ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыһыгын

туохтуур

Нууччалыы отпустить, выпускать из рук, выронить что-л

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Тута, кыбыта биитэр ытыра сылдьаргын ыытан кэбис, төлөрүт, төлө тут

Нууччалыы Отпустить, выпускать из рук, выронить что-л

  • Ньургун киһитин атаҕын тута түһэн баран ыһыгынна, арааһа, кырдьык, тустуук быһыылаах. Уйбаан Ойуур. Эһэ өлөрүгэр ыһыктыбакка хам ытыра сылдьыбыт Бардырҕай илиитин бэркэ сэрэнэн, нэһиилэ араараллар. ЖЕА ТС. Ити икки тылтан дьон дьик гыннылар, тутан туралларын сиргэ ыһыгыннылар
    Күрүлгэн

2 туохтуур #

Эккин-сииҥҥин кыаммакка босхо ыыт (хол., сэниэҥ суоҕуттан)

Нууччалыы Ослабнуть (от усталости), подогнуться, подкоситься (о ногах)

  • Долгунова дыыгынас, эрчимнээх этин-сиинин ыһыктан, икки тоҕоноҕунан ньилбэгиттэн тайанан олордо.
    Е. Неймохов
  • Кээтии тугу да интэриэһиргээбэт ээл-дээл көрүҥнэнэн, илиитин-атаҕын ыһыктан, сирэйэ-хараҕа суулла түспүтэ.
    П. Аввакумов
  • Хаас кынаттарын адьас ыһыктан кэбиһэн баран, айаҕын атан олорор
    Күрүлгэн

3 туохтуур #

Бэйэҥ киэҥҥин харыһыйа-харыһыйа, ыарыргыы-ыарыргыы атын киһиэхэ биэр

Нууччалыы Давать, отдавать что-л. своё кому-л., выпускать из рук (нехотя)

  • Микиитэ -- Улаанчык барахсаны эрэ кимиэхэ да ыһыктыбат санаалаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол Мэхээлис оҕонньор хайаан эйиэхэ ыһыктыбытай, бу үйэҕэ балык бэрсэн өҥөлөспөт этэ.
    С. Ефремов
  • Платон Алексеевич мэктиэлээн, сарсыҥҥа эрэ диэри иэс ыһыгынна
    Н. Павлов

4 туохтуур #

Халбаҥнат, төлөрүт (хол., санаабыккын – буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Отступать от чего-л. (напр., от задуманного – употр. в отриц. ф.)

  • Солтуохап санаабытын ыһыктыбат дьүккүөрдээх киһи буолан биэрбитэ.
    П. Аввакумов
  • Тулуй уонна санаарҕаама, Люда, кытаат, күүстээх санааҕын ыһыктыма. ДС ААА. Устудьуон олоҕо араас кыһарҕанынан да ыктар, оҕо барахсан үтүөҕэ эрэлин ыһыктыбат буола сатыыр
    Чолбон

5 туохтуур #

Хайа эмэ өттүнэн уларыйан, туох эмэ хаачыстыбаҕын, бэлиэҕин сүтэр (буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Терять, утрачивать какие-л. особые качества или свойства (употр. в отриц. ф.)

  • Эн кинилэртэн үчүгэй эрэ өрүттэрин ылаҥҥын, бэйэҥ иитиллибит төрүт майгыгын ыһыктаайаҕын.
    Н. Лугинов
  • [Миитэрэй:] Биһиги сылгыларбыт хааннарын ыһыктыбаттарынан үчүгэйдэр.
    П. Аввакумов
  • Бары үлэлиир тэтимнэрин ыһыктыбакка, атыыһыттаан имитэ-хомута тураллар.
    У. Ойуур
Өссө холобурдар (1)
  • Кэбиһиилээх от төһө өргө диэри хаачыстыбатын ыһыктыбакка турара хайдах кэбиһиллибититтэн тутулуктаах
    ААФ ОИОИС

6 туохтуур #

Аас, үтүөр (ыарыыны этэргэ)

Нууччалыы Проходить, отпускать (о болезни)

  • Хабырылла эрэйдээх ыһыктыбат ыарыыга хам ылларан, күн сириттэн матар кэмэ кэллэҕэ
    Чолбон

7 туохтуур #

Сорох сыһыаты кытта соһуччу, олус түргэнник буолар дьайыыны көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями выражает внезапность, мгновенность действия

  • Хамначчыт уол сүгэтин төлө ыһыгынна, Манчаары иннигэр сөһүргэстээтэ.
    И. Гоголев
  • Оҕонньор биир балай эмэ сонос баҕана сытарын аҥаар баһыттан өрө анньан ыачахтаһан иһэн, кыайбакка төлө ыһыктан кэбиспитэ.
    Р. Кулаковскай
  • Фаина уолун көрөөт, үөрүүтүттэн солуурун мүччү ыһыктыбыта
    Айысхаана

8 этии #

Нууччалыы Не терять самообладания в критической ситуации, не растеряться

Этиилэр

Бэйэ бодотун ыһыктыбат

ханнык да мүччүргэннээх түгэҥҥэ, ыксал тирээтэҕинэ уолуйбат, өйүн тута сылдьар, өйдүүр дьоҕурун сүтэрбэт Ол эрээри булчут өйүн сүтэрбэтэх, бэйэ бодотун ыһыктыбатах.

  • Олег Дмитриевич ханнык да тыҥааһыннаах, тургутуулаах түгэҥҥэ бэйэ бодотун ыһыктыбакка таба туттунарын, тулуурдаах модун күүһүн көрө сөхтө. Огдо. Ол гынан баран, кылаабынайа, бэйэ бодотун ыһыктымыахха, олус уолуйумуохха эрэ наада.
    ЖЕА ТС

Киһилии бодоҕун ыһыктыма

бэйэ бодоҕун түһэн биэримэ диэн курдук (көр бэйэ).

  • Сахаҕа сиэрдээх киһи, оннооҕор, түһээн киһилии бодотун ыһыктыбат.
    БРИ ТТ

Өйүн ыһыктыбыт көр өй

Охоноон оҕонньор тэтиэнэх бэйэтиттэн ордон хаалбыта

дьиэ иһинээҕи эйгэни кытта ситимниир өйүн өссө ыһыкта илик.

  • Айысхаана.

Сүһүөххүн ыһыгын көр сүһүөх I

  • Киһитэ Чом Даадар ыар илиититтэн -- сүһүөҕүн ыһыктан, умса туруйалаабыт.
    Далан
  • Турбут сиригэр өйүн сүтэрэн, сүһүөҕүн ыһыктан, охтон түспүтэ.
    ЖЕА ТС

Туппут илиитин ыһыктыбат көр тут I

  • Сатыров ылынан баран туппут илиитин ыһыктыбатын, оҕус курдук дьулуурдааҕын көрдөрбүтэ.
    Далан
  • Охоноос бытаан буолан баран, туппут илиитин ыһыктыбат, өйдөөбүтүн умнубат уонна барыларыттан сымнаҕас майгылаах оҕо этэ. Ойуку.

Тыл ыһыгын көр тыл II

  • Эр дьон ыксаабыттара: "Бу икки уол сатанымаары гыннылар!" Ү– диэн тыл ыһыктыбыттара.
    Далан
  • "Тумул" сопхуос дириэктэрэ Михаил Гаврильевич тоҕо эрэ эҕэлээхтик тыл ыһыгынна.
    В. Титов
Өссө холобурдар (1)
  • "Аата саатын даа, кыбыстар, саатар диэни билбэт буоллаҕа дуу?" – Тыппыа тыл ыһыгынна.
    А. Бродников

Ытырбытын ыһыктыбат көр ытыр

Ычатын ылларар (ыһыктар) көр ыча

  • Оҕонньор эрэйдээх ычатын ыһыктыбыт этэ. Ср. др. -тюрк. ычҕын ‘выпускать, терять, лишаться’

«Ы» буукуба