сирэй, тирии). Θ Без веснушек, прыщей и других недостатков, гладкий, ровный, чистый (напр., о коже лица). Сардаҥалаах ньуурум саппаҕыран, Ыраас сырайым ыдьыгыран [барбытыгар], күлүү гынан күүгүнэспиттэрэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Ымыы, сэмэй ийэлиин Тэбис-тэҥҥэ үөрсүһэн, Ыраас чэгиэн иэдэһэ Тэтэр гына түспүтэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уһун синньигэс ис киирбэх ыраас сирэйдээх
    С. Данилов
  • Суруга-бичигэ, ойуута суох, суруллубатах (кумааҕы). Θ Не заполненный ничем, не использованный, не замаранный, чистый (напр., о листе бумаги). Ыраас кумааҕылары таһааран иннигэр уурунар уонна уруучукатыгар бөрүөтүн олордор.
    Н. Якутскай
  • Мещеряков суругун остуолугар кэлэн, ыраас кумааҕы лоскуйун ылбыта.
    И. Федосеев
  • Луохтуур дьиэҕэ киирэн, холумтаҥҥа ыраас кумааҕыны тэлгэппитэ
    Ф. Софронов
  • Мыыланы билбэтэх былааттаах, Сууйууну көрбөтөх соттордоох, Ырааска ыксаласпатах ырбаахылаах.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Былакааттар чэгиэн-чэбдик буоларга, ырааска ыҥыраллар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ырааһыттан этиҥ тардар, Чэгиэҥҥиттэн саатаҕын, Наһаа маарынныыр – санааҕар Госпиталга сытаҕын. А. Твардовскай (тылб.)

2 даҕааһын #

Чэбэр, чэнчис, чөкө

Нууччалыы Содержащий себя в чистоте, опрятный, чистоплотный. [Маайа] Сүрдээх нарын ыраас дьахтар, кини аттыттан кир-бөх бэйэтэ халбарыйан, тэйэн биэрэр курдук

  • Ыраас, чэнчис киһи, таҥаһын-сабын бэйэтэ суунар, муостатын килбэтэр.
    Н. Габышев
  • [Лиза кыыс] Эчи туттара-хаптара имигэһин, ырааһын. Эчи, сатаан ынахтарын дьаһайарын
    С. Ефремов
  • Тогойкин ыраас саҕатыгар тахсан кэтэһэн турар доҕоругар сүүрэн, атахтарын күөрэлдьитэ турда.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Күн саҥа кылайа тахсыыта иннибэр баар ырааска туруйалар көрсөллөр.
    Н. Якутскай
  • Ити курдук, сис хаба ортотунааҕы кыракый ырааска, түүн бултуйбут булчут киһи оттубут отуутун уота өрө күндээрэ олордо
    Д. Таас

3 даҕааһын #

Былыта, тумана суох, сырдык (күн, халлаан)

Нууччалыы Безоблачный, без тумана, ясный (напр., о дне, небе)

  • Киэһэ сүрдээх чуумпу, ыраас халлаан буолла, күн кылбайбытынан хайа күлүгэр киирэн хаалла.
    А. Софронов
  • Халлаан наһаа ыраас, сырдык, Өстүөкүлэ өҥүн курдук.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сайыҥҥы ыраас күн барахсан тыа быыһынан чаҕылыҥныыр
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (8)
  • Кэриэс хаалларыам эйиэхэ Мин судургу муудараһы: Киһилии буолаар киһиэхэ, Таптаар дууһа ырааһын.
    С. Данилов
  • Олоххо ыҥырыы, тыыннаах буоларга ыҥырыы, үчүгэйгэ, үрдүккэ, ырааска, сырдыкка ыҥырыы куруук кулгаахха барабаан буолан тыаһыыр
    Т. Сметанин
  • Ким эмэ көнө, чиэһинэй сигилитэ, сиэрдээх быһыыта. Θ Порядочность, честность, неспособность к низким поступкам. Кини күүһэ-уоҕа холун-буутун быччыҥнарыгар буолбатах – сүрэҕин-дууһатын дьулууругар, ырааһыгар, кырдьыгар.
    Амма Аччыгыйа
  • "Киһи санаатын күүһэ, сүрэҕин сылааһа, дууһатын ырааһа – ол бар дьоҥҥо туохтан да ордук күндү", – дии саныыра Оксана.
    Суорун Омоллоон
  • Эдэр Безухов сүрдээх үрдүк, халлаан ырааһа дууһалаах киһи эбээт! Л. Толстой (тылб.)
  • Ким эмэ мөккүһэр, туруулаһар кырдьыктаах дьыалата. Θ Чья-л. правда, правое дело, честность. Ким уорбутун бар дьоҥҥо этэн биэр. Ырааспын, кырдьыкпын таһаар.
    Болот Боотур
  • Буруйдаах буоллаҕына эппиэттиэ, буруйа суох буоллаҕына, ырааһа дакаастаныа.
    М. Попов
  • [Ылаарап] Манна кэлэн ачыаһыран олорон, миигин кэлтэччи сэмэлээн, наар бэйэтин ырааһын таһаарына сатаата, уора-көстө үҥсүүтүгэр-харсыытыгар миигин бутуйаары гынар
    ХС

4 даҕааһын #

Ото-маһа суох, аһаҕас, чэлгиэн (сир, хонуу)

Нууччалыы Открытый, без всякой растительности, чистый (напр., о поле)

  • Үрүйэ төрдө ыраас кырдал эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Иннигэр хатыҥнар быыстарынан ыраас сир элэҥнээтэ. Сэргэй эмискэ киэҥ алааска тахсан кэллэ.
    Н. Лугинов
  • Кинилэр ыраас хонуу устун соҕуруу диэки хаамса турдулар
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Оттон таҥара дьиэтин оннугар кыыс оҕо чиэһин, ырааһын харыстыыр ыраас сүүрээннээх күөл халыс гына түспүт
    Суорун Омоллоон

5 даҕааһын #

Киһи дуоһуйа тыынар, чэбдик (быыла, куһаҕан сыта суох салгын)

Нууччалыы Незагрязнённый, чистый, свежий, без пыли и дурных запахов (напр., о воздухе)

  • Хаста да иҥсэлээхтик ыраас салгыны эҕирийбэхтээтэ.
    И. Гоголев
  • Салгыммыт ыраас да ыраас, Сөрүүн сүөгэй курдук, Төгүрүччү – чугас, ыраах Ыйы көрөн турда.
    И. Эртюков
  • Маннык чэмэлгэн бэйэлээх күн сарсыардааҥы ыраас салгынынан тыына-тыына хаамарын Ира сөбүлүүр
    И. Никифоров

6 даҕааһын #

Туох да атын булкуспатах, эбиилигэ, былааһыга суох

Нууччалыы Не содержащий ничего постороннего, беспримесный

  • Аны икки эҥээригэр мутуктар, лабаалар кырыаларын кыырпахтара ыраас бирилийээннии күлүмнэһэ, курустаал таастыы лыҥкырдаһа истилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Тимир тааһын боруодатыттан үс гыммыт биирэ ыраас тимир тахсара. МАП ЧУу. Биһиги эрабыт VI-VII үйэлэригэр араб дойдуларыгар арыгыттан ыраас испиири ыларга үөрэммиттэрэ. И. Тургенев (тылб.)
  • Атын былааһыга, кирэ, болоорхойо суох, дьэҥкир (уу туһунан). Θ Не замутненный, прозрачный, чистый (о воде). Орто Эбэ күөлүм ньуура Ыраас уунан күлүмүрдүүр.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Ыраас уу кылыгырыы сүүрэн, аллара суккулунна.
    П. Филиппов
  • Тээнэ үрэҕэ чычаас, уута кумах устун устар буолан ыраас, сылаас соҕус
    Чолбон

7 даҕааһын #

Боруодата булкуспатах, булкааһыга суох хааннаах (сылгы, ынах сүөһү туһунан)

Нууччалыы Чистопородный, чистокровный (о лошадях, рогатом скоте)

  • Ыраах оройуоннарга ыраас хааннаах Саха сирин булчут ыттара билигин даҕаны бааллар. АФС БЫ. Кинилэр [хотугу оройуоннар сылгылара] ырааһынан, хаан булкуура суох ордон хаалбыттар. АНП ССХТ. Сүөһүнү үөскэтии икки суол ньымата баар: ыраас боруоданан уонна булкуһуннарыы. Ыанньыксыт с

8 даҕааһын #

Хаата, суута, иһитэ суох, аҥаардас (ыйааһын)

Нууччалыы Без тары и упаковки, чистый (вес)

  • Быйыл нэһилиэнньэ сельпоҕа биэс сэнтиниэр ыраас отону хомуйан туттарда
  • Иһэ, төбөтө, туйаҕа суох, аҥаардас этэ эрэ. Θ Без потрохов, головы и копыт, чистый (напр., о мясе). Хаһаайыстыба судаарыстыбаҕа туттарар табатын икки аҥаар сылыгар диэри иитэр буоллаҕына, биир табаттан 55-60 киилэ ыраас эти уонна куйукталаах биир тириини ылар. "Кыым". Сылга ортотунан 23,7 тыһыынча туона ыраас эти ылыы былааннанна
    ХС

9 даҕааһын #

Сыыс тыла, атын омук тылын булкааһа суох, киһи өйүгэр түһүмтүө, литературнай тыл нуорматын тутуһар (тыл, саҥа)

Нууччалыы Соответствующий определённым правилам, литературным нормам; правильный (напр., о речи, языке)

  • Үчүгэй, ыраас тыллаах киһи литературнай тыл нуорматын тутуһан саҥарыахтаах. СТ С. Хаһыат тыла кэрэ, ыраас, дьэҥкэ уонна киһи өйүгэр түһүмтүө буоларын ситиһэн туран, киэҥ үлэһит маассаҕа тириэрдиэххэ наада этэ. "Кыым". Кини дойду ыарахан балаһыанньатын, фронт уонна тыыл соруктарын туһунан ыраас нууччалыы тылынан туох да кумааҕыта суох лабыгыраччы кэпсээн киирэн барбыта
    ХС

10 даҕааһын #

Чуор, хатан, чуолкайдык иһиллэр, хос тыаһа суох (дорҕоон, куолас)

Нууччалыы Без хрипоты, шумов и посторонних звуков, звонкий, чистый (напр., о голосе)

  • Уус тыллаах Олоҥхолоон барда, Чаабый тыллаах Чабырҕахтаан киирдэ, Ыраас күөмэйдээх Ыллаан дьиэрэттэ.
    С. Васильев
  • Биир оннук ыраас, тыас-уус ыраахтан иһиллэ, лыҥкыныы оонньуу турар чуумпу күн Дьэллик били урукку сиригэр оҥостон киирдэ.
    Н. Заболоцкай
  • Барахсан, куйуһутан түһэн, куолаһа үчүгэйин, ырааһын!
    Э. Соколов

11 даҕааһын #

Сиэрдээх, көнө, үтүө (хол., суобас, сүрэх, санаа)

Нууччалыы Проникнутый, наполненный чистотой и свежестью (напр., о мысли)

  • Бэл ол үлүгэр муҥу, алдьархайы көрбүт киһи санаата ырааһын, кэскилэ эрэллээҕин, кыайыылааҕын бэркиһии көрбүппүт.
    Суорун Омоллоон
  • Бу кинигэни ааҕарга чэгиэн-чэбдик, буспут-хаппыт, эр санаалаах, көнө сүрэхтээх, ыраас дууһалаах буолуохха, элбэхтик айанныахха, бултуохха-алтыахха, үлэлиэххэ-хамныахха наада.
    И. Данилов
  • Бэйэм чааһым биир да харчылааҕы ылбатаҕым, дьиҥнээх ыраас суобаспынан сылдьыбытым
    М. Попов
Өссө холобурдар (3)
  • Үтүө, көнө майгылаах-сигилилээх, сырдык өйдөөх-санаалаах, сиэрдээх (киһи). Θ Нравственно безупречный, благородный, порядочный (человек). [Сайсары:] Эйигиттэн, айыы ыраас оҕотуттан, ол мин көлөһүммэр ымсыырыа диэн кистиэм дуо.
    Суорун Омоллоон
  • Онон Семён Васильевич эксээмэнигэр бэлэмэ суох кэлбэккин. Кини суобас курдук, оннук ыраас, оннук дьэҥкэ.
    Н. Лугинов
  • Кырдьык, Ыларов даҕаны муус ыраас киһи буолбатах, кини да сыыһалардаах
    Р. Баҕатаайыскай

12 даҕааһын #

Туох да мөккүөрэ суох, бигэ (күрэхтэһиигэ кыайыы)

Нууччалыы Бесспорный, несомненный, чистый (напр., о победе в состязаниях)

  • Ыраас кыайыыны ааҕыллар, өскөтүн кыайтарбыт тустааччы эмискэ да буоллар, площадканы (көбүөрү) таарыйдаҕына. СНККБ. Ити курдук 82 киилэҕэ маастар Захар Чукров тоҕуста тустан, барытыгар ыраас кыайыыланна
    Кыым

13 даҕааһын #

Быччыҥ үлэтин курдук элбэх күүһү-уоҕу эрэйбэт, кирэ-хаҕа суох (үлэ)

Нууччалыы Лёгкая, не требующая напряжения, не пыльная (напр., о работе). [Галя:] Киниэхэ ыраас эрэ үлэ наада

14 аат тыл #

Ким, туох эмэ чэбэрэ, чэнчиһэ

Нууччалыы Чистота, опрятность

15 аат тыл #

Хойуу мастаах тыаҕа баар халтаҥ сир, ырааһыйа

Нууччалыы Небольшая открытая, ровная местность в лесу, поляна

16 даҕааһын #

Сырдыкка, кэрэҕэ эрэ туһуламмыт, үтүө дьулуур

Нууччалыы Чистота души, помыслов

17 даҕааһын #

Кыыһынан сылдьыы, уолунан сылдьыы

Нууччалыы Невинность, целомудрие. [Маайа:] Төһө да хобулаабыттарын иһин ырааспын сүтэрэ иликпин, сүтэриэм да дии санаабаппын

18 этии #

Этиилэр

Ис ырааһа көр ис IV

  • Бу балаҕан ис ырааһа биэстии саһаан, үрдүгэ балаҕантан холобура суох үрдүк дииллэрэ, сиртэн өһүөтүгэр дылы балтараа саһаан.
    Саха фольк

Ыраас хааннаах көр хаан

  • Настя төгүрүк мылтаҕар сирэйдээх, ыраас хааннаах, кыараҕас соҕус харахтаах, көнө муруннаах, ис-киирбэх көрүҥнээх кыыс.
    Н. Якутскай
  • Хойуу кыламаннаах хара харахтаах, сурааһын курдук көп хаастаах, кырыылаах муруннаах, ыраас хааннаах нарын кыыс.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Манчаары Баһылай олус үчүгэй, ыраас хааннаах, көнө уҥуохтаах, кырасыабай дьүһүннээх, сүрдээх кытыгырас, сытыы оҕо буолбут. МН
    Н. Ср
  • ДТС арыш арыҕ ‘чистый, святой’, кирг. ырас ‘правда; как надо; хорошо; ловко’, тат. ару ‘чистый’
II

19 #

эб., кэпс

  • Ити аайы холкуос дохуота кыччаан, хоромньута улаатан иһэр, оттон туһаҕыт буоллаҕына – ыраас.
    Суорун Омоллоон
  • Бүгүн Дьэппириэм хайдах эрэ табыллан бултаабата, эбиэккэ диэри сыччах биир куобахтаах, оттон киэһэ – ыраас.
    В. Яковлев
  • [Кулууп дириэктэрэ кыыс] Киһитинэн туох да мааны. Култуура үлэтигэр талаан – ыраас
    Э. Соколов

20 #

Суох, букатын суох (кэпсиирэ эрэ суолт. тут-лар)

Нууччалыы Совершенно, совсем нет, пусто (употр. только в роли сказуемого)

21 #

Тугу эмэ оҥорор, туохха эмэ сабыдыаллыыр, дьайар туруга, кыаҕа суох

Нууччалыы Не в состоянии что-л. делать, активно действовать

  • Онтон туран, быһыччытынан эһэ арҕаһын быһан отуоскайдаабытынан барда. Быһыччыта хотор диэн ыраас.
    Суорун Омоллоон
  • Дабааны дабайар диэн ыраас.
    М. Попов
  • Бастаан ыалы билэн, онтон аны саа тыаһын истэн бугуһуйбут аттар тохтуур диэн ыраас
    А. Данилов

22 этии #

Нууччалыы Доход, чистая прибыль

Этиилэр

Муус ыраас көр муус

  • Кырдьык, Ыларов даҕаны муус ыраас киһи буолбатах, кини да сыыһалардаах.
    Р. Баҕатаайыскай

Ыраас барыс

тэрилтэ бары ороскуотун саппыт кэннэ хаалар үп Мөлүйүөннэр үҥкүрүҥнэһэллэригэр холоотоххо, бытархайдаһыы диэн сороҕор сатаммат. Биһиги сыллааҕы ыраас барыспыт да диэн сөҕүмэр. Н. Лугинов. Сылга сопхуос мөлүйүөнүнэн ыраас барыһы ылар. И. Данилов. 1977 сыл түмүгүнэн сибиинньэни иитииттэн 14260 солкуобай ыраас барыс кэллэ. Дьону үөр. Ыраас буолбут харыс. т. – уҥуох ыарыытынан ыалдьыбыт.

Заболеть туберкулёзом костей (букв. он стал чистым).

  • Лэгэнтэй, кырдьык, ыраас буолан уҥуох сиэппит көнтөрүк киһи этэ. Софр. Данилов. Арай кини [мин ийэм] ыарыһах, атаҕа ыраас буолан кыайан хаампат.
    И. Гоголев
  • "Улахан эмтээх ойуун этэ, ордук ыраас буолбуту киһилээбэт этэ", – диэн эмээхситтэр билиҥҥэ диэри кэпсииллэр. ВНЕ НЭНь.

Ыраас (чыыстай) манньыакка ыл көр манньыат

  • – Кинилэр кубулҕаттарын-тигээйилэрин ыраас манньыакка ыла сылдьаҕын дуо, акаары, куомуннаспыккын көр эрэ!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Кырдьык, ол оҕо иирсэрэ-баайсара кэмнээх буолуо дуо?! Кини үөрүүтүн, хомойуутун барытын ыраас манньыакка ылан истэҕинэ ыалы кытары сатаан да олорботугар тиийэр.
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (3)
  • (Ыраас) мууска уур көр муус. [Петров:] Ис санааҥ адьас атын эбит, ону ыраас мууска ууруом.
    А. Фёдоров
  • Харытыан Тыымпылыырап диэн киһи миигин көрүстэҕин аайы ыраас мууска ууруох буолан саанар.
    Е. Неймохов
  • Ким туох буруйу оҥорбута ыраас мууска ууруллан, дьоннор дьылҕалара дьиҥ баарынан быһаарыллар туруктаммыт.
    П. Аввакумов

Ыраас сүрэҕинэн

ис сүрэхтэн диэн курдук көр ис IV.

  • [Захар:] Итэҕэй, Сибиэтэ. Мин саамай ыраас сүрэхпиттэн таптыыбын.
    С. Ефремов

Ыраас харчынан

уу харчынан диэн курдук (көр уу I).

  • Миэхэ эн ыраас харчынан ууран биэрбэт киһи олордоҕуҥ буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьөгүөрсэ ыраас харчынан төлүүр буолан, дьиэ тутааччылар өр гымматахтара.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Быйыл көлөһүн күнүгэр кырата уончалыы солкуобай ыраас харчынан дохуоттанар буоллубут быһыылаах. А. Фёдоров

23 этии #

Нууччалыы Переписать начисто, набело, вывести на беловик

Этиилэр

Үрүҥэр (ырааһыгар) таһаар

үрүҥэр таһаар (суруй) диэн курдук (көр үрүҥ).

  • Суруйуубун үрүҥэр таһааран баран, көрдөрүөм.
    Г. Сивцев

Ыраас паар көр паар II

  • Күһүҥҥү оруоһу ыһыыга ордук табыгастааҕынан ыраас паар буолар. КПЫ. Кэлиҥҥи сылларга ыраас паар сүөһү аһылыгар аналлаах ыһыылар ылар ирээттэрэ улаатта. ПНП ТКҮүҮ. Ыраас паар диэн ааттанар ханнык да бородууксуйаны биэрбэт паары көтөҕүү сиэрэ суох киэҥник тарҕаммыта. ТХЭ.

Ырааһыгар таһаар

көннөрүллэн бүппүт үлэни ыраас кумааҕыга хаттаан бүтэһиктээхтик уһул Билигин авторефератын ырааһыгар таһааран хайаан, үлэтин дьэ бүтэрдэ диэххэ сөп.

  • А. И. Софронов "Олох дьэбэрэтэ" диэн биллэр дырааматын өрөбөлүүссүйэ иннинэ суруйан баран, 1921 сыллаахха бүтэһиктээхтик ырааһыгар таһаарбыта. "ХС"

«Ы» буукуба