ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ук

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы рукоятка

English handle

Ис хоһооно · 10

1 аат тыл #

Нууччалыы рукоятка

English handle (of a cutting tool)

  • быһах уга
    ручка ножаknife handle
I

2 туохтуур #

Тугу эмэ туох эмэ иһигэр киллэр, хаалаа, батар

Нууччалыы Вкладывать, всовывать, вдевать что-л. во что-л. [Чыычаах] ол олорон таас биир үлтүркэйин айаҕар укта

  • “Кэпсэт, тэҥнэһиэхпит дуо?!” – диэтэ Сөдүөччүйэ, уҥуох тарбахтарынан иннэ үүтүгэр сабы угаары кыҥастаһа олорон.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыаҕайатыттан хаппыт балыгын сүөкээн баран, куһун укта
    Т. Сметанин

3 туохтуур #

Кими, тугу эмэ ханна эмэ киллэр (хол., балыыһаҕа, хаайыыга)

Нууччалыы Помещать, вводить кого-л. куда-л. (напр., в больницу, тюрьму)

  • Оҕонньоттору балыыһаҕа угаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Балачча өр буолла, иччитэх балаҕаҥҥа ат уга барбыт бандьыыт киирэн биэрбэтэ.
    Н. Заболоцкай
  • [Пистолет – Семёновка:] Тойонуом, хаайыыга угума!
    С. Ефремов

4 туохтуур #

Дуобакка, саахымакка фигураны, ньыкааны атын ньыкааҕа, фигураҕа соруйан биэрэн сиэт

Нууччалыы В шашках, шахматах нарочно давать бить фигуру, пешку

  • Биэс дуобаты уган биэрэн, түгэхтэн биирдэ эргитэн ылыы буолла
    НСС ОоО

5 туохтуур #

Сүүйүүлээх оонньууга харчыта туруор

Нууччалыы Делать ставку, ставить на кон (напр., на скачках)

  • Сүүрүк акка уктум

6 этии #

Нууччалыы Грустить о ком-чём-л.. по кому-чему-л., печалиться. [Күкүр Уус:] Миигинньик курдук дьоннору бу үйэ улахан моһуокка, санааҕа укта

Этиилэр

Атаҕын да укпат көр атах

  • Мин тыыннааҕым устатыгар эн амайа сытыйбыт Кутуругуҥ [киһи аата] бу дьиэҕэ атаҕын да укпата буоллар үчүгэй буолуо этэ.
    Р. Кулаковскай
  • Оҕонньор өһүргэнэн, киҥэ-наара холлон барбыт, онтон ыла икки ыйы быһа атаҕын да укпатах. БТТ.

Атаххын да угума көр атах

  • Киэр бар! Икки харахпар көстүмэ, мин дьиэбэр атаххын да угума!
    ХС

Атаххын ук

тумсугун ук диэн курдук (көр тумус).

  • [Семен Данилов] уус-уран литератураҕа атаҕын саҥа укпута.
    ОГГ СМ

Илиигин ук көр ук

  • (Ким эмэ) айаҕар уган биэр (бырах) көр айах. “Ээйии, онно олох барбаппын, абааһы оҕонньорун айаҕар уган биэримэҥ”, – диэн көрдөспүтэ үһү.
    С. Юмшанов

Өй ук көр өй

  • [Ньукулай:] Үгүһү да саҥаран туһалыыр биллибэт, син онон өй угар суох.
    А. Софронов
  • Биһигини сүбэлээччи, өй уган биэрээччи тойоммут Бииктэр үһү.
    Л. Попов

Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх

Өйү угар дэһэллэр.

  • Айталын.

Санааҕа ук

кимтэн, туохтан эмэ санаарҕаа, мунчаар Суорун Омоллоон.

  • Муос мустуукка угуллубут сурук Костяны улаханнык аймаата, ыгылытта, санааҕа укта.
    Н. Габышев

Санаа ук

өй ук диэн курдук (көр өй).

  • [Киирик:] Ол табаарыстар миэхэ санаа уган, онтон ыла кыһыл бартыһаан буолтум.
    С. Ефремов
  • Ким эрэ Эйнштейнтэн автограбын көрдүүргэ санаа укпута. ЭБЭДьА.

Тумсугун ук көр тумус

  • “Ааныскаа, айманыма.

Биһиэхэ тумсуларын угуохтара суоҕа”,

диэтэ Сидоров.

  • Ээйиис! Бу хотуммут, хотоҥҥо тумсун угаат, туох буолла?
    ХС

Тыын ук көр тыын II

  • Иэдэйиэх киһини Дьонноро кэлэннэр Тыын уган тураллар.
    С. Данилов
  • [Үрүйэ] Утаппыкка тыын угар Уйгулаах да уу буоллаҕыҥ.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • [Кавказ чараас былыттара] Соҕуруу халлаан тыын угар Таммаҕа буолан түстүннэр.
    И. Эртюков

Уган биэр

бэйэҥ быыһанаары, үчүгэй буолаары, атын киһини түбэһиннэр, буруйдат.

Выдать, подставить кого-л.

  • Соруйан төттөрүлэһэҕин. Хата Бүөккэни уган биэриэхпин баҕарбатаҕым диэ.
    Далан
  • Эн биһигини, чугас ыалгын, көмүскэһиэххин билиминэ, уган биэрэ сылдьаҕын.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Чэ, олус мунчаарыма, эйигин уган биэриэхпит суоҕа.
    М. Попов

Ук биэрэр

аан аһар диэн курдук (көр аан I).

  • Хата эн этииҥ айымньыны сыаналааһыҥҥа ук биэрэр, ханнык даҕаны киритиэрийи суох гынар.
    Далан
  • Паапа үбэ кулаактааһыҥҥа сөп түбэһэрин билэ-билэҕин собус-соруйан мөккүһэҕин. Аны билигин кэлэн соруйан дьоҥҥо ук биэрэн этэ тураҕын.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Уокка уган биэр көр уот II

7 этии #

Нууччалыы Придавать силу, энергию

Этиилэр

Күүстэ ук

ким эмэ санаатын көтөх Киэһэ аттыгар кэлэн олорон баран: ”Крепись, крепись, надо брать себя в руки“,– диэбитэ кыыс киниэхэ күүс угаары. Суорун Омоллоон. [Тыыл дьоно] күүтүүлэрэ саллаакка күүс угара. Т. Сметанин. Киһи ыарахан күнүгэр көмөҕө кэлэр, күүс угар амарах санаалаах, ыраас дууһалаах дьон сир олоҕун симииллэр. “ХС”.

От (бугул) ук – от

  • кэбиһэргэ сыарҕаҕа оту, бугулу тиэй. Укладывать сено (копну) на санях, дровнях для стогования. Сөдүөт бугул уга сылдьар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ийэм от угар, мин оҕус сиэтэбин, кыдамаһыппыт Уус Мандар диэн киһи.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Кирилл тыраахтар сыарҕатыгар от угар. Нэртэ.

Туу ук

ууга (хол., күөлгэ, үрэххэ, быһыкка, элгээҥҥэ) балык тутарыгар анаан туута уур.

Положить в водоёме вершу.

  • [Быргый] хорууга быһыт оҥорон, быыһын-ардын бүөлээн туутун укта.
    Күндэ
  • Кутуйах тумуһаҕын аннынааҕы обургу күөлгэ Хабырыыс туу угар.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕонньор, үрэх уута түһэн, өрө дьондойон тахсыбыт мастаах быһыкка туу угар.
    А. Фёдоров

Үптэ ук

ханнык эмэ тэрээһиҥҥэ харчыта биэр, харчынан көмөлөс.

Вкладывать деньги (в какое-л. предприятие, мероприятие).

  • [Максим:] Мөлүйүөн үбү уктахха күндү отон саада үүнэн мөлбөйүө үһү. Амма Аччыгыйа
II

8 аат тыл #

Ханнык эмэ туттар тэрил, сэп-сэбиргэл (хол., сүгэ, өтүйэ, хотуур о. д. а.) тутааҕа, тугу эмэ (хол., былааҕы) илиигэр тутар өттө

Нууччалыы Ручка, рукоятка, черенок какого-л. инструмента, древко (знамени, флага)

  • Өтүйэ уга. Сүгэ уга. Быһах уга.
  • Чоочо хараҕа суох эрэйдээҕи дэйбиирин үрүҥ көмүс угунан төбөҕө сырбатан эрдэҕинэ, анарааҥҥыта харытын тоһуйан биэрдэ.
    И. Гоголев
  • Александр уонна Миронов кыһыл былааҕы икки угуттан күөрэччи анньан, уулуссаҕа тахсан бастаатылар.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Үҥүү уга кыыл ыараханын кыайан уйбакка эрдэ хар гынан хаалла
    Н. Заболоцкай

9 аат тыл #

Үүнээйи (сэппэрээк, от, сир аһа, сибэкки о. д. а.) сэбирдэхтээх умнаһа

Нууччалыы Стебель, куст

  • Атырдьах ыйын үтүө күнэ – Кинилэр үрдүлэригэр, Отон уга, сир симэҕэ Иннилэригэр тэлгэнэр.
    С. Данилов
  • Витя бэрт хойуу астаах ук анныгар хаптас гынан хаалла.
    Н. Заболоцкай
  • Оттуҥу үүнээйилэр уктара сымнаҕас, сүмэһиннээх, күөх
    КВА АҮө

10 этии #

Этиилэр

Быһах угун саҕа көр быһах

  • Быһах угун саҕа Быыкаа эрэйдээх Олорбута биир сылга Син дьиэни дьиэлээн.
    Баал Хабырыыс
  • Биир быһах угун саҕа уол оскуолаҕа эһиил киириэ.
    С. Федотов

Дьэдьэн уга көр дьэдьэн

  • Алаас саҕата барыта дьэдьэн уга.

Кыа уга (кыа от) көр кыа

  • [Былыр] Оччолорго ас, таҥас чычырбас, Оҕуруот аһа дуол суоҕа, Буолара дьылы туоратар ас: Кииһилэ, кириэн, кыа уга. Эллэй. Көһүйэҕэ буһарыллыбыт кыа уга сүрэҕэлдьээбитттии сырдьыгыныыр.
    М. Доҕордуурап

Кыстык угун саҕа балаҕан көр балаҕан

  • Айаннаабытын иккис күнүгэр уҥа биэрэккэ кыстык угун саҕа кыракый балаҕан турарын көрөн, Сүөдэр болуотун кытыыга тигиһиннэрэр.
    Н. Якутскай
  • Таһырдьа арҕааттан түспүт күүстээх силлиэ кыстык угун саҕа балаҕан эркинигэр хаары тибэн бурҕачытара. Күннүк Уурастыырап

«У» буукуба