ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэннэ

кэнники тыл, аат тыл

Нууччалыы помимо; а также

English in addition to, as well as, besides

Ис хоһооно · 13

1 кэнники тыл #

Нууччалыы помимо; а также

English in addition to, as well as, besides

  • үлэ кэннэ атын да дьарыктаах
    помимо работы у него ещё делоbesides work, he has another job

2 кэнники тыл #

Нууччалыы после

English when (relative adverb, "at such a time"), after

  • күн тахсыбытын кэннэ айаҥҥа турбуттара
    они выехали с восходом солнцаthey set off when the sun rose
I

3 аат тыл #

көмө аат

  • Балаҕан кэннигэр соҕотох хаппыт тиит төргүү мутугар эһэ төбөтүн уҥуоҕа кубарыйа кууран турар эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһиги кэннибитигэр бинтиэпкэ сомуогун тыаһа лачыгыраата.
    Т. Сметанин
  • Кини кэннигэр Василий Григорьевич саҥата суох турара уонна бэйэтин үөрэнээччитин үлэтин таптаан көрөрө, киэн туттара. И. Данилов; 2) хайааһын ким, туох эмэ кэлин өттүн диэки туһаайан оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар. Θ Употребляется при обозначении предмета, на заднюю сторону которого направлено действие (за). Сандаарка дьиэ кэннигэр баран хаалар.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
  • Кини ону ол диэбэккэ мууһу тимирчи үктээбитинэн атын мууска баар буолара, арыт өрөһөлөнөн тахсыбыт сүгэһэрдээх муустар кэннилэригэр киирэн сүтэн хаалара.
    П. Филиппов
  • Кэмпэндээйи үрэҕэ эриллэн, хайалар кэннилэригэр дьулуһар
    И. Данилов

4 аат тыл #

ыарыы түһүк форматыгар: 1) Хайааһын ким, туох эмэ кэлин өттүгэр буоларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме дательно-местного падежа: употребляется при обозначении предмета, позади (сзади) которого совершается действие, находится предмет (за, позади)

5 аат тыл #

Таһаарыы түһүк форматыгар: 1) хайааһын туох эмэ кэтэх өттүттэн тахсарын, оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, из-за которого совершается действие (из-за)

  • Бурхалей -- оһох кэнниттэн хотон диэи баран эрдэҕинэ, тойон кэлэн чанчыгын аһыттан сиэтэн дьиэ ортотун диэки анньан кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
  • Кини остуол кэнниттэн туран утары кэллэ.
    Суорун Омоллоон
  • Үһүс кирбии окуопалар кэннилэриттэн түүтэх-түүтэх уоттар өрүтэ көттүлэр, уот саптар халлааҥҥа субурустулар. Т. Сметанин; 2) Хайааһын кими, тугу эмэ батыһа оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар. Θ Употребляется при обозначении предмета, за которым идет, движется кто-что-л. (за). Үс хара күлүк кэнниттэн биһиги эмиэ үөмэн истибит.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (5)
  • Сыарҕалаах оҕус кэнниттэн Яков ойоҕо Өлөөнө туора дайбаан истэ.
    М. Доҕордуурап
  • Бултарыгар баралларыгар Лоокуут бастыыра, Ньургуһун кини кэнниттэн барара
    Дьүөгэ Ааныстыырап
  • Утуу-субуу солбуллуу суолтата дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок значения последовательной замены (за). Сыыры дабайааппытын кытта биһиги иннибитигэр үрүҥ түннүктэрдээх, икки мэндиэмэннээх, ол кэнниттэн биир мэндиэмэннээх буолан баран, улахан дьиэлэр, араас тутуулар, беседкала көһүннүлэр.
    И. Данилов
  • Арыы хатыҥ кэнниттэн Ааттаах сайылык хонуута Арыллан нэлэһийдэ.
    С. Васильев
  • От үрэх сүнньүнэн күөл кэнниттэн күөл утум-ситим бара турар
    ХС

6 аат тыл #

Туттуу түһүк форматыгар ким, туох эмэ кэлин, кэтэх өттүнэн хайааһын оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме орудного падежа употребляется при обозначении предмета, вдоль задней стороны которого совершается действие (за, вдоль по задней стороне)

  • Иккиэн оргууй аҕай аттарын сиэтэн ампаар кэннинэн бардылар.
    Күндэ
  • Борокуоппай дьиэтин кэннинэн хайыһарынан дьулуруйбахтаан, тыаҕа киирэн эрэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Сыана кэннинэн тахсан, остуораска тиийдим, үс биэдэрэ ууну бэлэмнэттим
    Н. Габышев
II

7 #

дьөһ

  • Омурҕан кэннэ ийэм олус эрчимирбит, уоҕурбут этэ.
    И. Гоголев
  • Үлэ кэннэ эргийэн [уолаттар] Үөрэ-көтө көрсөллөр.
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Бэрэбиэсчит:] Хайа, Силип оҕонньор, бэҕэһээ кэннэ туох сонуннааххын?
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (5)
  • Икки уол тыл эппиттэрин кэннэ, оскуола сэбиэтэ уураах таһаарда.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу киэһэ халлаан хараҥарбытын кэннэ, Соппуруон баай уола Нуотараҕа таҕыста.
    Н. Якутскай
  • Туман көппүтүн кэннэ, күн уоттанан мастар төбөлөрүгэр ойдо
    Т. Сметанин
  • Төннүктүүр суолта дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок уступительного значения. Итиччэ үчүгэйдик сыалбын таба ыппытым кэннэ, [лейтенант] бэл, мичик гыммат, ити аата кыыһырбыта кэм да ааһа илик буоллаҕа.
    Т. Сметанин
  • Саҥаһым эмээхсин, айыыбын-буруйбун билинэн туран көрдөспүтүм кэннэ, саҥардаҕыҥ, кыраатаҕыҥ тоҕо баҕас бэрдэй, санааҥ тоҕо ыараханай?
    МНН

8 #

Бириэмэ сыһыанын бэлиэтээн, хайааһын туох эмэ оҥоһуллубутун-ааспытын кэнниттэн буоларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Выражая временные отношения, употребляется при обозначении чего-л., вслед за которым происходит действие (после)

9 #

Кими, тугу эмэ аахпакка-киллэрбэккэ таһааран туран этэри көрдөрөр

Нууччалыы Не считая кого, чего-л., за исключением кого, чего-л. (кроме, помимо)

  • Урууп суос-соҕотох оҕустаах, бу кэннэ атын туох да көлөтө суох.
    Күндэ
  • Ити кэннэ үлэбит суох ээ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Бэрэбиэсчит:] Бүгүн эһиги кэннэ ким да сылдьа илик
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (5)
  • Баллыгыраама, эмээхсиэн! Барар наада кээлтин кэннэ, Баттахпын имэринэ олоруом дуо, Оҕобун [Манчаарыны] быыһырым Ордук улахан буолбат дуо?
    А. Софронов
  • Ээ чэ, суруйбатах буолтун кэннэ, эмиэ тугу суруйдаҥый, аадырыһын да билбэппит.
    Күндэ
  • Ээйис, бу оҕо эттэҕин, ол эдэр дьон үөрэммэттэрин кэннэ, бачча кырдьаҕас киһи, эгэ, мин үөрэниэм дуо?
    Далан
  • Бириэмэ сыһыана дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок временных отношений. Сөп. Көрдөспүккүт кэннэ, аккаастыыр кыах суох.
    Суорун Омоллоон
  • [Николай:] Ону билэ-билэҕин, быыһанар суол баар буолбутун кэннэ, бачча эдэр сааскар соруйан өлө да турар сүрэ бэрт буолбатах дуо?!
    С. Ефремов

10 #

Кимтэн, туохтан эрэ ураты, кимиэхэ, туохха эмэ эбии диэн санаан этиини көрдөрөр

Нууччалыы Сверх кого, чего-л., вдобавок к кому, чему-л. (кроме, помимо, сверх)

  • Ити кэннэ эн биһикки өскө-сааска анньыахха айылаах туохпут баарый?
    Амма Аччыгыйа
  • [Лэкиэс:] Ол эрээри эн ынаҕыҥ күрүөһүтэ бүтүн нэһилиэккэ биллэр, мин да кэннэ көрбүт дьон баар.
    С. Ефремов
  • [Николай:] Таҥара көмөтүнэн, эн кэннэ акаарылар эмиэ бааллар эбээт
    С. Ефремов

11 #

уурдары кытта ситим тыл суолтатыгар туттуллар

12 #

Тутаах этии хайааһына салаа этии хайааһынын кэнниттэн оҥоһулларын бэлиэтиир

Нууччалыы Выражает то, что действие главного предложения совершается после действия придаточного (после того, как)

13 #

Усулуобунай салаа этиини ситимнииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется для присоединения условного придаточного предложения (раз, если)

«К» буукуба