Перевод с якутского
үктээ
туохтуур
Нууччалыы наступать ногой на что-л
English to step on, to tread on
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Атахтаргынан сиргэ тирэн, тирэнэн тур, хаамп, тугу эмэ баттаан тэбис
Нууччалыы Наступать ногой на что-л
Захаровна өс киирбэх кирилиэс биир туорайыгар аҥаар атаҕын үктээн иһэн, тохтуу түстэ. Амма Аччыгыйа Кытархай бачыыҥкатын буорга батарыта үктээтэ. А Федоров. Көстөкүүн тоҥон сүүрэр-хаамар икки ардынан тоҥ хаар устун чоочур-чаачыр үктээн истэ.
КүндэМаппый оҕонньор сэргэхтик туттан, абырҕалы тоһута үктээн, кутааҕа быраҕаттаата А. Федоров
Өссө холобурдар (1)
Марфа көрөр ньирэйдэрэ саҥа дьыллааҕы ыйааһыҥҥа иккилии сэнтиниэр ордуктуу үктээбиттэр. "Кыым". Эҥинэ бэйэлээх сиэнчэр ынахтар үктүүр орто ыйааһыннара түөрт сүүс киилэттэн ордубута. "Кыым". Күһүнүгэр кыра, ырыган сүөһү төһөлөөҕү үктүөй ВМП УСС
2 туохтуур #
Төһө эрэ ыйааһыннаах буол (сүөһү туһунан этэргэ)
Нууччалыы Иметь тот или иной вес, весить, тянуть (о скоте)
3 туохтуур #
Кирпииччэ оҥоһуллар суурадаһынын атаҕынан тэпсэн бэлэмнээ уонна киэпкэ кутан оҥор
Нууччалыы Готовить месиво для изготовления кирпича, замешивая его ногами и залить в формы
Хотугу тумус тыа анныгар баар кумахтаах элгээн үрдүгэр кирпииччэ үктээтим. Эрилик Эристиин – Оттон кирпииччэни үктүөххүтүн? – Сөптөөх буор суох. Н. Габышев Оҕолорум көмөлөрүнэн биэс сүүс кирпииччэни үс күн үктээтим Ф. Постников
4 туохтуур #
Гаастаа, гаастаан биэр (массыына айанын түргэтэтэн)
Нууччалыы Увеличивать скорость движения машины, газовать
Суопардар даҕаны син үктүү сатыылллар - сүүрбэччэ көһү баара-суоҕа үс чаас кэриҥинэн астаран [кэллилэр] С. Руфов
5 туохтуур #
харыс. т. Киирэн биэр, түбэс (хол., хапкааҥҥа - кыыл туһ.)
Нууччалыы Попасться, попадаться (напр. в капкан - о звере)
Кадровой булчут саһыл араас адьынаттарын билэрэ, ол эрээри сохсоҕо киирэн биэрбит, хапкааҥҥа үктээбит саһыллар -- хайдах аһаан-сиэн сылдьалларын "кэпсээн" биэрбэттэрэ. ЯАМ ҮүСС. Адьырҕалар быыс-арыт булан биэс сылгыны тартылар, ол эрээри булчут хапкааныгар итиннээҕэр элбэх - сэттэ бөрө үктээтэ Кыым
6 этии #
Нууччалыы Совершить оплошность, из-за которого оказываться в неприятном положении
Этиилэр
Бытыгынан быһа үктүөр көр бытык
Иҥнэри үктээ көр иҥнэри
Ороспуой, хара түөкүн олохпун иҥнэри үктээтэҕин көрүҥ эрэ! - диэн улаханнык саҥарда, хараҕын тулатыгар уу мунньуһунна. А. Софронов Бу олохпутун өстөөх соҕотохто иҥнэри үктээн, күөдэл таһаа оҥоруо дии санаатахпына, айахпар ас барбат, утуйар уум көтөр.
Н. Лугинов
Күөх оту тосту үктээбэт (киһи) көр күөх I
Күөх оту тосту үктээбэтэх килбик кыыс оҕо. Амма Аччыгыйа Нээстэр оҕонньор кыргыттара Балбаара, Марыына - күөх оту тосту үктээбэт барахсаттар. Бэс Дьарааһын.
Кылыыны үктээ көр кылыы I
"Бастаата" - диэн ордук санааһын Быстыбыт илимэр иҥнимээр. "Кыайда!" - диэн кыраҕы кыҥааһын Кылыытын үктүүргэ тиксимээр. Р Баҕатаайыскай.
Олук үктээ көр олук
Василий эмиэ убайдара олук үктээбит суолларынан үөрэнээри куораттаабыта. Д. Кустуров Профессор Е. И. Убрятова бу үлэтэ саха тылын говордарын үөрэтиигэ эмиэ бастакы олук үктүүр улахан ырытыыннан буолар. АНК СБТЛ
Суолла үктээ (ас, арый, солоо) көр суол
Баҕар, ол сахха тыллыбыта буолуо бу идэҕэ умусулҕан. Баҕар, өбүгэлэр күн көмүс табатын туһунан номохторо суол үктээбитэ буолуо. ВВ ЫСЫ
Сыыһа үктээ көр сыыһа
Ол биирдэ сыыһа үктээн оҥорбут ыар буруйун өстөөхтөрүн хаанын тоҕон ситиспитэ боруостуоҕар сөпкө дылы. П. Аввакумов Үктээн биэрдэ - сыыһа быһыыланан, бөрүкүтэ суох балаһыанньаҕа түбэстэ Соколов бэйэлээх ол биһиги аайы үктээн биэриэ баара дуо? С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Киһилэрэ, биирдэ үктээн биэрэ сылдьыбыт киһи, дэҥҥэ-дуҥҥа олоҕун аны сатаан үүйүллүбэт гына алдьаттаҕына көҥүлэ. В. Яковлев
7 этии #
Этиилэр
Дьөлө үктээ көр дьөлө
Кини ийэтэ сыгынньах атаҕын дьөлө үктээн кэбиһиэххэ айылаах. Амма Аччыгыйа
Оһуор үктээ көр оһуор
Ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр Оһуор үктээн киирдилэр. С. Данилов Сайынын буур тайах, кытыгырас таба киирэн ыраас уутун ыймахтаан утахтарын ханнараллара, кыһынын кырпай хаарыгар куттас куобах оһуор үктүүрэ. "ХС"