ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүүл

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы быть готовым к соитию, возбуждаться

English (biology) to be in heat

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Тыһыны сабарга көхтөн, атыырҕаа (сүөһү, кыыл, көтөр атыырын туһунан)

Нууччалыы Быть готовым к соитию, возбуждаться (о самцах диких, домашних животных, птиц)

  • Таба, тайах кыһын сүүлэллэр.
  • Оҕонньор ханна эрэ куртуйахтар сүүлэр сирдэрин булан туһах ииттэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Былыргы сахалар кулааһайы күһүн сүүлэр кэмигэр анаан көҥдөй мас оҥостон баран, кулааһайдыы айаатаан ыҥыран ылаллара.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Эһэ арҕаҕыттан тахсыаҕыттан барыйбытынан барытынан аһаан сүүлэригэр бэлэмнэнэн сэниэлэнэр. Ыам ыйыгар сүүлэ киирэр. ПАК Э
    Т. Ср
  • ойр. сүү, тюрк. сэв ‘любить’, алт. дьүүл ‘сходить с ума’
II

2 туохтуур #

Халлааны барытын хабан лүһүгүрээ (этиҥ туһунан)

Нууччалыы Греметь раскатисто по всему небу, громыхать (о громе)

  • Тоҥ күөс быстыҥа этиҥ сүүлэн Туох баарын тоҕо тэбээтэ, Уонна уостан, күүһэ эстэн, – Улаҕаа түстэ, күрээтэ.
    М. Тимофеев
  • [Кулун Куллустуур] Уһуутаан тыынара, Сүүлэр этиҥ курдук Сүүлэ сытара
    ТТИГ КХКК
III

3 аат тыл #

Сүөһү, кыыл, көтөр атыыра тыһытын сабарга көхтөнүүтэ, атыырҕааһына

Нууччалыы Готовность к соитию у самцов диких, домашних животных, птиц, возбуждение

  • Икки сүүлүн саҕанааҕы атыыр оҕус курдук, [бухатыырдар] лачыгыраһа түстүлэр да, хардарыта кэбисиһэн бардылар. Ньургун Боотур. Куорат тула өттүлэринэн бүлүмүөттэр, сүүлүн саҕанааҕы үгүрүө курдук, күлэн күһүгүрэһэ түстүлэр.
    Эрилик Эристиин
  • Сүүлбүт тайах күһүн, сүүлүн кэнниттэн, бэрт кыараҕас сиргэ ньэкээлэнэн турар, ханна да ырааппат
    Я. Семёнов

4 этии #

Этиилэр

Сүүлэ киирбит

сүүл I диэн курдук.

  • Сүүлэ киирбит кэмигэр, атыыр кыыл этэ киһи сиэбэт гына собоон уонна иик амтаннанан хаалар.
    Болот Боотур
  • Сир харатыгар, тайах сүүлэ киирэр кэмигэр, тыаҕа бараары гыммыппын киһим ыыппатаҕа.
    И. Находкин
Өссө холобурдар (1)
  • Атыыр оҕустар уойуулара сай ортото ситэн, сүүллэрэ от, атырдьах ыйдарыттан саҕалаан киирэр. "Кыым". Ср. ДТС сүл ‘свежесть, сочность’, хак. сүү, алт. дьүүл ‘сходить с ума’

«С» буукуба