ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эр

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы муж, супруг

English man, male

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

Дьахтар кэргэнэ

Нууччалыы Муж, супруг

  • Хотуой, Кылааннаах Кыыс Ньургун, эн аналлаах эриҥ Дьулуруйар Ньургун Боотур бу турар – маны сөбүлүүгүн дуо? Ньургун Боотур. Маайа эригэр -- утары саҥаран ботугуруур.
    Амма Аччыгыйа
  • Кырдьык, анараа кыыс кырдьаҕас эриттэн куотан кэлэн сырыттаҕа дуу?
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

Хорсун-хоодуот киһи

Нууччалыы Мужественный, смелый человек, мужчина, храбрец

  • Эр сүрэҕинэн, эһэ тыҥыраҕынан (өс хоһ.). Оччоҕо мин хоһуун булчут эр Бу тайҕа киэҥ иэнин кэмниирим.
    С. Данилов
  • Өлбүт-өспүт эрдэр, Үтүө ааккыт сүппэт
    Эллэй

3 этии #

Нууччалыы Смельчак, храбрец, удалец, добрый молодец

Этиилэр

Оҕо (эр киһи) санаата (сүрэҕэ) тааска көр таас I

  • Эр дьон төһө да бырааттыы буолбуттарын иһин сүрэхтэрэ тааска буоллаҕа дии, онон өй-санаа туспа, суол-иис туспа буолтун кэннэ арахсар да баар буолуо, өстөһөр да баар буолуо.
    П. Ойуунускай

Эр антах бар

аан антах бар (түс) диэн курдук (көр антах).

  • Көр эрэ маны, хамнастарын быстарбыттарыттан син эйиэхэ тиксиэ суоҕа. Эр антах баран истэхтэрэй. Айысхаана.

Эр бэрдэ

уһулуччу хорсун, сытыы-хотуу, талыы үчүгэй киһи Эрбэх саҕа эрээри, эр бэрдин тутар үһү (тааб.

  • : төҥүргэс). Икки эр бэрдин куоракка ыыппыттара аара бандьыыттарга түбэспит сурахтара иһилиннэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Чэ, эһиги бачча эр бэртэрэ киирэн сылгыны дэлби үүрэн таһаарымына олоруҥ!
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Эр бэрдэ хараҕын кырыытынан Эргим-ургум көрүтэлээтэ.
    С. Васильев

Эр дьон холумтаннарыгар үктэннэримэ көр дьон

  • Ийэтэ Андрейката ол [үлэҕэ] кэпсэтиитин дьонтон истэн баран, киэһэ уолугар кыыһыран көрбүтэ да, аҕалара туох иһин эр дьон холумтаннарыгар үктэннэрбэтэҕэ: "Эдэр киһи сөбүлүүр үлэтигэр сырыттын. Оҕом саамай сөпкө гыммытһ. "Кыым".

Эр киһи элээмэтэ көр элээмэ

  • Ханныгын да иһин эр киһи элээмэтэ буоллаҕым. НАГ ЯРФС II.

Эр санааны ылын

күүстээх, хорсун санаалан.

Набраться мужества, смелости.

Эр сүрэхтээх

туохтан да куттаммат, толлубат, хорсун.

Мужественный, смелый (букв. с мужественным сердцем).

  • Сымнаҕас майгылаах дьон ордук эр сүрэхтээх буолаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Итини барытын эр сүрэхтээх, эрчим санаалаах эрдэ турар киһим көрөн, көмүскэтин иччитин күндүлүүр, күүстээх түөһүнэн толору көҥүллүк тыынар.
    Суорун Омоллоон

Эр сэнэҕим эһиннэ көр сэнэх

Дьааҥы уһулу ойон тахсыбыт хайатын дабайа сатаан эр сэнэҕэ эһиннэ. С. Федотов. Эрэй бөҕөнү көрөн, эр сэнэхпит эстэн, санаабыт сирбитигэр дьэ тиийдибит. И. Данилов. Эр тиэтэлинэн түөлбэ. – олус түргэнник, ыксалынан.

Очень быстро, споро.

  • Витя, бүгүн оҕонньору күнүскү омурҕаныгар баттаһыам диэн, эр тиэтэлинэн кэлбитэ.
    Н. Заболоцкай
  • Ойоҕуҥ бу эйиэхэ сурук ыыппыта уонна эр тиэтэлинэн кэллин диэн илдьиттээбитэ. Нэртэ.

Эр хаанын киллэрэн (ылынан)

харса суох быһыыланан, хорсуннук сананан, кытаанахтык сорунан.

Взяв на себя смелость; решившись на что-л., осмелившись.

  • Эр хаанын ылынан, олбуор иһигэр көтөн түстэ.
    Д. Таас
  • Доҕоттоор, эр хааҥҥытын киллэриҥ!
    И. Сосин
Өссө холобурдар (1)

Эр ыл

1) тугу эмэ оҥороругар туохтан эмэ санаата күүһүрэн, тэптэн.

Набраться смелости, храбрости.

  • Хара бытыктаах Миичэкэ диир киһилэрэ аҕабар өссө чугаһаата, эр ыллаҕа.
    А. Сыромятникова
  • Оҕолор, сонуннарын дьонноро сэргээбиттэриттэн эр ылан, илин былдьаһа-былдьаһа, кэпсээн ыһан-тоҕон бардылар. НС ОК. Арыпыана, киһитэ тута кыыһырбытын биллэрбэтэҕиттэн, саҥарбатыттан эр ылан, ордук лаппыйан этэн иһэр. “Чолбон”; 2) Эрдийэн, куттаммакка, харса суоххар түһэн. Обнаглеть, рапсоясаться. Куттанымаҥ, дьик-дьах буоллахха, ат эр ылааччы. Ыл, миинэн кэбис.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Кыыллара арахсыбат. Арахсыахтааҕар, эбии эр ылан, киһиттэн өрүү да күрэммэт буолан истэ. “ХС”

4 этии #

Нууччалыы Выходить замуж

Этиилэр

Эргэ бар (таҕыс)

эр киһиэхэ ойох таҕыс Мин эһиэхэ барарбар аҕам кыыһыра хаалбыта.

  • Эн эргэ бараары эр була бардыҥ диэбитэ.
    Саха фольк

Сөптөөх баай киһиэхэ эргэ таҕыс диири

буолбаккын.

  • Ханнык эмэ куорат киһитигэр эргэ тахсан хаалыа суоҕа дуо?
    ХС

Эргэ биэр

кыыһы, дьахтары эр киһиэхэ ойох биэр.

Отдавать в замужество, выдавать замуж.

  • Куһаҕаллай диэн киһиэхэ эргэ биэрэллэр.
    Саха фольк
  • Хайыамый, ама били былыр күүстэринэн эргэ биэрэр кыыстарыныы моҥнон өлүөм дуо?
    Н. Лугинов

Эр дьон көр дьон

  • Эр дьон ордуктар буолбат дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Үлэни кыайар-хотор эр дьон бүтүннүүтэ аармыйаҕа бараннар, холкуос үлэтин дьахталлар, оҕолор, оҕонньоттор сүкпүттэр. Софр. Данилов. Эр дьон эр дьон буоллахпыт Ханна барыай сыыһабыт: Холус туттуу, хаҥыл саҥа, Хабараан да сыһыаммыт.
    НАГ АБС

Эр киһи

аҕа буолар аналлаах сиппит-хоппут киһи.

Мужчина.

  • [Далбарай:] Оттон эр киһигин дии, сүбэтин бул ээ.
    Н. Неустроев
  • Дьиэ иһиттэн икки эр киһи хардаҕастары иһирдьэ ыспытынан бардылар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)

Эр луҥха көр луҥха

Хайа, доҕоор, Сөдүөт! Хайдах эр луҥха туттан киирдиҥ? В. Яковлев. Кириилин эр луҥха көрүҥэр үөрүү сырдыга сыдьаайарын Таня тута сэрэйэ охсор. Л. Попов. Сизов эр луҥха куолаһа туохха да уолуһуйбакка, итэҕэтэрдии этэрэ. М. Горькай (тылб.). Эр оҕо эргэр. – уол оҕо.

Мальчик.

  • Кылгас сарыы сонноох уончалаах эр оҕо элбэрээктээх чаачар саа оҥостон хадьыктаһар.
    Болот Боотур
  • Быттааны Сүөдэр кэнники дьахтарыттан төрөөбүт биир эр оҕо.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (1)
  • Ат уулата турдахтарына, биир эр оҕо уу баһа сүүрэн киирбит. ДСЯЯ. Эр ортото эргэр. – эр киһи орто сааһа. Зрелый возраст мужчины.

Эр соҕотох

кэргэнэ, ойоҕо суох, соҕотох, аҥаардас киһи.

Одинокий, неженатый, холостой мужчина.

  • Суос-соҕотох сордоох буолар, эр соҕотох эрэйдээх буолар (өс хоһ.). [Манчаары:] Ыалдьар эттээх, ытыыр, ынчыктыыр уйан куттаах-сүрдээх эр соҕотохпун.
    И. Гоголев

Эр сулуута көр сулуу

  • Байаҕантай Бахсыгыр оҕонньордоох тохтооннор, кыайбыт суолларыгар атах соболоҥун, эр сулуутун куттаран, уон икки боһомону ылан уураллар. Саха сэһ. I. Кээрэкээн ойуун: ”Кыайдыгыт, эр сулуутуна куттаран ылан баран, тохтоон болҕойуҥ“, – диэн көрдөһөр. БСИ ЛНКИСО-1938.

Эр талах көр талах

  • Эр талах бөлөхтөөн үүнэр. Тюрк. эр
II

6 туохтуур #

ан сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн, уһуннук буолар хайааһын саҕаланыытын көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастием на -ан основного глагола обозначает начало продолжающегося действия. [Дьаакып:] Тугу саҥаран эрэрэ буолла

7 туохтуур #

ан сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн, хайааһын саҕаланыаҕыттан төһө эрэ кэмҥэ эбэтэр кылгас кэмҥэ буоларын көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастием на -ан основного глагола обозначает протяженность действия от начала до определённого предела или совершаемость действия в ограниченных отрезках времени

  • Бэйи, сарсыҥҥа-өйүүҥҥэ диэри тохтоон эриэххэ.
    Н. Якутскай
  • Миигин күүтэн эрээр.
    ХС
  • Манна туран эр. ЯР
    С. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • ДТС ер ʽбыть, находиться’, тюрк. эр ʽбыть’

«Э» буукуба