Перевод с якутского
ыарыы
аат тыл
Нууччалыы расстройство, нездоровье, нарушение нормальной жизнедеятельности организма, недуг, болезнь
English pain
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Ким, туох эмэ ыалдьан доруобуйатын, чөл туругун сүтэриитэ, чэгиэн туруга кэһиллиитэ
Нууччалыы Расстройство, нездоровье, нарушение нормальной жизнедеятельности организма, недуг, болезнь
Ыарыы дьиҥнээх эрэйин Ыалдьар киһи өйдүүр дииллэр. Күннүк Уурастыырап Диагноз туруорбакка эрэ, мин ыарыыгын хайдах билиэхтээхпиний? С. Ефремов Ыарыыта ситэри үтүөрбэтэр да, Лаврентий Николаевич тупсарга дылы буолбута. Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
Таба ыарыыта турбут. Н. Заболоцкай Бу ыарыылар хортуоппуйу үүнэр да, харайыллар да кэмигэр сутуйаллар ФНС ССХА
2 аат тыл #
Ким эмэ ыарыыны этинэн-хаанынан билиитэ
Нууччалыы Ощущение физического страдания в какой-л. части тела, боль
Ыарыытын уҕарытыахтыы Аянитов умса түһэн, ыалдьар сирин ытыһынан ыга баттыы сатаата. Софр. Данилов. Ыарыытын тулуйа сатаан хараҕын быһа симтэ, алын уоһун хам ытырда. И. Гоголев Туран куотуохпун, өттүгүм ыарыыта кыайан сүүрдүө суох Н. Якутскай
3 аат тыл #
Тугунан эмэ олус үлүһүйүү, туохха эмэ дууһалыын, өйдүүн-санаалыын тууйа туттарыы
Нууччалыы Сильное, захватывающее полностью кого-л. увлечение кем-чем-л., страсть, пристрастие, интерес; страсть, любовь
Уум кэлэн биэрбэккэ, бульварга сылдьабын, Хоһоон суруйар ыарыынан ыалдьабын. Л. Попов Таптал диэн Кирилл Васильевич билэринэн, минньигэс муҥ, кэрэ ыарыы. Н. Габышев Ханнык да ыарыыттан санаа ыарыыта киһини ордук сотору кэбирэтэр Н. Павлов
Өссө холобурдар (3)
Туохха эмэ сайыннарар буолбакка, кэннин диэки тардар бөрүкүтэ суох көстүү. Θ Конёк, слабость, недостаток. Мин саныахпар, ол уруккуттан олоҕуран силиһирбит тыа оскуолаларын типичнэй ыарыылара: сыана формализма.
Н. ЛугиновОннук ыарытыган буолбатаххын, эн ыарыыҥ биллэр – олус иллэҥҥин. М. Доҕордуурап Ититэр систиэмэлээх олорор дьиэлэр тымныйыылара элбэх биричиинэттэн тахсар. Ол гынан баран дьиэ тымныйыытыгар икки сүрүн ыарыы баарын этиэххэ наада Кыым
4 этии #
Этиилэр
Сүрэх-быар ыарыыта көр сүрэх-быар
Сөбүлээбэт киһилиин олорууттан, сүрэх-быар ыарыытыттан -- хайа, оҕобут хатан-кууран бараарай? Т. Сметанин
Сүрэх-быар ыарыыта буол көр сүрэх-быар
Оннук сүрэх-быар ыарыыта буолла, кырдьыгы бар-дьоҥҥо этэн, арыый чэпчээн баран, бу күнтэн сүтэр ордук буолсу. А. Сыромятникова
Сүрэх-быар ыарыыта оҥоһун көр сүрэх-быар
Сорох оттон биир санааны күнү быһа сүрэх-быар ыарыыта оҥостон баран, эппэккэ мэлийэн сыттаҕа бу. В. Титов Шестаков төрөөбүт литературатын сүрэх-быар ыарыыта оҥостубута кими барытын истиҥник долгутар. "ХС"
5 этии #
Этиилэр
Аҕылаан ыарыы көр аҕылаан
Аҕылаан ыарыыттан талбыт курдук үчүгэй туруктаах ньирэйдэр өлөллөр. С. Федотов Улахан Ыстапаан биир дьыл аҕылаан ыарыыттан сүөһүлэриттэн ытыһын соттубута. "Чолбон".
Араҥ ыарыы көр араҥ
Мэхээлэ ойоҕо Тыытыгынай Мааппа диэн биэс уонуттан эрэ тахсыбыт дьахтар араҥ ыарыынан ыалдьыбыт үһү. С. Маисов
Дьарҕа ыарыыта
дьарҕа диэн курдук.
Түөннээһини, дьарҕа ыарыылары лаппа баһылаабыт. ФГЕ-СДь ӨӨСҮҮ.
Иирэр ыарыы көр иир I
Арааһа, иирэр ыарыы тураары гыммыт дуу диэтим. ИИА КК
Ис ыарыыта көр ис IV
[Ойуун] ис ыарыытын илбийдэҕинэ, аал уокка айах тутан алҕаан намылыттаҕына – барыта үтүөрэн, тиллэн, чэчирээн кэлэр үһү. А. Бэрияк
Көҕүс ыарыыта көр көҕүс II
Оҕом онтон ыла турбакка, көҕүс ыарыы буолан, муҥ бөҕөнү көрөн, үһүс сылыгар тиийэн өлбүтэ. Эрилик Эристиин Таба -- көҕүс ыарыытынан ыалдьыах көрүҥнээх буоллаҕына, бэтэринээр маҥнайгы көмөнү оҥорор. ХС
Көрөр ыарыы
көрөр диэн курдук.
Кыһыныгар эмээхсин биир сөмүйэтэ көрөр ыарыы буолан, олус муҥнанан баран, саҥардыы арыый буолан иһэн таҥараҕа тиксээри, хас да хонукка ыалга олорон хараланна. Амма Аччыгыйа Хаҥас илиитин сөмүйэтэ көрөр ыарыы буолбутун эмээхсиҥҥэ эмтэтээри кэлбит этэ. С. Маисов
Күөмэй ыарыыта көр күөмэй
Алёша күөмэйин ыарыыта муҥнаабыта хас да хонно. Г. Николаева
Куһаҕан ыарыы көр куһаҕан
Па, саҕы даҕаны, Куһаҕан ыарыыга хотторуом дуо, ама? Дьуон Дьаҥылы. Ол саҕана сыстыганнаах куһаҕан ыарыылар тарҕана илик кэмнэрэ. ФГЕ-СДь ӨӨСҮҮ.
Симэхтээх ыарыы көр симэхтээх
Оннук үлүгэрдээх күчүмэҕэйгэ эбии, сэтинньи ый ортотугар симэхтээх ыарыы өрө турбута. Н. Якутскай
Сыстыганнаах ыарыы көр сыстыганнаах
Араас сыстыганнаах ыарыыга ыалдьан дьон өлөрө улам хойдон испитэ. Эрилик Эристиин Саньытаарынай усулуобуйа мөлтөҕө сыстыганнаах ыарыыга сутуллууга тиэрдибитэ. ДАМ.
Тартарар ыарыы көр тартар
Уончалаах уоллара тартарар ыарыынан ыалдьан өлбүтүн туһунан истэрэ. ХС
Тирии ыарыыта көр тирии
Кыра дьон таҥаһы булан таҥныбакка, сайыннары-кыһыннары ынах, сылгы тириитинэн эттэрин хаххаланар буолбуттара, араас тирии ыарыытыгар ылларбыттара. Эрилик Эристиин
Титириир ыарыы
титириир диэн курдук.
Оттон Азияҕа, Америкаҕа [үүнэр] хиннэй мас, ол мастан титириир ыарыы эмин, хиня диэни, оҥороллор. С. Ефремов
Уҥар ыарыы көр уҥ
Тимэх отунан сорох сирдэргэ төбө ыарыытын уонна уҥар ыарыыны эмтииллэр. МАА ССЭҮү.
Хара ыарыы көр хара
Арай мин айыы саҥнаах Хара ыарыыга Хаптарбыт курдук, Үс үөстээх өргөн өтүүнэн Өрө кэлгиллэн, Өҕүйбэт сиргэ үөтүллэн Баран эрэбин. С. Зверев Хара ыарыыга хаптардыбыт? П. Ламутскай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС аҕрых, тат. авыру, уйг. аҕрик, туркм. аагыры ʽболь; болезнь, заболевание, недуг, немочь, хворьʼ