ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

нуктаа

туохтуур

Нууччалыы задремать, вздремнуть

1 туохтуур #

Кылгастык, сэргэхтик утуйан ыл, нухарый

Нууччалыы Задремать, вздремнуть

  • Биһиги хайабыт даҕаны хамсалаах табах быстыҥа нуктаабатыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Гаврииллаах бөлүүн түүн икки чаас курдук эрэ нуктаан ыллылар.
    А. Данилов
  • Аанньа да утуйумуна, ардахха да баттатан, Маайа нуктаан барар
    Н. Якутскай

2 туохтуур #

Туох да тыаһа-ууһа суох буол, чуумпур, иһий

Нууччалыы Замереть, стать спокойным, неподвижным (напр., о природе)

  • Ньолбуһах арыылар хойуу күөх иирэ халыҥ көп суорҕанынан бүрүнэн талбаара нуктууллар.
    Н. Габышев
  • Күөх баархат хонуу уонна ол көлүйэ уҥуор нуктаан турар хатыҥ мастар үрүҥ сотолоро үчүгэйдик көстөллөр.
    Г. Угаров
  • Бөһүөлэктэр, алаастар, толооннор нуктаан, нуурайа турдулар.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. башк. диал. йукта ‘спать’, фин. нуккуа ‘спать’

«Н» буукуба