Перевод с якутского
ой
туохтуур, аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы прыгать, скакать, сделать прыжок; отскочить
English to jump
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Хайа эмэ диэки өрө эбэтэр туора ыстан
Нууччалыы Прыгать, скакать, сделать прыжок; отскочить
Үрдүгү ой. Туора ой. Күн тура-тура оһуохайдаан ой да ой.
П. ОйуунускайБиир ойууну ордук ойдо. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Ат туора ойдо, тэбиэлээн кууһурҕатта М. Доҕордуурап Түспүт сиргиттэн тэйэн хайа эмэ диэки өрө көт (туох эмэ чэпчэки эттиги этэргэ, хол., мээчик туһунан). Θ Отскочить в сторону с места падения (о каком-л лёгком предмете, напр., о мяче). Мээчигэ ыраах ойдо. Сүүтүк тэйэн муннук диэки ойдо Тугу эмэ үрдүнэн ыстан. Θ Перескочить через что-л. Күрүөнү үрдүнэн ойдо. Чалбаҕы ойон туораата
2 туохтуур #
Сүр түргэнник ыстанан тиий эбэтэр баран хаал
Нууччалыы Подскочить к кому-чему-л., отскочить от кого-чего-л., спешно уходить, поскакать
Ийэлэр иккиэн уолаттарын диэки ойдулар. Амма Аччыгыйа Эһэ туох да буолбатах, киһибэр ойдо. Т. Сметанин Үлэлээн бүтээт да ойбута Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (3)
Кини ойон тиийэн ааны хатыы охсон кэбистэ. Амма Аччыгыйа Чүөчээски, иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, ойон турбута.
Суорун ОмоллоонКиниэхэ утары оһох кэнниттэн ким эрэ соһуйбут курдук ойон тахсыбыта В. Гаврильева
3 туохтуур #
Өрө күөрэй, үөһэ таҕыс (күн туһунан)
Нууччалыы Всходить, возвышаться над горизонтом (о солнце)
От үлэтэ сарсыарда күн ойуоҕуттан киэһэ киириэр диэри түөрт омурҕаннаах буолуохтаах. Н. Габышев Туман көппүтүн кэннэ күн уоттанан мастар төбөлөрүгэр ойдо. Т. Сметанин Күн тэмтэйэ ойуор диэри утуйан турабын П. Аввакумов
4 туохтуур #
көмө туохт. суолт. Хайааһын соһуччу, эмискэччи буоларын бэлиэтиир
Нууччалыы В значении вспомогательного глагола выражает внезапность и моментальность действия
5 этии #
Бытырыыс ой кэпс. - 1) илдьирийэн, алдьанан салыбырыы сырыт, сүүмэхтэс (эргэ таҥаһы этэргэ) Таҥас-сап туома илдьирийэн, бытырыыс ойбут, сирэй-харах да сууллубатаҕа ырааппыт быһыылаах. Н. Заболоцкай; 2) элбэх буолан сүүр-көт, үҥкүүлээ (тэҥ уҥуохтаах кыра оҕолору этэргэ). Бегать, носиться толпой, танцевать (о маленьких детях одинакового роста). Оҕолор таһырдьа тахсан сырсыакалаһан бытырыыс ойдулар. Кэнсиэргэ кыракый оҕолор үҥкүүлээн бытырыыс ойдулар
Нууччалыы Свисать клочьями, бахромой, будучи изношенным (об одежде)
6 этии #
Нууччалыы Постоянный эпитет, описывающий Средний мир (в фольк. произведении)
Ойон тахсар күннээх, фольк. - Орто дойдуну хоһуйан этэр олук Ойон тахсар күннээх, Охтон баранар мастаах Орто туруу дойду.
П. ОйуунускайОйор күннээх оҕо саас - оҕо саас туһунан олус истиҥ өйдөбүлү бэлиэтиир халбаҥнаабат олук. Θ Постоянный эпитет, выражающий очень тёплое отношение, воспоминание, восприятие детства. Ити көр-нар тыллар ойор күннээх оҕо саас кэйэр имнээх дьүөгэтин санаппыттара. С. Федотов Ойор күннээх оҕо саас барахсан! ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг. ойх ‘падать, отскакивать, отпрыгивать’
7 аат тыл #
ыыга ойуччу турар кыра ойуур
Нууччалыы Лес-колок в долине, в открытом поле
Н. К. Антонов чинчийиитинэн, хотугу айылҕа арааһын көрдөрөр үгүс тыл биһиэхэ монгуолтан киирбиттэрэ: дьыбар, хомурах, кыдьымах, ой, долохоно уо. д. а. Багдарыын Сүлбэ. Бу сир күөллэрэ сайын устата эҥин кус ууһунан, учугас ойдоро, тыалара куобаҕынан, бочугураһынан, уларынан толору буолара. УАЯ А
8 даҕааһын #
суолт. Ойуччу турар (хол., тыа, мыраан эҥин); быстах (үксүгэр былыты этэргэ)
Нууччалыы Находящийся на отшибе, в стороне (напр., о лесе, горке и т. п.); одинокий (обычно об облачке)
Ойоҕос үрэҕи ортотунан Ой мырааны аннынан Оҥоһуулаах суолга киирэммин Айаннатан ахан истим. Саха нар. ыр. III. Ой тыаҕа дьэдьэним буспута кэрэтин. Эллэй. Бу кэмҥэ, кыырпах былыт өтөр-наар сыстан көрбөтөх халлааныгар, эмискэ ой былыт баар буолар С. Тумат
9 этии #
Ойдоох (ой) буур (таба, кыыл) түөлбэ. - тайах, кыыл таба атыыра Уол оҕо ойдоох бууру охтордоҕуна үөрэрэ (өс хоһ.). Ой кыыл уорҕатын чулуута тоҕус хос хатарыллыбыт киристээх. ПЭК ОНЛЯ I. Үөһээ Бүлүүгэ соҕотохтуу көлүллүбүт табаны ой таба дииллэр. Багдарыын Сүлбэ.
Нууччалыы Лось-самец, дикий олень-самец
Этиилэр
Ой дуораана көр дуораан
Былыта суох тымныы дьыбардаах түүн туруйалар хаһыыларын ой дуораана үс төгүл улаатыннарар, кый баһынан эҥээритэн илдьэр. Н. Якутскай Ой дуораана - ойуур оҕото ол ырыаны ыраах дуоратан Үүт-үкчү үтүктэн дьиэрэттэ. Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
Уус таһаарар хоһоонун Лоҥкууда куула хайаларын аппатын иһиттэн ой дуораана үтүктэн харбыаласта. М. Доҕордуурап Ср. монг., бур. ой ‘лес; бор; роща’