Перевод с якутского
умай
туохтуур
Нууччалыы поддаваться действию огня; уничтожаться огнём, гореть
English to burn, to burn out, to burn up
Ис хоһооно · 19
1 туохтуур #
Уокка сиэнилин; уокка сиэниллэн суох буол
Нууччалыы Поддаваться действию огня; уничтожаться огнём, гореть
Ол улахан дьиэ умайбыта. Н. Габышев Туос умайбыт сыта хайа да киһи муннугар ураты минньигэстик сайа охсон киирэр. С. Маисов Сүүрбэччэ сыл устата сыымайдаммыт суруктар умайдахтара… Т. Находкина
2 туохтуур #
Сырдыгы биэр, сырдат
Нууччалыы Излучать свет, гореть (об источнике света)
Онон-манан ыйаммыт лаампалар борук-сорук умайдылар. А. Никифорова Таҥара дьиэтин чүмэчилэрэ чипчилиҥнэһэ умайаллар М. Доҕордуурап
3 туохтуур #
Оттулун (оһоҕу этэргэ)
Нууччалыы Быть растопленным, топиться (о печи)
Били нуучча тойон Туллайдаах дьыалаларын уоран ылан, умайа турар оһоххо анньан кэбиспит. Н. Павлов Көмүлүөк оһох күлүбүрэччи умайдаҕына, соҕотохсуйбут, сылайбыт-элэйбит айанньыты көнньүөрдэр. ХС [Түүлгэ] оһох үчүгэйдик, суостаахтык умайара – имэҥнээх, уохтаах тапталы түстүүр. БРИ ТТ
4 туохтуур #
Күлүмүрдүү сандаар, чаҕылыйа тык (хол., күн уотун этэргэ)
Нууччалыы Ярко светиться, блестеть (напр., о свете солнца)
Дьүкээбил уота араас өҥнөөх сарбынньах уотунан умайар.
Суорун ОмоллоонИһэр суолбут устунан Ирим-дьирим кутуллан, Күммүт уота умайар. П. Тобуруокап Кыһыҥҥы түүн. Дьыбардаах тымныы… Сулустар умайаллар Баал Хабырыыс
5 туохтуур #
Уоттаах курдук буол, кылабачый (хараҕы этэргэ)
Нууччалыы Сверкать, блестеть (о глазах)
Арай эрилкэй чох хара харахтара өһөстүк, сытыытык умайаллар. Н. Габышев Дьикти уоттарынан умайбыт харахтар Александры көрөллөр. М. Доҕордуурап Ойоору гыммыт бэдэр хараҕын курдук суостаах харахтар дьирибинэһэ умайан ылбыттара И. Гоголев
6 туохтуур #
Кураантан иинэн, кууран хат, күн уотугар кубарыйа сиэн (үүнүү туһунан)
Нууччалыы Сгорать, выгорать (об урожае)
Бурдук умайда. Индияҕа ыам ыйыгар ханна нүөлсүтүү суох сиригэр үүнээйи умайар. МНА ФГ
7 туохтуур #
Итийэн көөймөһүн эбэтэр сытый (от, бурдук туһунан)
Нууччалыы Преть или гнить, нагреваясь (о сене, пшенице)
Кэбиһиилээх от умайбыт. Саһыл Уйалаахха куппут маҥхааһайдаах бурдукпут умайан эрэр. В. Яковлев Кыладыапсык Охонооһой бурдуга биирдэ да сытыйбыта, умайбыта, сыыстааҕа иһиллибэт этэ ХБИДК
8 туохтуур #
Итий, кытар (сирэй, иэдэс туһунан)
Нууччалыы Краснеть от прилива крови, гореть (о лице)
Хаһан этэй, Ханна этэй Умайар кыһыл иэдэһин Уоспунан алҕас таарыйбытым? С. Васильев Наташалаах Николай сирэйдэрэ умайар, олус аччыктаабыттар уонна олус сэргэхсийбиттэр. Л. Толстой (тылб.)
9 туохтуур #
Тугуҥ эмэ ыалдьан итий
Нууччалыы Быть в воспалённом состоянии
“Илиим уотунан умайар… Өлөөрү гынным”, – диэхтии-диэхтии ытыыра. Н. Якутскай Кинээс көхсүн иһэ итии болгуолуу сирэлийэн умайарга дылы буолла. М. Доҕордуурап Лаврентий Николаевич иһэ аһыйталыыр, умайар Н. Габышев
10 туохтуур #
Уот умайарын курдук кытара кыыс (кыһыл өҥнөөх туох эмэ, хол., былаах туһунан)
Нууччалыы Становиться огненным, ярко-красным, алеть (о чём-л. красного цвета, напр., о флаге)
Умайар кыһыл хаалтыстаах Пионердар иһэллэр. С. Данилов Кыһыл былаах үрдүк мачтаҕа тэтэрэ умайбытынан барда. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кэлэр кэрэ ыччатым Кэлэр суолугар Кремль кириэппэс Умайар уот сулуһа Күнүн аайы Түөскэр тыктын! С. Зверев
11 туохтуур #
Туох баар күүскүн-кыаххын биэрэн, үлүһүйэн туран тугу эмэ гын, оҥор
Нууччалыы Отдаваться полностью какому-л. делу, отдавать все силы на что-л
Үлэтигэр наар умайа сылдьар, аны күһүн-саас кыратык иллэҥсийдэр эрэ булт диэбитинэн сылдьар. Е. Неймохов Ол иһин үөрэххэ тууһуран, Утатан, умайан турбутум, Билиигэ, сайдыыга дьулуһан, Биир бигэ тосхолу булбутум. Күннүк Уурастыырап [Эн бэлэхтээбит] Уруучукаҕын туттарбын эрэ -- Аптаах курдук уларыйабын, Айар уотунан умайабын Ф. Софронов
12 туохтуур #
Сүлүһүннээх бэссэстибэттэн (үксүгэр арыгыттан) этиҥ-хааныҥ сүһүр
Нууччалыы Отравиться ядовитым веществом (обычно об алкогольном отравлении). [Испирдиэн] Элбэхтик истэҕинэ ииримтийэр, Соппуойдаатаҕына умайар
Эйиэхэ [арыгыга] умайбыт дьон хаанныын Хараара өлөллөр мэлдьитин. И. Гоголев Оок-сиэ, бу тугуй? Арааһа, били арыгыттан умайаллара диэн бу буоллаҕа дуу? Э. Соколов Итирдэр утахтары олус элбэхтик иһэн, умайан өлөллөр. “ Кыым
13 туохтуур #
поэт. Күүскэ тэп, мөҕүс (сүрэх туһунан)
Нууччалыы Биться, стучаться (о сердце)
Күүрэн, тэбэн бардамнаан, Сүрэх, уоттуу умайыый. Күннүк Уурастыырап Туойан иһэммин ах гына Тохтоон, сүтэн хааллахпына, Оччоҕо этиҥ: сүрэҕэ Дьэ умайан бүттэҕэ. С. Данилов Эн [сүрэҕим] миэхэ доҕорум буолларгын Умайыый, оргуйууй күн ахсын И. Гоголев
14 туохтуур #
Олус айманан, эмискэ түргэниик саҥар, айдаара түс
Нууччалыы Говорить неожиданно взволнованно и быстро
Оҕолор чуор куоластара умайа түстэ. Амма Аччыгыйа “Ол эйиэхэ [кулубаҕа] бу күөлү ким анаан айбытай? Уопсастыба күөлэ, уопсастыба үлэлээн ылбыт балыга”, – диэн Петрушкин саҥата умайа түстэ. М. Доҕордуурап “Уйбаан, “биһиги, ыччаттар” дии-дии хабарҕаҥ муҥунан куолулуургун сөҕөбүн”, – аны Таня умайан туран кэллэ Э. Соколов
15 туохтуур #
Сотору-сотору тыаһаа (төлөпүөн тыаһын туһунан)
Нууччалыы Звенеть беспрерывно (о телефонном звонке)
Уйбааннаах дьиэлэригэр түүннэри-күннэри төлөпүөн умайан олорор А-ИНА ДьБО
16 туохтуур #
Кими эмэ аһара күүскэ таптаа
Нууччалыы Испытывать сильное чувство любви
Кирилл икки сыл устата аҥаардас таптал уотугар умайбыта. Н. Габышев Эйигин биир кыыс таптаан умайара эрэ хаалбыт. М. Попов Биһиги эһэҕинээн икки өттүттэн сөбүлэһэн ыал буолбуппут да, олус таптал уотунан умайбыппытын өйдөөбөппүн Т. Находкина
17 туохтуур #
калька. Мөлтөө-ахсаа, сымсаан биэр (өй-санаа, уйулҕа өттүнэн)
Нууччалыы Ослабевать психологически
Кэмниэ-кэнэҕэс Пашаевтыын тустарыгар Саша “умайбакка” тиийбититтэн -- биһиги олус үөрбүппүт. ПП ОА. Уолаттары кытта аҕыйах көрдөөх тылынан бырахсан кэпсэтэбит, билигин өйү-санааны буолаары турар хабараан хапсыһыыларга түмэр эрдэ – “умайан” хаалыахтарын сөп. ПП. ОА
18 этии #
Нууччалыы У него жар, повышенная температура (букв. у него горит тело)
Этиилэр
Бытыга умайбыт көр бытык
Уурай диибин! Эбэтэр хайыы-үйэ бытыгыҥ умайда дуу? ХС уот тыллаах көр уот II. Ийэтигэр олох майгылаабат, умайар уот тыллаах, олус чобуо кыысчаан. И. Гоголев
Уотунан умайар көр уот II
“Хайа, бу аҕалбыт кэһиигиттэн бэйэҥ сиэбэккин дуо?” – диэтэ эр киһи саҥата. Ол кэнниттэн айаҕын тыаһа уотунан умайда. Н. Неустроев “Ынаҕы хостоһоҕун дуу?!” – диэн Лука саҥата уотунан умайбыта. Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
Саҥаран-иҥэрэн, уотунан умайан, ордоотоон киирбитэ буруйдана кэлэ сытар киһи истиэҕэр, кырдьык, дьулаана сүрдээх этэ. Н. Заболоцкай
Этэ умайар
ыалдьан этэ-сиинэ итийэр Арай иһэ курдьугунуур этэ, киэһээҥҥинэн сараччы үллэн барбыта, төбөтө ыалдьыбыта, этэ умайбыта.
Түүн аны кыайан утуйбата. Суорҕанын сабыннаҕына итииргиир, этэ умайар.
Н. ЛугиновМичил ыалдьан уһуктубута, этэ уоттуу умайар, тамаҕа кууран хаалбыт. И. Федосеев
19 этии #
Нууччалыы Природный газ
Этиилэр
Умайар гаас
сир анныттан ылыллар оттук, уматык, айылҕа гааһа Бүлүү төрдүгэр Таас Тумуска уонна Соһо Хайаҕа [сирдэр ааттара] бараммат саппаастаах умайар гаас көһүннэ.
ӨХ. Умайар гаас дэлэйдик үөскээн сытар сирдэрэ бааллар. СПН СЧГ. уот куйаас (кураан) көр уот II. Туох барыта умайар уот куйаастан ууллан туймаарыйа нухарыйбыкка айылаах. Софр. Данилов. Умайар уот кураан сатыылаата. А. Пахомов
Умайбат дьааһык көр дьааһык
Сааны аналлаах умайбат дьааһыкка уган харайаллар