Перевод с якутского
ыллар
туохтуур
Нууччалыы оказаться в затруднительном положении, иметь проблему. [Бырдаахап:] Тээтэ, тугун эйиигиттэн кистиэмий, мин кыһалҕаҕа ылларан олоробун
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Туох эмэ кыһалҕатыгар киир, эрэйгэ түбэс, табыллыма
Нууччалыы Оказаться в затруднительном положении, иметь проблему. [Бырдаахап:] Тээтэ, тугун эйиигиттэн кистиэмий, мин кыһалҕаҕа ылларан олоробун
ыл диэнтэн дьаһ. туһ. [Дьэкиим:] Сарсын уолбун оҕустаан суханы ыллара ыытыам. А. Софронов Оҕобор куораттан саҥа таҥас ыллардым. Дьүөгэ Ааныстыырап. Уолбун үлэҕэ ылларан улаханнык абыраан турардаах. Н. Чуор "Төбөм ыарыыта сүрдээх, тугу эрэ ылларан эмтэммит киһи", – дии тоһуйда Киргиэлэй диэн бөкчөгөр оҕонньор. "ХС"
Өссө холобурдар (6)
[Кууһума:] Барахсан, эрэйгэ ылларан сылдьаахтыыр. А. Софронов Дьэ, биһиги кыһалҕа бөҕөҕө ылларан олорор ыал буоллубут. Амма Аччыгыйа Бырыһыаҥҥа киирэн, кыһалҕаҕа ылларбыт быстар дьадаҥы дьон тугу да биэрэллэрэ суоҕа, биир-икки ынахтарын аҕалан иэстэрин төлүүргэ тиийбиттэрэ А. Сыромятникова Ааспат-арахпат санааҕа-онооҕо түс, муучу буол. Θ Испытывать душевные муки, нравственные страдания, мучиться. Оҕонньор бэрт ыар, кыайан быһаарыллыбат санааҕа ылларбыта өтө көстөр. Н. Якутскай Дьиҥинэн, ити Сергей ыар баттыкка ылларан иһэр быһыыта этэ. В. Яковлев Ньукуукка туһугар сүрэҕэ ыалдьан, улаханнык санаа эрэйигэр ылларан төннүбүтэ Н. Босиков
2 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ күүскэ убан, умсугуй, кими эмэ сүрэххинэн сөбүлээ, таптаа
Нууччалыы Испытывать к кому-л. особые чувства, любить кого-л., привязаться к кому-л
Оҕо буолан биир улууска Үөрэнэн улааппыппыт, Онон арахсан баран, мин ордук Эйиэхэ ылларбытым. Дьуон Дьаҥылы. Кыталык бэйэҕин Көрөөт, ыллардым, таптаатым. И. Эртюков Оннук ыллардым, убанным, Сөбүлээтим мин кинини Д. Васильев
3 туохтуур #
Туохха эмэ күүскэ абылат, сатаан арахсар кыаҕа суох курдук буол
Нууччалыы Быть пленённым, сильно увлечённым чем-л
Ол тыл ыҥырар күүһүгэр Микиитэ ыллардар ылларан истэ. Амма Аччыгыйа Бэҕэһээ чугас лааппыттан Мин саҥа кинигэ атыыластым, Аҕыйах лииһи ааҕаатын Аһыырбын умна ыллардым. П. Тобуруокап Эдэр архитектордар кэлин үлэлэригэр сүрдээҕин ылларан, өйдүүн-дьүһүннүүн уларыйдылар
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
Туох эмэ куһаҕан дьаллыкка хаптар. Θ Пристраститься к чему-л., впасть в зависимость, заиметь порок, привычку. Ааныс кэргэнэ аһыы утахха ылларан олоҕо огдоруйара буолла. П. Филиппов Охоноон хаартыга ылларан тугун барытын да туран биэриэх курдук дьүһүлэнэр ХС
4 туохтуур #
Ыран хаал, дьүдьэй (хол., ыарыыттан)
Нууччалыы Худеть, тощать, сохнуть (напр., от болезни)
Уолчаан күн-түүн аайы иинэн-хатан, ыллардар ылларан, уҥуохтаах тирии буолла. Эрилик Эристиин Оҕонньор бу сааскытынааҕар ордук ылларбыт көрүҥнээх. Н. Заболоцкай Кэнникинэн эбии ылларан иһэргэ дылы А. Сыромятникова
5 этии #
Этиилэр
Кыаҕын ылларда көр кыах
Кыаҕын дьэ чахчы ылларда, кырдьык баһыйтарда. Амма Аччыгыйа Кыаҕын ылларан, быччыҥа ууллан, сүһүөҕэ босхо баран хааларга дылы гынна. Болот Боотур
Силлибэт сириттэн ылларда көр силин
Кистэлэҥинэн да кэпсэтии буоллар, суруктаһан-бичиктэһэн, силлибэт сириттэн ылларан турабын. Болот Боотур
Ычатын ылларбыт көр ыча
Элэстэнэн ааһан иһэр Васёгу көрөөт, ханнык да ычатын ылларан өлбөөркөй харахтаммыт киһи мичик гына түһэр этэ. Амма Аччыгыйа
Тос мааскаҕын Бэрдэрэрим буолуо, Бэйикэй,
диэбит Ычатын ылларбыт Ынах эрэйдээх.
Чаҕылҕан
6 этии #
Нууччалыы Усиливаться (о боли), прогрессировать (о болезни)
Этиилэр
Ыарыыга ыллар
үтүөрэн биэрбэккэ бэргээн ис, улаатан ис (ыарыы туһунан этэргэ) Сор бөҕөнү состум, ыарахан ыарыыга ыллардым.
Наһаар сэллик ыарыыга ылларан суорҕаҥҥа-тэллээххэ сыппыта быданнаата. Ф. Софронов Хотунум уһун эрэйдээх босхоҥ ыарыыга ылларан биир сор, – Сөдүөччүйэ эмиэ умса туттан барда. М. Доҕордуурап
Ыллар саһаан
толору биир саһаан (2,134 миэтэрэ) уһуннаах эбэтэр үрдүктээх.
С высотой или длиной равной одной сажени (2,134 метра).
Биир эр бэрдэ күҥҥэ сэттэ уон сыарҕа маһы кэрпитин илэ көрбүтүм, ол ону мээрэйдээн аахпыттара – ыллар биэс саһаан буолта. Н. Габышев Көрө түспүппүт: иннибитигэр ыллар саһааннаах биир эдэр киһи тыыллан турар эбит. ХС
Ыллар хардыы
1) муҥутуур киэҥ атыллааһын, хаамыы.
Наибольшая длина шага.
Былыр Исунке диэн бэргэн үс сүүс отут биэс ыллар хардыыттан оҕунан сыалын бары оноҕосторунан таппытын туһунан мэҥэ таас суруга кэпсиир. И. Федосеев
Туос уурааччы хаамыылаабыта
биэс ыллар хардыы буолбут. А. Сыромятникова. Сэмэнчик тайаҕа уонча ыллар хардыыга киирэрэ буоллар ытан көрүө этэ. "ХС"; 2) көсп. Туох эмэ олоххо киириитин, туолуутун түргэн тэтимэ.
Степень быстроты в осуществлении чего-л., в выполнении какого-л. дела.
Биһиги харахпыт ортотугар олох ыллар хардыыта аһыллар. В. Протодьяконов Ийэ дойдубут сырдык эркээйилэрдээх аартыгынан ыллар хардыыларынан сайдан, барҕаран иһэр эбит. ХС
Өссө холобурдар (1)
Өссө киэҥ ыллар хардыылар, өссө далааһыннаах сүдү былааннар, өссө түргэн, өссө кыайыылаах, таһаарыылаах үлэ кэмэ тирээн-тиксэн кэлбит эбит. "Кыым".
Ыллар харыс көр харыс
Соноҕос сиэллэҕинэ балтараалыы ыллар харыһы хардарар. Амма Аччыгыйа Кээмэйэ ыллар харыстан ордук усталаах, муҥур сүөм кэриҥэ туоралаах, ылгын чыҥыйа туоратыныы халыҥнаах. Хомус Уйбаан