ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ах

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы останавливать

English (of blood, rain, etc.) to stop

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы останавливать

English (of blood, rain, etc.) to stop

  • самыыр ахта
    дождь прекратилсяthe rain stopped
I

2 туохтуур #

Сүүрбэт, тохтубат буол; тохтоо, ханнан хаал (ардах, хаан туһунан)

Нууччалыы Переставать (о дожде), прекращаться (о кровотечении)

  • Самыыр ахта.
  • Хаанын хаарынан саба туттан аҕа сатаабыт да, тохтооботох.
    ХС
  • Украинаҕа кыргыс дьыллар Аймаһыйан аастылар. Халааннырар сааскы уулар Аарыгыран ахтылар
    Күн Дьирибинэ

3 этии #

Нууччалыы Внезапно, вдруг замолчать, замолкнуть

  • Ах бар -эмискэ саҥата суох бар, им-дьим буол Даайа, ойоҕоско астарбыт киһи курдук, соһуйан, ах баран, саҥата суох олорбохтоото.
    А. Софронов
  • Саҥа ордук хотуулаах тылы булаары гыммыттыы, иккиэн ах баран турдулар.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу мунньахха мустубут дьон бука барылара апка ылларбыт курдук ах баран олордулар.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (6)
  • Ырыа, хормуоска тыаһа, быһа тарпыттыы, эмискэ ах барар.
    М. Доҕордуурап
  • Ах бэрдэр - наһаа долгуйан саҥаҕыттан мат, саҥата суох буол. Θ Терять способность говорить (от сильного волнения). Арсен икки чабырҕайа кэйиэлээтэ. Трибунаҕа кэлэн баран, ах бэрдэрэн турда.
    А. Федоров
  • Дьэбдьиэ ах бэрдэрэн олорбохтоото.
    Болот Боотур
  • Сэмэнчик, ах бэрдэрэн саҥарбакка, кэнниттэн эрэ көрөн хаалла.
    Эрилик Эристиин
  • Ах гын - эмискэ таалан хаал (долгуйан, куттанан). Θ Внезапно замереть (от волнения, страха). Ити мичээртэн мин хайдах эрэ ах гына түстүм, сүрэҕим нүөлүйэн ылла.
    С. Никифоров
  • Дьон ах гынна. Инникилэр сууллан түстүлэр, сорохторо туруйалаан бардылар. Н. Павлов
II

4 аат тыл #

Аһыйбыт амтан, хос амтан

Нууччалыы Привкус, горечь, прогорклость

  • Ахтаах арыы. Ахтаах сыа.
  • Ахтаах арыытын Аҕатыттан кистээн Аҕалар буолла
    Эллэй
III

5 #

саҥа алл. Дьиктиргээһини, сөҕүүнү, куттаныыны уо. д. а. көрдөрөр

Нууччалыы Выражает удивление, восхищение, испуг и т. п. [Петя] Ах, аны өссө биирдэ бырастыы гын, Манечка!

  • Ах, Ирина! Сэгэрим, хантан маннык тиэтэйдиҥ?
    П. Тобуруокап
  • [Михаил убайыттан төттөрү ыстанар] Ах, оннук эбит дии! Эн миигин итинник суолунан быыһаары гыммыт эбиккин дии, ону мин өйдөөбөккө үөрэ истибиппин
    С. Ефремов

«А» буукуба