Перевод с якутского
умат
туохтуур
Нууччалыы делать
English make
Ис хоһооно · 7
1 #
умай диэнтэн дьаһ. туһ. [Бырдаахап:] Эмээхсиэн, болтуобун ылан кулу, таҥараҕа чүмэчитэ умат. Н. Неустроев. “Тукаам, Таанньа, бааргын дуо?
Этиилэр
Уотта умат”,
Мавра эрэйинэн сыгынньахтанан сыыгынаата.
Айа даа! Тоҕо хараҥатай? Ылыҥ, уотта уматыҥ! “ХС”
2 #
Тугу эмэ сырдыыр, тыгар гын
Нууччалыы Зажигать, разжигать (для освещения)
Дьөгүөссэ тымтык уматан тутар. А. Софронов Ньукулаас бэрэмэдэйин сүкпүтүнэн дьиэ иһигэр киирэн, испиискэтин уматта. С. Никифоров Лаампаны уматан баран, олорунан кэбистэ Н. Габышев
3 #
Тугу эмэ ититээри, сылытаары уотта отун (хол., оһоххо)
Нууччалыы Жечь для отопления (напр., в печи)
Сахалыы билбэт киһи оһохторугар маһы тырыыҥкалаан умата сатыыр Н. Якутскай Маачаха ийэтэ дьиэни умаппытын Күөрэгэй [кыыс аата] биллэ. Т. Сметанин Өстөөх тааҥкатын умаппытым иһин биэрбиттэрэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Чоочоҕо төһө да өстөммүтүм иһин, оту умаппытым сыыһа эбит МНН
4 #
Тугу эмэ уотунан даҕайан умайар гын
Нууччалыы Зажечь, жечь
Арапыай тымтыгынан табах уматан аҕалан маҥнай Иваҥҥа тартарда. Амма Аччыгыйа Бачыгыратар туран талан-талан биир көмүс таҥара иннигэр чүмэчини уматта. Эрилик Эристиин Онно-манна сыа ыһыырынньыктары умаппыттар
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
Дьүкээбил уота халлааны Дьиктитик да уматар. С. Данилов Сааскы түүн уматта Күөх төлөн уоттарын. П. Тобуруокап Күн уота Амма сүүрүгүн Уматар да уматар… Эллэй
5 #
Тугу эмэ уотунан суох гын
Нууччалыы Уничтожать огнем, поджигать, сжигать
6 #
Сырдат, күндээрт
Нууччалыы Давать свет, светить
7 #
Кимиэхэ эмэ туох эмэ күүстээх, өрө күүрүүлээх санааны, иэйиини күөдьүт, сах, иит
Нууччалыы Вызывать, зажигать в ком-л. сильные чувства, вдохновлять, воодушевлять
Үйэм миэхэ аат ааттаан Этигэн хомус биэрбитэ: – Ыччат сүрэҕин уматар Ырыата ай! – диэбитэ. С. Данилов Бу мин хоһоонум буолбатах – Биэрэккэ бигэнэр уу тыаһа, Сүрэх уоттарын уматар Кыталык кыҥкынас ырыата. Баал Хабырыыс Кини сүрэҕин туох эрэ улахан үөрүүлээх суол өрө күүртэ, хараҕар сырдык мичээри уматта М. Доҕордуурап