Перевод с якутского
өссө
сыһыат, тыл
Нууччалыы больше
English more
Ис хоһооно · 8
1 #
сыһ
Бурхалей сүүрдэҕин аайы өссө кэҥээн, орловскай сүүрүк муҥутуур ойуутунан аргыстаһан бара турдулар. Эрилик Эристиин [Маайыс:] Эн буоллаххына өссө холкуос харчытын уордараары гынаҕын. С. Ефремов Олоруохпут өссө ордук Урудуйан, чэрдийэн, Ыччаттанан, баайдык-тоттук, Ыал-дьон буолан ньиргийэн Дьуон Дьаҥылы
2 #
Эмиэ, эбии, эбиитин, аһара түһэн
Нууччалыы Ещё, в добавление, вдобавок к чему-л
3 #
Хайыы-үйэ, урут, ааспыт кэмҥэ
Нууччалыы Ещё, уже в прошлом
Кини өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ олус баай көмүстээх үрүйэни булбута.
Суорун ОмоллоонАдам Мицкевич айар үлэтин эдэр эрдэҕиттэн, өссө университекка үөрэнэ сылдьан саҕалаабыта. Софр Данилов
4 #
Аныаха диэри, билигин да, билиҥҥэ диэри
Нууччалыы До сих пор, до настоящего времени. [Семёнов:] Бу билигин хаайыыга сытар бассабыыктарга донуостар, оттон бу өссө хаайылла илик бассабыыктарга донуостар
Дьыбар өссө тахса илик, Чэҥ муус ирдэ – диэбэккин Эллэй
5 #
Бэл, бэл диэтэр
Нууччалыы Даже. Урут аспирантураҕа сылдьан ВУЗ-тар күрэхтэһиилэригэр кыттара, биир бириэмэҕэ өссө өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ бириистээх миэстэлэнэ сылдьыбыта. В. Яковлев
6 #
ыан т
Эн өссө барардааххын-барбаттааххын. Н. Неустроев Өссө түөкүнүҥ үөҕэрдээх.
Суорун Омоллоон"Өссө нуормалаах баҕастаах", - огурунуом бу сырыыга кэлэйбиттии саҥарда П. Егоров
7 #
Саҥарааччы кыбдьырынар, уордайар, абаккарар, сэниир, сиилиир сыһыанын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает раздражение, возмущение, гнев, презрение, осуждение, неодобрительное отношение говорящего
8 #
Саҥарааччы этэр санаатын күүһүрдэрин, чопчулуурун, чуолкайдыырын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает усиление, выделение, уточнение высказываемой мысли говорящим
Най туран көмүскэһэн көөртүн, өссө бэлиэтээтилэр быһыылаах.
Суорун ОмоллоонӨссө ити аҥаар уһуга суоҕа. Амма Аччыгыйа Ол эрээри, Украина норуота тыыннаах этэ, кини өссө бэриммэт этэ. ХС
Өссө холобурдар (1)
Русск. ещё