ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туос

аат тыл, сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы береста.

English birchbark

Ис хоһооно · 8
I

1 аат тыл #

Хатыҥ мас үрүҥ дьүһүннээх тас хаҕа, бүрүөтэ

Нууччалыы Береста. Хатыҥ туоһунан бүрүнэн, Бары барыта туртайар. Л. Попов. Таһырдьаттан Былтаҕар Былатыан киирэн туостары уокка ититэр. Күндэ. Ньургуһун тигэ олорор туоһун ыһыктан кэбиспитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап

2 даҕааһын #

суолт. Туостан тигиллибит, оҥоһуллубут

Нууччалыы Сделанный из бересты, берестяной

  • Оҕонньор -- атаҕын оллооннуу уурунна, туос холтуунун таһааран, ойоҕоһун тыгыалаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Уот иннигэр сиргэ тигиллэн эрэр туос тымтайдар сыталлар.
    Күндэ
  • Аҕам тохтуу түһэн баран, туос тыытыгар олорон, туруору сыгынньах мас хайалардаах уҥуоргу кытылга тахсыбыта
    ХС

3 этии #

Этиилэр

Туос ала көр ала

  • Биир туос ала ынахтаахпыт сарсыарда бүтэһик түүтэх отун сии хаалбыттааҕа.
    П. Аввакумов
  • Туос иһиттээххэ топпот көр иһит II

4 этии #

Этиилэр

Туос иһит көр иһит

  • Хаҥас ороҥҥо мас кытыйалар, мас чааскылар, туос иһиттэр -- эҥин үлүгэр дьүүлэ-дьаабыта суох кыстанан сыталлар.
    Күндэ

Туос кугас көр кугас

  • Туос кугас кулунчук. ДТС тоҕ, хак. тос, тат. тоз, алт. тос. Ср. коми той ‘береста’
II

5 аат тыл #

, спорт. Атах оонньуутугар (кылыыга, куобахха, ыстаҥаҕа) хас олук аайы ууруллар бэлиэ

Нууччалыы Метки для национальных видов состязаний по прыжкам, таким, как кылыы, куобах, ыстаҥа, устанавливаемые в качестве ориентира для определения количества и амплитуды прыжков Уон икки табаны уһаты Хаҥа устатыгар баайаллар

  • Ол кэннэ табалары туос оҥостон кылыйаллар.
    Саха фольк
  • Туос уурталыыллар быһыылаах, бүтэһик туоһу сыанаҕа көстөр гына уураллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Майаҕатта Бэрт Хара кылыйан Туостан туостары куоһартыыр
    М. Ефимов
III

6 аат тыл #

Остуолга арыгылаах үрүүмкэни көтөҕөн туран кими, тугу эмэ эҕэрдэлиир тыл

Нууччалыы Застольное пожелание, предложение выпить вина в честь кого-чего-л

  • Бииртэн биир бэрт туостар кэлэн иһэр Саҥа дьылга аҥаардастыы үчүгэйи эрэ ыралаан этилиннилэр.
    Н. Лугинов
  • Иккис туоһу Ирина көтөхтөрдө.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Сыбаайба тамадата, эппит-тыыммыт эдэр киһи, ырыа доҕуһуоллаах туос бөҕөнү субуруччу көтөхтөрөн истэ
    П. Аввакумов
IV

7 #

эб. Сорох даҕааһыннар суолталарын күүһүрдэр, "адьас, төрдүттэн, олох" диэн суолтаҕа туттуллар

Нууччалыы Употребляется в качестве усилительной частицы прилагательного со значением “совсем, совершенно”

  • Тыа быыһыгар биирдэ титирээн уһуктубута, туос сыгынньах кэриэтэ, ырбаахылаах баккынан эрэ сытар үһү.
    Н. Заболоцкай
  • Үөрэммиттэринэн туос сатыы, дьонтон ыйдара-ыйдара, наадалаах сирдэригэр тиийэн кэлэн, ытык иэстэрин төлөөбүт курдук сананнылар. ПНИ АДХ. Атырдьах ыйа ардаан сиигирдибэккэ кэнчээри кэмчи, киэҥ сир туос кубаҕай көрүҥнэммит
    ПИС СТС

8 этии #

Этиилэр

Туос акаары көр акаары

  • Баҕар, улуу гений да буол, Баҕар, туос акаары да буол, Сорох өлөр, сорох төрүүр, Олох сокуона тыйыс өрүү.
    И. Федосеев

Туос аччык көр аччык

  • Туос аччык, дэлби тоҥон Ньырбачаан халлаан сырдыыта кычча хараҕа, кылайар тыына эрэ тиийбитэ.
    Далан

Туос иллэҥ көр иллэҥ

  • Тугу да гынара суох туос иллэҥ буоллаххына, соҕотох биир да күн бүтэн биэрбэккэ муҥнуур. А. Бэрияк

«Т» буукуба