ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суох

частица, кэнники тыл, даҕааһын, сыһыат, тыл, туохтуур

Нууччалыы нет

English there is no

Ис хоһооно · 9

1 даҕааһын #

Нууччалыы нет

English there is no

  • Мин бэриэмэм суох.
    у меня нет времени.I have no time.

2 даҕааһын #

эб. Саҥарааччы этиллибиккэ оннук буолбатах диэн утары этэр, сөпсөспөт, аккаастанар хардата

Нууччалыы Употребляется при отрицательном ответе, при выражении несогласия с чем-л., нет

  • Суох, суох... Дьиэҕэ эрэ киириэм суоҕа...
    А. Софронов
  • – Даша, хайа туох буоллуҥ, ыалдьыбыккын дуу? – Суох, ыалдьыбаппын.
    М. Доҕордуурап
  • [Михаил:] Суох, оҕонньор, биһиги төннөрбүт сатаммат
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
  • Эһиги эппит тылгытыттан туоруом суоҕа. Ньургун Боотур. Улахан үөскэ киһи сатаан айанныа суох.
    Эрилик Эристиин
  • [Николай:] Көмөтө суох кыайан хаамыа суохпун
    С. Ефремов

3 даҕааһын #

суолт. Үөскэтиллибит -лаах сыһыарыылаах даҕааһын буолбат форматын үөскэтэр

Нууччалыы Образует отрицательную форму производного прилагательного на -лаах

  • Тыла суох. Атаҕа суох.
  • Сэмэн Бэһиэлэйэп хараҕа суох Сүөдэргэ тугу эрэ сэһэргээн хаҥынайар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыала суох, ичигэс, уу-чуумпу киэһэ.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (4)
  • Ол туох да сайдыыта суох дьон тугу билээхтиэхтэрин сөбүй?
    С. Ефремов
  • Улахан баайа суох, айаҕын эрэ ииттэр сэниэ киһи эбит
    МНН
  • Тула өттүбүтүгэр туох да тыас-уус суох.
    Н. Якутскай
  • Киһи хаама түһүөх иллэҥ сирэ суох. Софр. Данилов. Дьиэҕэ биир да эр киһи суох
    Күннүк Уурастыырап

4 даҕааһын #

суолт. Сыһыат сорох формаларын үөскэтэр

Нууччалыы Образует некоторые наречия с отрицательным значением (напр., непрерывно, без вести и т. д.)

  • Лоокуут өр саҥата суох олорбута. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тыал эрэ быыстала суох куугунуур.
    Н. Заболоцкай
  • Ууга тааһы бырахпыт курдук сураҕа суох сүппүтэ
    Ф. Софронов

5 туохтуур #

уур буолбат форматын үөскэтэр

Нууччалыы Образует отрицательную форму будущего времени глагола

6 туохтуур #

Баар буолбатах, мэлигир (этиигэ кэпсиирэ буолар)

Нууччалыы Не имеется налицо, нет в наличии, не существует (в знач. сказуемого)

7 этии #

Нууччалыы Падать замертво (о добыче на охоте)

Этиилэр

Быара суох барда (ыыталаата, ыытта) көр быар

  • Хайа, Маайа, туох айылаахтан быара суох бардыҥ?
    В. Гаврильева
  • [Балаатаҕа сытааччылартан] иккиһэ дөрүн-дөрүн көрүдьүөстээхтик саҥарталаан, дьонун быара суох ыыталыыр сүүрбэччэлээх Коля.
    Р. Кулаковскай

Иччитэ суоҕунан көрөр көр иччи

  • Кини иччитэ суоҕунан көрбүт муус чаккырыас харахтара бу кэмҥэ олус сытыытык, оттомноохтук көрүтэлээн ыллылар.
    П. Филиппов

Сирэйэ-хараҕа суох көр сирэй-харах

  • Өстөөх сирэйэ-хараҕа суох бүлүмүөт уотун аспыта.
    ХС
  • Аны санаатахха, атыыһыттар кэнэн дьадаҥы эбээннэри олус да сирэйэ-хараҕа суох албынныыр эбиттэр.
    А. Кривошапкин

Сыта да суох көр сыт

  • Дьиҥэр, онно промышленность сыта да суох. ПН ДЫ. Уот умуллан эрэр эбит, тула киһи чээччэйбит суола көстөр да, французпут сыта да суох.
    ХС

Тыла суох барда

тута өллө (булка сыһыаннаан этэргэ) Көрбүтүм – үс куба тыла суох барбыт.

  • Кини бу сырыыга үчүгэйдэттэ: үс моонньоҕон тыла суох барда, биир сатыылаан өрө даллаахтыы түстэ.
    Д. Таас
  • Кэлин уоскуйан баран көрбүтүм: сүүрбэ түөрт анды тыла суох барбыттар.
    ХС

Тыла суох ыыт

кими эмэ саҥатыттан матар, саҥарарын тохтот.

Заставить замолчать кого-л., лишить дара речи.

  • Сытыы кыыс биһигини тыла суох ыыталыырыттан кини күлэрин туттуна сатыы олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини тугу да саҥарбакка эрэ, аҥаардас хомойо быһыытыйбыт наҕыл мичээринэн биһигини тыла суох ыыталыыр буолара.
    ХС

Үүнэ-тэһиинэ суох бар көр үүн

Дьокуускайдааҕы духуобунай сэминээрийэҕэ ити саҕана үүнэ-тэһиинэ суох барбыт реакционер, манархыыс Тихоновскай преподователинэн үлэлиирэ. "ХС". Бу барыта А. Н. Островскай ыраахтааҕылаах Россияҕа үүнэ-тэһиинэ суох барбыт бардам баайдары саралыы тардыбытын санатар. "ХС". Хараҕа суох кэпс. – түгэҕэ биллибэт, дириҥ.

Бездонный, глубокий.

  • "Атын сиргэ баран оттооһун хараҕа суох дириҥ ороскуот", – диэтэ Яков. М. Доҕордуурап

8 этии #

Нууччалыы Безмерно, очень много, сильно. – Быйыл төһө куһу сиэтилэр? – Кэмэ суох өлөрдүбүт

Этиилэр

Кэмэ суох

олус, наһаа Далан.

  • Лоокуут -- Ньургуһуну кытта булка бииргэ сырыттаҕына ол күн сүрэҕэ-быара кэмэ суох үөрэрэ, ол курдук астык буолара, мэктиэтигэр, бултуйара да элбииргэ дылы буолара. Дьүөгэ Ааныстыырап.

Муҥура суох көр муҥур I

Норуот өйө дириҥин, уустук санаата муҥура суоҕун кини бэл саамай кыра, көр курдук айымньыта – таабырын – туоһулуур. Саха фольк. [Дуня:] Миша, доҕоруом, сылдьарыҥ былаһын тухары муҥура суох таптыыр доҕордоохпун диэн өйдүүр буол. С. Ефремов. Суох буол харыс т. – өл.

Умереть, уйти из жизни. Россия гениальнай поэта Некрасов суох буолла. Эллэй.

  • [Сүөкүлэ:] Хайдах да итэҕэйбэппин, Киирик суох буолан хаалбытын...
    С. Ефремов
  • Айар идэ кистэлэҥ Аанын чахчы арыйаат, Суоруматык суох буолан, Соһуппута доҕорбут. ПИ КТ. Суох гын харыс т. – өлөр. Убить, уничтожить. Өстөөхтөр мин оҕобун суох гыммыттара.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • [Геолог:] Дьэ, онон, Киирик Николаевич, өстөөхтөр ону билэннэр эйигин суох гына сатаабыттар эбит.
    С. Ефремов
  • Өлөксөйү итинник түргэнник суох гыныахтара дии санаабат этэ.
    Ф. Захаров

Суох оҥор

кими-тугу эмэ эс, кыдый.

Уничтожать, ликвидировать кого-что-л.

  • 1924 сылтан 1927 сылга диэри -- үөрэҕэ суоҕун суох оҥорбут нэһилиэнньэ ахсаана тоҕус тыһыынча аҕыс сүүс киһи буолбута ыйыллар.
    Н. Яковлев
  • Көмүс чыычаахтарбытын сэймэктиир, күн сириттэн суох оҥортуур ньиэмэстэр диэн хайдах сирэйдээх-харахтаах дьоннор үһүлэрий?
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • "Эһиги сарсын ол бөдөҥ халыыбырдаах бүлүмүөтү суох оҥоруҥ", – диэн Процкай бирикээстиир.
    В. Быков

Үрдэ суох көр үрүт

  • Үс тыһыынчалаах Розалия Гаврильевна Троева үрдэ суох хайҕанар. КН ТДь. Үрдэ суох үөрүү, онтон эмиэ сирии, атыны, ордугу көрдөөһүн.
    ХС
  • Тюрк. йок, йох, юк, чок, дьок
II

9 #

ыан т. Саҥарааччы этиллибиккэ оннук буолбатах диэн хардатын, утары этиитин, сөбүлэспэтин, аккаастанарын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает отрицание, возражение, несогласие, отказ говорящего по поводу высказанных мыслей (нет)

Өссө холобурдар (1)
  • Суох, баһыыба
    ХС

«С» буукуба