ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туруу

аат, даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы привал, остановка

Ис хоһооно · 6
I

1 аат #

тур диэнтэн хай. аата. Микиитэ саҥардыы нухарыйан эрдэҕинэ, туруу буолла. Амма Аччыгыйа. [Улаан] сарсыарда сылгылаппакка туруубар бэйэтэ аттыбар баар буолар. Н. Заболоцкай

2 аат #

түөлбэ. Табанан сылдьарга ырааҕы кэмнээһин: таба сынньалаҥын икки арда биир көс курдук

Нууччалыы Привал, остановка (в пути расстояние между остановками для отдыха оленей, примерно 7-8 км)

  • Аны биир туруунан Дьааҥы үрдүгэр тиийдэхпитинэ, кыылларга уолдьаһыахпыт.
    А. Софронов
  • Аны биир туруу холобурдаах хаалла. Сотору тиийиэхпит. С. Ту мат. Аҕам хайбыт сиригэр тиийэрим аны биир туруу хааллаҕа.
    ИИА КК

3 этии #

Этиилэр

Туруу бараан (дьаҕыл) дойду көр дойду

  • Орто туруу дьаҕыл дойду диэн Оҥоһуллубута үһү.
    П. Ойуунускай
  • Туруу бараан дойду тускуллаах олоҕун долгуттулар.
    Н. Түгүнүүрэп
Өссө холобурдар (1)
  • Эһэ туймаарыйда, Туруу бараан дойдуга Туман-имэн туналыйда. Т. Сметанин

4 этии #

Этиилэр

Күн туруута көр күн

Өрө туруу көр өрө

  • Өрөбөлүүссүйэни утары өрө туруу буолбут.
    Амма Аччыгыйа
  • Үрүҥ баанда хас өрө туруута барыта үлтү сынньыллан испитэ.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • Петербурга декабристар ыраахтааҕы былааһын утары өрө туруулара буолбута.
    ХС

Өрүс туруута көр өрүс

  • Өрүс туруутун саҕана дойдубар кэлбитим.

Суол туруута көр суол

  • Суол туруута от тиэйдилэр.

Сыарҕа туруута көр сыарҕа

  • Сыарҕа суолун туруута оҕонньор бултуу барбыта.

Туруу бараан дьиэ көр дьиэ I

  • Туруу бараан дьиэҕэ көтөн түһэн көрбүтүм.
    С. Зверев
  • Ср. ДТС турук ‘жилище, стоянка, местопребывание; пастбище’, алт. тура ‘дом, изба; город’
II

5 даҕааһын #

Сааһын сиппит, эт-хаан өттүнэн кыахтаах, чэгиэн (киһи)

Нууччалыы Зрелый, физ ически здоровый (о ком-л.)

  • Баһымньы баатыр -- хара куударалаах астаах, туруу киһи. ПЭК ОНЛЯ I

6 аат тыл #

суолт. Сааһын сиппит, эт-хаан өттүнэн кыахтаах киһи

Нууччалыы Зрелый, физ ически здоровый человек

  • Дьон туруута, дьон чулуута үксэ сэриигэ барбыта
    ХС

«Т» буукуба