Перевод с якутского
этиҥ
аат тыл
Нууччалыы сильный грохот, раскаты, сопровождающие молнию во время грозы, гром
English thunder
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Уулаах былыттар харсыһыыларыттан үөскээн тахсар элэктэриичистибэ сэрээтин улахан, бачыгырас, лүһүгүрэс тыаһа
Нууччалыы Сильный грохот, раскаты, сопровождающие молнию во время грозы, гром
Этиҥ этэр, чаҕылҕан күлүмнүүр.
П. ОйуунускайЭтиҥ этэр, арыт маска сааллан барчаланар, сири-халлааны сиксигиттэн дьигиһитэр. Н. Якутскай Үүйэлээх Симон ыстаансыйаттан тахсалларыгар куораты үрдүнэн этиҥ этэн лүһүгүрүү сүүрдэ Л. Попов
2 аат тыл #
Туох эмэ (хол., дьон-норуот баҕа санаатын) модун күүһэ, кыаҕа
Нууччалыы Могучая сила чего-л. (напр., желания, стремлений народа)
Бу айар үлэбит этиҥэ, Бу ыллыыр ырыабыт көмүһэ – Барыта эн эбээт, мин дойдум! С. Данилов Түөскэ эдэр саас этиҥэ Дьоллоох үлэттэн уһуктар. П. Тобуруокап Бу этиҥ көннөрү ардах этиҥэ буолбатах, кини өрөбөлүүссүйэ этиҥэ этэ Эрилик Эристиин
3 этии #
Этиилэр
Былыта суохха этиҥ сааллыбытыныы көр былыт
Онтон эмискэ былыта суох ыраас халлааҥҥа сүллэр этиҥ сааллыбытыныы, Тордоохоптор уу чуумпу олохторо биирдэ күөрэ-лаҥкы буола түспүтэ. С. Никифоров
4 этии #
Этиилэр
Сүллэр этиҥ көр сүллэр II
[Ат] үллэр чаҕылҕан артыалланан, сүллэр этиҥ суорумньуланан баран истэ. Саха фольк Түөрт сүллэр этиҥ ньиргийдэ, Түөрт сааллар чаҕылҕан дапсыйда, Күлүк көстүбэт Күлүк-туман оргуйда.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Онтон ыраас халлааҥҥа Сүллэр этиҥ дарбыйбыта, Былдьаһыктаах ол сахха Уордаах киһи уордайбыта. С. Данилов
Этиҥ былыта көр былыт
[Дуолан Хара:] Бай, этиҥ былыта тахсан эрэр. И. Гоголев Этиҥ былыта хара быарынан хайалар сытыы чыпчаалларын кыһарыйан ааһар. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Арҕааттан най хара этиҥ былыта халлааны хараҥарда халыйан таҕыста. Т. Сметанин
Этиҥнээх ардах көр ардах
Этиҥнээх ардах буолуоҕун бэлиэтэ. Сарсыардаттан быстах былыттар тахсаллар уонна күн ортото ааспытын кэннэ элбээн, дьөрбөлөһөн тахсаллар. КПЫ.
Этиҥнээх самыыр көр самыыр
Эн [Элиэнэ өрүс] кэтит, киэҥ эйгэҥ салгына Этиҥнээх самыыртан чэлгийбит. Эллэй.
Этиҥ сүгэтэ көр сүгэ
Этиҥ охсубут сиригэр этиҥ сүгэтэ баар буолар дииллэр. АЛА КК
Этиҥ тааһа көр таас I
Сорохтор этиҥ тааһын "сата" диэн ааттыыллар. ХИА КОВ О. Ср башк. йэшен ʽгроза, гром; грозовойʼ