Перевод с якутского
эриэн
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы пёстрый
English variegated
Ис хоһооно · 8
1 даҕааһын #
Нууччалыы пёстрый
English variegated
эриэн ынах пёстрая короваmottled cow
2 даҕааһын #
Биир күрүс дьүһүнэ суох, араас-араас өҥнөөх
Нууччалыы Разноцветный, пегий, пёстрый, полосатый
Киэҥ тайҕа эриэн иэнэ эҥсиллэ түстэ. Амма Аччыгыйа Сытыйбыт дүлүҥ көҥдөйүттэн эриэн моҕотой хачыгыраан таҕыста. И. Гоголев Хаһаак биилинэн ыбылы ылбыт моҕотой эриэн сонноох. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
Аркашка ампаар иһиттэн дьэрэкээн эриэн кууруссалары талаҕынан үүрэн таһаарда Чолбон Улахан оҕуспутун, эриэммитин Кирилэнэн куоракка атыылата ыытаары гынабын ээ.
КүндэКуоҕастаах суор, атын көтөрдөр эриэннэригэр баҕаран, бэйэ-бэйэлэрин кырааскалаан, ойуулаан биэрээри оҥостуммуттар. Саха фольк Өрөҕөтө сырдык бороҥ, хатырык курдук кыра эриэннээх БББ
3 даҕааһын #
Биир тэҥэ суох, уларыйа турар, араастаах
Нууччалыы Переменчивый, непостоянный
Хомойуох иһин, олох уустук, эриэн, онно араас баара.
Н. Лугинов[Василий:] Киһи дьылҕата эриэн, мин саамай үтүө кэммин хайдахтаах алҕаска аһардым. А. Сыромятникова Сэтээтэл Сэмэн эриэн өйдөөх, дьээбэтинньик киһи Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)
Олох олоруу судургу буолбатах, эриэнэ, араас албаһа элбэх. Лоһуура. "Хас биирдии киһи эриэннээхһ, – диэн баран, хаамыытын өссө эбэн биэрдэ. Сэмсэ. Ити киһи эриэнин бэйэтэ бар дьоҥҥо кэпсии сылдьар буоллаҕа дии. Суол т
4 даҕааһын #
Биир дэхси буолбатах, атын-атын, булкаас
Нууччалыы Разнообразный, разнородный, разношёрстный
Биригээдэ састааба эриэн, үчүгэй да, мөлтөх да үлэһиттэр бааллар СТКБТ
5 аат тыл #
Араас, эҥин-араас өҥ
Нууччалыы Разноцветье, пестрота
6 даҕааһын #
Ким, туох эмэ араас өрүтэ, эридьиэһэ, кубулҕата (холл., дьылҕа)
Нууччалыы Прихоть, причуда, каприз (напр., судьбы)
7 этии #
Нууччалыы соотв. семь пятниц на неделе (букв. мысли пёстрые)
Этиилэр
Иһин эриэнин көрдөрдө көр көрдөр
Аммаҕа балтыбар ыалдьыттыы сырыттахпына күтүөтүм иһин эриэнин ырылхайдык көрдөрбүтэ. Т. Нутчина
Иһин эриэнэ көр ис IV
[Хадарин:] Иһиҥ эриэнин дьэ биллэрдиҥ, сибилигин киһини көрсөргөр үрдүбэр түһэн уураабатаҕыҥ эрэ. В. Яковлев Эн иһиҥ эриэнин тиэрэ тардар, үөҥҥүн-күрдьэҕэҕин бүтүннүү ыраас мууска уурар кыахтаахпын. Е. Неймохов
Иһэ эриэн үөн көр ис IV
Иһэ эриэн үөн, таһа таҥара чүмэчитэ. ҮА.
Киһи эриэнэ иһигэр
эриэнэ иһигэр диэн курдук.
Киһи итэҕэйбэт суола, ол эрээри итинник баар буолар, киһи эриэнэ иһигэр. Н. Габышев Киһи эриэнэ иһигэр диэн этии ис хоһооно Киргиэлэйгэ анаммыт эбит. Н. Туобулаахап
Өссө холобурдар (4)
Күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр бар көр күөрт. Кыыспын Куһаҕан Ньукулай уолугар биэрэн аатым алдьаныан, күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр барыам кэриэтин, Бүөккэҕэ биэриэм. М. Доҕордуурап Өскөтүн хайалара эмэ аһаран биэрдэҕинэ, сааһын тухары күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр барыахтаах. Багдарыын Сүлбэ. Күөрт ыт күлүүтүгэр (эриэн ыт элэгэр) ыыт – күлүүгэ ыыт диэн курдук (көр күлүү). "Хара албыны хайдах эмэ гынан эриэн ыт элэгэр ыыппыт киһиһ, – диэн иһигэр саныыр. И. Гоголев Аны чыккымайдарга сыгааннатарыҥ, күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр ыытарыҥ хаалбыт эбит! Н. Заболоцкай Санаата эриэн кэпс. –бигэ санаата суох, настарыанньатынан көрөн санаатын уларыта сылдьар (киһи) Санаалара эриэн дьону киһи итэҕэйбэт ээ.
Түөһүҥ эриэнин көрдөр көр түөс II
[Дьаакып кинээс:] Ити түөкүн тылын истиҥ эрэ, түөһүн эриэнин көрдөрөөрү гынар. А. Софронов. Ыал устун баран бараҥҥын, эн миэхэ түөһүҥ эриэнин көрдөрөөрү гынаҕын быһыылаах. Амма Аччыгыйа. эриэнинэн көрдө – сөбүлээбэккин биллэрэн, өһүөннээхтик, кырыктаахтык көр.
Смотреть злобно, враждебно, проявляя агрессию.
Ньиэмэс хараҕын эриэнинэн көрөр, аптамаатын Шагуровка туһулуур. Т. Сметанин Ынахтар бастаан утаа үргэн муннуларын бууһурҕаталлара, харахтарын эриэнинэн көрөллөрө. Э. Соколов
Өссө холобурдар (3)
Оҕус өһүөннээхтик эриэнинэн көрдө, мэччийэр сиригэр куотан күлүкүчүҥнээтэ. У. Ойуур Эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥор – күлүүгэ ыыт диэн курдук (көр күлүү). Кырдьар сааспар биир кыыс оҕо эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥордо, тоойуом. Н. Якутскай Сүрэ бэрт, Хадаар хоно сытан атахха биллэрбит үһү диэн эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥоруохтара. П. Степанов
Эриэнэ иһигэр
дьоҥҥо үчүгэйдик көстө сатыыр, кубулҕатын-дьибилгэтин, киитэрэй санаатын кимиэхэ да биллэрбэт (киһи).
Скрывающий под показной доброжелательностью злой и хитрый умысел, скрытный, коварный (человек).
Кини эриэнэ иһигэр эбит, онтун уон алта сыл устата кистээн сылдьыбытын билбэтэхпин. И. Семёнов
8 этии #
Нууччалыы Обыкновенный пестряк (вид слепня)
Этиилэр
Иэдьэгэй эриэн көр иэдьэгэй
Оскуолаҕа олох да үөрэммэтэҕэ, суругу иэдьэгэй эриэнин курдук көрөрө. ЛНН АДь.
Кугас эриэн көр кугас
Симменталь сүөһү дьүһүнэ сүнньүнэн сырдык күрэҥ, кугас эриэн буолар. Ыанньыксыт с.
Күөх эриэн көр күөх I
Күөх эриэн таастаах ытарҕатын кэттэ. Күрдьүгэс эриэн (күрдьүгэс II). Саҥа төрөөбүт ньирэйдэрэ күрдьүгэс эриэн дьүһүннээх. Күрүлгэн.
Кыһыл эриэн көр кыһыл
Былааччыйата кыһыл эриэн өҥнөөх.
Тоноҕос (саадьаҕай) эриэн көр тоноҕос
Тоноҕос эриэн торбос. Эриэн күйүгэс биол. – эриэн истээх, кынаттаах күлүмэн Эриэн күйүгэс тоҕус-уон түөрт сэнтимиэтир уһуннаах буолар. КЗА АҮө.
Эриэн кыыл I
моҕой диэн курдук. Эриэн кыыл курдук Эриллэн сытар, Моҕой кыыл курдук Буулаан сытар. Нор. ырыаһ. Эриэн кыыл буолан кубулуммуккуттан куттаммат уол турдаҕым. Ньургун Боотур. Эриэн кыылы үктүү сыһан баран өрүһүммүт. Н. Габышев. Эриэн кыыл II түөлбэ. – үүс.
Рысь.
Хоту үүһү эриэн кыыл диэн ааттыыллар эбит.
Эриэн тараһа көр тараһа
Эриэн тараһалаах убаһа эбит. Эриэн түөс түөлбэ. – лыглыйа.
Казарка белолобая.
Маннык улахан хоҥору көрбөтөх ыраатта, дэҥҥэ түбэстэҕинэ дьоҕус, эриэн түөс эҥин буолааччы.
Н. ЛугиновБиһиги диэки бу эриэн түөс хаастааҕар кыра, хаарыҥка диэн ааттааччыбыт. С. Тумат
Өссө холобурдар (1)
Эриэн түөс туундара төрүт олохтооҕо, саамай элбэх ахсааннаах хаастартан биирдэстэрэ. БББ.
Эриэн үөн көр үөн
Арай бу кэмҥэ таас анныттан эриэн үөн сыылан тахсыбыта. ХС Баҕа, күлгэри, эриэн үөн кыһын устата иһийэллэр. КЗА АҮө.
Кобра
биир саамай күүстээх уонна кутталлаах эриэн үөн.
БК Б К. Ср монг. эрээн ʽпестрота; пёстрый, пестроцветный’