ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыт

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы спускать курок, производить выстрел (из огнестрельного оружия), стрелять

English dog

Ис хоһооно · 8
I

1 туохтуур #

Туһаайан баран, эстэр сэп чыыбыһын тардан иитиитин эс

Нууччалыы Спускать курок, производить выстрел (из огнестрельного оружия), стрелять

  • Кинилэри кыҥыырга, сааны иитэргэ, ытарга үөрэтиэх тустаахтар.
    Н. Якутскай
  • Кутаа уотунан сир үрдэ туоларга дылы гынна, манна эбии артиллериянан ыталлар.
    М. Доҕордуурап
  • Тииҥ буоллар, харахха ытыллыа этэ, оччоҕо тириитэ алдьаныа суохтаах
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Ох саа кириһин күүскэ тардан баран эмискэ төлө тардан оҕун ыыт

Нууччалыы Спустить тетиву лука, выстрелить (из лука)

  • Уол ойон туран, ох саатынан эһэлээх бөрөнү түҥнэритэ ытта
    Н. Якутскай
  • Арагаайка эрэһииҥкэтин күүскэ тардан баран эмискэ төлө тардан буулдьатын ыыт. Θ Спустить резинку, выстрелить (из рогатки). Уолаттар таба тириитэ олбоххо олорон эрэ, арагаайканан истиэнэҕэ сыһыарыллыбыт кус тумуһун ыта оонньууллар
    Чолбон

3 туохтуур #

Кими, тугу эмэ эстэр сэбинэн өлөр

Нууччалыы Убивать кого-л. из огнестрельного оружия, расстрелять

  • Ол саҕана ыраахтааҕы сокуонунан дьону ытар, ыйыыр эбиттэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин сибилигин эйигин манна ытан да кэбиһэрбэр көҥүлүм.
    Суорун Омоллоон
  • Ол ынаҕын көмүскээн биир эмэ тылы быктарбыт киһини ытан кэбиһэллэр
    С. Ефремов

4 этии #

Этиилэр

Саанан ыппыт курдук көр саа

  • Кинилэр төһө да саанан ыппыт курдук быһа суолунан кэлбиттэрин иһин, бастакы дьону куоттаран кэллилэр.
    Т. Сметанин
  • Саанан ыппыт курдук чуп-чугас сир эбит, начаас тиийдибит. СМС. Манан букатын быһа, саанан ыппыт курдук. "Чолбон".

Ыппыт ох курдук (охтуу)

саанан ыппыт курдук диэн курдук.

  • Ыппыт ох курдук көнө суолунан бибилэтиэкэ диэки түһүнэн кэбистэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Дохсун дьулусхан, олус быыппастар уу сүүрүгэ ыппыт ох курдук суккуллар.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Баанчалаах мотуордара ууга ыппыт охтуу дьурулуур. Л. Попов

5 этии #

Нууччалыы Стрелять (давать стрелять) в цель

Этиилэр

Дал ытыах көр дал

  • Кыыл таба үөрэ дал ытыах сиртэн көстөр ырааҕынан ааһан эрэрэ. "Чолбон".

Дьөлө ыт көр дьөлө

  • Биирдэрин эмэ дьөлө ытан түһэрэриҥ буоллар, үөлэн сиэниллиэ этэ.
    Күндэ
  • Мин эһэ сүүһүн дьөлө ытарга бэлэмнэнэн, уун-утары кимэн киирэн истим.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (4)
  • Каасканы маска кэтэрдэн окуопа үрдүнэн быктардаххына, ньиэмэс снайпера дьөлө ытар. НТГ СУоС. Сыал ыт (ыттар) кэпс. – тугу эмэ ыраах туруоран баран таба ытарга эрчилин (эрчий), күрэхтэс (күрэхтэһиннэр) Остуорас оҕонньор -- сыал ытарга ананан оҥоһуллубут хаптаһыны кыбыммытынан, ытыыр уол аттыгар турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Уолаттар тиэтэлинэн сыал ыта бардылар.
    Эрилик Эристиин
  • Лейтенаны батыһан иһэн көрө түспүтүм, сыал ытар сиргэ кэлбит эбиппит.
    Т. Сметанин
  • Ср. др. -тюрк. ат, тюрк. атмак ‘стрелять’
II

6 аат тыл #

Бөрөнү кытта биир төрүттээх, үрэн саҥарар дьиэ кыыла

Нууччалыы Домашнее животное из семейства собачьих, собака

  • Ыттара чугас туох эрэ баарын биллилэр быһыылаах, үрэн маргыйаллар, иннилэрин диэки дьулуһаллар.
    Н. Якутскай
  • Сыарҕаҕа икки эрэ кэнники ыт хааллылар, уоннааҕылар сүүрбүттэрин курдук сүүрэ турдулар.
    Т. Сметанин
  • Кыра Баһылай отуу күлүгэр сытар ытын эйэргээбит харахтарынан көрө-көрө хайгыыр
    С. Маисов

7 этии #

Нууччалыы Быть, казаться очень милым, скрывать истинное лицо, не выдавать истинных злобных намерений

Этиилэр

Барбатах ыт сыгынаҕы үрэригэр дылы көр бар I

  • Холоон да үлэһиттэр эбит, барбатах ыт сыгынаҕы үрэригэр дылы дьэ кэлэн оҥорбута буола сатыы сылдьаллар.
    ХС

Иирбит ыт көр иир I

  • Иирбит ыты кытта аахсан да диэн.

Киҥҥин ыкка сиэт көр киҥ II

  • Туох ааттаах киҥҥин ыкка сиэппит киһигиний?

Киһи көрбөт (кэпсэппэт), ыт үрбэт буол көр киһи I

  • Эмээхсин киһи көрбөт, ыт үрбэт буолбут сурахтааҕа. "Чолбон".

Киһи көрбөт (кэпсэппэт), ыт үрбэт оҥор көр киһи I

  • Кэлин иэстэһэннэр, ол баайы киһи көрбөт, ыт үрбэт оҥорбуттар.

Киһи (ыт) иилэн ылбатынан көр иил

  • Кинилэри ыт иилэн ылбатынан үөҕэллэрэ, фашистар диэн ааттыыллара.
    И. Гоголев
  • Хас да күн арыгылаан, доҕотторун кытта ыт иилэн ылбатынан иирсэн баран, биир күн өйдөнөн, илистибит көрүҥнэнэн турда.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (2)
  • Урут ол дьахтар кинини ыт иилэн ылбатынан үөҕэн турардаах. "Чолбон". Күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр бар көр күөрт II. Бухатыырга холобурдаах киһи буолан бараммын, төннөн бардахпына күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр барыам буоллаҕа дии. Ньургун Боотур. Аны күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр барарым хаалбыт эбит дии!
    Н. Заболоцкай
  • Өскөтүн хайалара эмэ аһаран биэрдэҕинэ, сааһын тухары күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр барыахтаах. Багдарыын Сүлбэ.

Кырдьаҕас бөрө (ыт) көр кырдьаҕас

  • Ол киһи кырдьаҕас ыт буоллаҕа дии, ити кыһалҕаны баҕас түргэнник быһаарыан сөп этэ. "Чолбон".

Сыаптаах ыт курдук көр сыап

  • [Дьаакып:] Быыпсай оҕонньор санаата туолла ини, биһиэхэ сыаптаах ыт курдук тоҥ бэһиэччиги ыыттаҕа дии.
    А. Софронов
  • Хаартыһыттар сыаптаах ыт курдуктар, кэлин тиһэҕэр уолуктаһан бардылар. "Чолбон".

Сыаптаах ыт курдук көҥөс көр сыап

  • Сыаптаах ыт курдук көҥөс киһини үйэбэр көрсө илигим.

Тары сиэбит ыт курдук көр тар

  • Арай тары сиэбит ыт курдук дэлби титирээн бабыгырыы сыттым.
    А. Софронов
  • Сэриилэһэ сылдьан, тары сиэбит ыт курдук тоҥоҕун, бөҕүөрэҕин.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Тыһа кылгаата (ыт тыһын курдук кылгаабыт, ыт тыһыныы кылгаабыт) көр кылгаа. Бу кэмҥэ уол күүһэ-кыаҕа эстибит, өйө-санаата ыт тыһыныы кылгаабыт.
    Саха фольк

Тыһы ыт курдук ньылбый

өһүөннээх ис санааҕын биллэрбэккэ, аһара бэрт буол, албыннас Ол иһин да, бэркэ тыһы ыт курдук ньылбыйбыккын.

  • Софр. Данилов.

Үрүгэн ыт оҥоһун көр үрүгэн

Үрүгэн ыт оҥостор киһигин булбуккун дии, бэйи, тохтуоҥ ээ. Күрүлгэн. хара ыт үөхс. – дьиккэр, сидьиҥ киһи.

Негодяй, мерзавец (букв.

  • чёрная собака).

Бу хааннаах хара ыт үөхпүтэ кыһыытын көр эрэ! П

Хааннаах ыт курдук көр

сөбүлээбэккин биллэр; олус абааһы көр, абааһы көрөн кырыктан.

Относиться к кому-л. крайне неприязненно; проявлять ненависть (букв. смотреть как кровавая собака).

  • Эдэр ойоҕо Дьэргэни хааннаах ыт курдук көрөр.
    Болот Боотур
  • Миигин бассабыыктар хааннаах ыт курдук көрөллөр, хас хардыыбын кэтэһэллэр.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Өстөөҕү хааннаах ыт курдук абааһы көрөр санаам эбии сириэдийбитэ. КИ АДББ. Хара ыт хаадьыта кэпс. –күлүү-элэк оҥостуу. Насмешка, осмеяние, издевательство. Дьэ, хара ыт хаадьыта буолаары гынна быһыылаах.
    П. Ойуунускай

Ыкка биэр

ыкка тамнаа диэн курдук (көр тамнаа). Дьэ, били Биилээх Миитэрэй үрүҥнэри ыкка биэрэр, син биир кыайтарыахтара диир. Н. Түгүнүүрэп. Ыкка да холуйбат кэпс. – кими эрэ төрүт аахайбат, болҕомтоҕо ылбат, аахса да барбат.

Совершенно не принимает во внимание кого-л.; совсем не считаться с кем-л. (букв. [он его] даже собаке не уподобляет).

  • Дэйбиир [киһи аата]: "Тоҕо саҥарбаккын, ыкка да холуйбаккын дуо?".
    Амма Аччыгыйа

Ыкка тамнаа көр тамнаа

Дьэбдьиэй сорох тириилэр тырыта бара сылдьаллар, уоттуйбуттар диэн ыкка тамнаата. Кустук. Ыккын үрдэримэ кур. – төрүт саҥарбакка олор, саҥаран көр эрэ.

Не ори, закрой рот (букв. не заставляй рычать свою собаку).

  • Ыккын мээнэ үрдэрбэккэ олор, дьиккэр баара!
    А. Фёдоров

Ыккын ыарҕаҕа баай

иҥсэҕин кыана тутун.

Не жадничай, не скряжничай (букв. собаку свою привяжи к тальнику).

  • Наһаа иҥсэримэ, ыккын ыарҕаҕа баай.

Ымыылаах ыт

1) куһаҕан тыынтан көмүскэллээх, оннук айдарыылаах ыт.

Защищённая (от злых духов) собака.

  • Ити ымыылаах ыт быһыылаах.; 2) дьиэни куһаҕан тыынтан харыстыыр айдарыылаах ыт. Собака, защищённая от злых духов, не подпускающая их к дому (букв. собака с талисманом). Ымыылаах ыт баар буоллаҕына, дьиэҕэ куһаҕан тыын чугаһаабат.
    Саха фольк
  • Ырдьыгыныыр ыт үөхс. – олус бардам майгылаах киһи. Грубиян, хам (букв. ворчащая собака). Ол киһиэхэ бара да сорунума, ырдьыгыныыр ыт.
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Ыта да суох кэпс. – бас билэр туга да суох, тугу да бас билбэт. Не имеющий никакого личного имущества (букв. даже собаки не имеет). Миэхэ ыта да суох, кэтэр соно да суох кэлбитэ.
    Болот Боотур
  • Сорохтор ыттара да суох, дьэ уонна хайдах бары бииргэ кыттыһыахтарай, бииргэ аһыахтарай? "Чолбон". Ыт атаҕын (буутун) тут кэпс. – туохтан эмэ мат; тоҕоостоох түгэни мүччү тут. Оставаться с пустыми руками (букв. он схватил заднюю ногу собаки); упустить шанс. Дьиэтигэр тиийбитим, командировкаҕа барбыт үһү, ыт атаҕын туппут диэн итинниги ааттыыллар ини.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Икки күөлбүтүн муҥхалаан мэлийэн, бүгүҥҥү күҥҥэ ыт буутун туттубут диэххэ сөп. "Кыым". Ыт атах кэпс. – кэлэрин-барарын ыарырҕаабат, сылаарҕаабат киһи (сүнньүнэн оҕону оонньуу оҥостон этиллэр – букв. собачья нога). Лёгок на ногу (обычно о ребёнке). "Оҕом – ыт атах, аһаан баран Наадьаҕа илдьэн биэриэҕэ", – Даайа соруйса олордо.
    ЛМ А

Чиэнэ

оҕо, ыт атах уонна үөрүйэх буолан, олус хотторботох этэ.

  • "Чолбон".

Төрдүс сүөһү үүрээччи

сорукка, көмөҕө сылдьар ыт атах Ыстапаан. "ХС". Ыт баһа төкүнүйэр кэпс. – көбүс-көнө, эриэ дэхси, оллура-боллура суох (суол).

Ровный, без ухабов, бугорков (о дороге – букв. собачья голова катится).

  • Киллэмҥэ уонна Тулагыга кылгас кэрчик суоллары аспааллаан, ыт баһа төкүнүйэр эриэ-дэхси суол оҥоһулунна. "Кыым". Уруккуга тэҥнээтэххэ, Сунтаартан Тойбохойго диэри ыт баһа төкүнүйэр суола. "Сахаада". Ыт буола сыста кэпс. – өлө, оһоллоно сыста (үксүгэр алҕаска). Едва не погибнуть, едва не искалечиться (обычно из-за пустяка – букв. едва собакой не стал). "Дьэ, ыт буола сыспыппын, хата, эн хайдах түбэһэ кэлэн өрүһүйдүҥ?" – диэбитэ Сааска.
    Д. Таас
  • Хор, итиннэ сонуоктаахтарын өйдөөбөккө ыт буола сыста ээ.
    Е. Неймохов
Өссө холобурдар (5)
  • Абааһы куоҕаһын ууттан ылабын диэн ыт буола сыстым дии санаата.
    ХС
  • Ыт буутун саҕа кэпс. – улахан баҕайы (тугу эмэ этэргэ). Очень большой, довольно крупный (о чём-л.). Дьорҕоотоп кэтит курдаах, ыт буутун саҕа бэстилиэттээх, киһи астынар киһитэ.
    ХС
  • Ыт гына сыста кэпс. – өлөрө сыста (оһолго, дэҥнээн биитэр сорунан туран). Едва не лишить жизни кого-л. (в результате несчастного случая или намеренно). Букатын ыт гына сыспыттар дии, доҕоор, итиччэ сорунан баран, хайдах илиилэрэ тутаабыта эбитэй?
    Күндэ
  • Кыһыллар эрэспиэскэлэрэ көрсөн чуут ыт гына сыста.
    П. Филиппов
  • "Оо, ол суолга ыт гына сыстылар дуо?" – эмээхсин ыйытта.
    А. Сыромятникова

Ыт охсор (охсуох) киһи суох

ким да суох; биир да киһи суох.

Ни одной живой души.

  • Томороон нэһилиэк ородобуойугар тэбиннэрэн тиийбитэ, ыт да охсор киһи суох.
    Болот Боотур
  • Дьиэ иһиттэн ойон тахсан эргим-ургум көрүтэлээбитэ, чугаһынан ыт охсуох киһи суох.
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (4)
  • Бэл, хонтуорабар ыт охсор киһи суох, бары окко сылдьаллар.
    С. Ефремов
  • Ыт да тэппитин саҕа суох (тэппитигэр холоомо) кэпс. – хамсаан да көрбөтө, силир да гыммата. соотв. как слону дробина, как укус комара (букв. меньше, чем лягнула бы собака). Өрүтэ тардыалыы сатаатым да, киһим көтөлө ыт да тэппитигэр холообото.
    Р. Кулаковскай
  • Эн охсубуккун киһиҥ ыт да тэппитигэр холообото. СТБКТ. Ыт да үрбүтүгэр холоомо кэпс. – истибэтэҕэ буол, болҕомтоҕо ылыма, төрүт аахайыма. Оставить что-л. без всякого внимания (букв. он (это) даже лаю собаки не уподобляет). Эчи, сорох киһи саҥарбыта ыт да үрбүтүгэр холооно суох.
    Н. Неустроев
  • Мөҕөн көрдүм да, ыт да үрбүтүгэр холообот. НАГ ЯРФС II.

Ыт иллэҥэ көр иллэҥ

  • Бөтөс булка куруутун бэлэмэ, ыт иллэҥэ диэн эбэтэ мэнээк эппэтэ, ыҥырдар эрэ кэлэрэ.
    Далан
  • Киниэнэ төлөпүөнүнэн кэпсэтии, болдьоһуу, быһаарсыы, ыт иллэҥэ диэн кини.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Тиихэн Иэттээнэп биир үтүө сайын ыт иллэҥэ буолан хаалбыта.
    В. Титов

Ыт киҥэ киҥнээх көр киҥ II

Ээ, ол киһини кытта аахсыма, ыт киҥэ киҥнээх. Ыт кулгуйар, баҕа халтарыйар кэпс. – олус дэлэгэй, баай-талым, кыһалҕата суох олох.

Жизнь без нужды, в изобилии, беззаботная жизнь (букв. (жизнь), что собаку выворачивает, и жаба скользит).

  • Ээ, ас баһаам, ыт кулгуйар, баҕа халтарыйар үлүгэрэ. Саха ост. Ити кэмҥэ Кураатаптар куоракка киһи бэркиһиэн курдук дэлэгэйдик, хаартачыка систиэмэтэ диэни билбэккэ, ыт кулгуйар, баҕа халтарыйар олоҕунан олороллор. Эрчимэн. Ыт курдук иҥсэлээх (ымсыы) кэпс. – аһара иҥсэлээх, ымсыы (киһи). Очень, чересчур жадный (букв. жаден, как собака). Ыт курдук иҥсэлээх саҥнаахтар, Туолуо суох эһиги обоккут.
    Эрилик Эристиин
  • Ыт курдук ньылаҥнаа кэпс. – кимиэхэ эмэ бэрт буола сатаа, илин-кэлин түс, албыннас. Подлизываться, льститься. Киһитэ бүгүн дьэ бэһирбит аҕай, тоҕо эрэ ыт курдук ньылаҥнас буолбут.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Үчүгэй буолбут дьоҥҥо эккэлэс ыт курдук ньылаҥнас киһи. Кустук.

Ыт курдук (ыкка дылы) кирдиэлэт көр кирдиэлэт

Ыт курдук кирдиэлэтэн түһэҥҥин, киһини наһаа сэнээн эрэҕин ээ. "Чолбон". Ыт кэлин тыһа буол түөлбэ. – олус уолуйан хаалан, тугу да гыныаххын билимэ, мунан-тэнэн хаал, мээнэ булумахтан.

Растеряться, прийти в замешательство.

  • Онон икки саары икки ардыгар түһэн, буорайан, ыт кэлин тыһа буолан олордо.
    Н. Түгүнүүрэп

Ыт мунна баппат ойуура көр ойуур

Тоҕой Сэлэ арҕаа кэриититтэн ыт мунна баппат ычыкыын ойуура саҕаланар. Л. Попов. Куулата лааҥкы, ыт мунна баппат иһирик ойуура этэ. И. Федосеев. Тумул тыа өттө -- отой ыраахха диэри тайыыр ыт мунна баппат ычыкыын ойуура этэ. С. Маисов. Ыт мунна куурдаҕына кэпс. – хаһан да буолбатах буоллаҕына биирдэ (ыт мунна куурбат, ол аата хаһан да буолбат).

соотв. когда рак на горе свистнет.

  • Эн биһиги ол аатырар дойдуларыгар ыт мунна куурдаҕына тиийээ инибит.

Ыт олоҕо

кэпс. – олус ыар, эрэйдээх- кыһалҕалаах олох.

Собачья жизнь.

Ыт өлүүтүгэр өлө сыспыккын көр өлүү I

Дьэ, доҕоор, дьоллоох киһи эбиккин, ыт өлүүтүгэр өлө сыспыккын. "Чолбон". Ыт өлүүтүн өллө кэпс. – солуута суохха, кураанахха таах эрэйдэннэ.

соотв. мартышкин труд.

  • Бу таах кэлэммин ыт өлүүтүн өлө оонньоотоҕум, саатар суумкабын ылбыт буолбатахпын!
    М. Доҕордуурап
  • Ити көрдөһүүтүн быһа гыммакка толоробун диэн бу ыт өлүүтүн өллөҕө.
    Е. Неймохов
Өссө холобурдар (6)
  • Ол сылдьан арыт табаны куоттаран кэбиһэн, ыт өлүүтүн өлөҕүн.
    В. Васильев
  • Ыт сиир уҥуоҕа баҕалаах кэпс. – аһара кыра уҥуохтаах. Слишком маленького роста, ростом с ноготок. Чаппа уола Мэхээлэ ньахчайа сытыйбыт, ыт сиир уҥуоҕа баҕалаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Тиийбэппин ээ, үрдүгэ бэрт, ыт сиир уҥуоҕа баҕалаах.
    В. Сыромятникова
  • Ыт сирэй үөхс. –саатар сирэйэ суох киһи туһунан. Мерзавец, сволочь (о человеке, потерявшем всякую совесть – букв. собачья морда). "Ыт сирэй баара, итинтэн ураты тугу этиэххиний?" – диэт хабырынан хачыгыратар.
    Н. Якутскай
  • Ыт сирэй, түрмэҕэ түүнүгүрдэххинэ, хара маска хам кэлгиллэн таһылыннаххына өйдөнүөҥ!
    ХС
  • Дьэ, ыт сирэй, күннээн эр! Кустук.

Ыт сиэбэт буола

илистиэхтэригэр, сэниэлэрэ эстиэр диэри (хол., мөккүстүлэр, этистилэр).

До изнеможения (напр., спорить, пререкаться).

  • Сотору-сотору ыт сиэбэт буола мөккүһэллэрэ.
    ХС
  • Ыт сыҥсыйбытыгар дылы түөлбэ. – олох кыра, аҕыйах, дуона суох. соотв. кот наплакал. Аата, ыт сыҥсыйбытыгар дылы, бу бэрсибит ото аҕыйаҕын. Саха сэһ. 1977.

Ыт сыппат ото

никсийбит, сытыйбыт, туһаҕа турбат буолбут от.

Сено плохого качества, сгнившее сено.

  • "Ыт сыппат ото буолбут, сытыйбыт, туһаҕа туруо суох", – биригэдьиир этиитин түмүктээтэ. Күрүлгэн.

Ыт сырыытын сырыт көр сырыы

  • Бору-бостуой бараммын, ыт сырыытын сырыттаҕым үһү!
  • "Дьэ, ыт сырыытын сылдьан төннүүһүбүт, доҕор", – Соппуруон дьиэтигэр хайыы үйэ тиийбит курдук саҕа үөрдэ.
    Күндэ

Ыттаах куоска курдук олороллор

төрүт тапсыбаттар, куруутун айдаарсаллар.

соотв. жить как кошка с собакой.

  • Ыалларбыт сотору-сотору айдаарсаллар, ыттаах куоска курдук олороллор быһыылаах. "Чолбон".

Ыттан тириитин сүлэн ылыаҥ дуо

иэс ылбыт киһи тугунан да төлүүрэ суох буоллаҕына этэллэр.

соотв. с нагого взятки гладки (букв. разве с собаки шкуру сдерёшь).

  • Кэспит да кэспит, ыттан тириитин сүлэн ылыаҥ дуо, сокуонумсуйа турума!
    И. Никифоров
  • Ыт уйата (уйатын саҕа) кэпс. – наһаа кыараҕас (дьиэ-уот, хос). Конура, клетушка (о помещении). Ыт уйатын курдук ыыспаларыгар ыал буолан олорбуттара.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • Уоллара сэттэ сылы быһа кыбартыыра ыла илик, төрдүө буолан ыт уйатын саҕа хоско симиллэн олороллор. Софр. Данилов. Олорор хоһум наһаа кыараҕас, хос да буолуо дуо, ыт уйата.
    Н. Босиков
  • Ыт уола үөхс. – эр киһини үөҕэргэ туттуллар. Сукин сын. Ыт уола баара, ханна дьөлө түһэн хааллаҕай?!

Ыт уос буолла

ыт атаҕын (буутун) тут диэн курдук (көр ыт II).

  • Бэҕэһээ бултуйбатахтара, ыт уос буолан төннүбүттэрэ. Ыт ууну кэспитин курдук (ыт ууну салаабытыгар дылы) көр уу I. Ыт ууну кэспитин курдук халтай сырыы буолла.

Ыт үрбэт, ымыы ыллаабат дойдута

ким да сылдьыбат буолбут, иччитэхсийбит сир-дойду.

Нелюдимая, опустелая местность.

  • Оҕо эрдэхпинэ олорбут алааспыт ыт үрбэт, ымыы ыллаабат дойдута буолаахтаабыт.

Ыт үрбэт, ынах маҥыраабат буол

киһи көрбөт (кэпсэппэт), ыт үрбэт буол диэн курдук (көр киһи I). Ыт үрбэт, ынах маҥыраабат дьоно буоллахпыт тугун баҕас кыһыытай! Саха сэһ. I. Ыт хаалтыстаммытыгар дылы кэпс. – тоҕооһо суох кэмҥэ аһара маанытык таҥнан-симэнэн сылдьар киһини этэргэ.

Разодеться, вырядиться, расфуфориться не к месту.

  • Ыт хаалтыстаммытыгар дылы, тоҕо бачча киэргэнэн кэлбит бэйэккэтэй? Ытын киллэрбит кэпс. – киҥэ-наара киирбит, кыыһыра-тымта сылдьар буолбут. Быть в дурном настроении (букв. собаку свою впустил). Ити киһи ытын киллэрбит, өйдөтө да сатаан туһа тахсыа суох. саһыл дьаара буолбут – сылайбыт-элэйбит, сырата-сылбата эстибит, олус аччыктаабыт. Сильно устать и проголодаться, обессилеть. Ыт ыыта, саһыл дьаара буолан, Ааһан-туоран сырыттахха Үтэһэ мунду даҕаны Үөрүүтэ өлгөмүн өйдүүбүн.
    С. Зверев
  • Ыт эрэ буолан үрбэтэҕим кэпс., сэмэ. – "этэ сатаабытым да, ким да истибэтэҕэ" диэн сэмэлээн этии. Сколько я ни говорил, всё понапрасну, как об стенку горох. Ыт эрэ буолан үрбэтэҕим, кининэн сурукта ыыт диэммин. НАГ ЯРФС II.

Этин ыт сиэбэт гына көр сиэ

  • Эттэрин ыт сиэбэт гына ибили сылайан төннүбүттэрэ. Далан

8 этии #

Нууччалыы Палка на конце крыла, которая поддерживает перпендикулярное положение невода (прикрепляется к бечеве)

Этиилэр

Бөрөһүт ыт көр бөрөһүт

  • Бөрөһүт ыттарын туспа тутар.

Кыылдьыт ыт көр кыылдьыт

  • Былырыын күһүн Кырса диэн кырдьаҕас кыылдьыт ытын куобах күрэҕэр алҕаска ытан кэбиспиттэрэ.
    С. Никифоров
  • "Ол да буоллар, үөрэттэххэ кыылдьыт ыт тахсыыһы", – дии саныыр иччитэ.
    ХС

Сир ыта көр сир II

  • Сир ыта Саха сиригэр үөскээбэт.

Тииҥньит ыт көр тииҥньит

  • Тииҥньит ытын батыһыннарбытынан, тыа диэки барда.

Тэллэх ыта көр тэллэх

  • Онуоха тэллэх ыта, көрдөөбүппүн ыллым ээ диэх курдук, сүүрэн бэйбэрийэ турда.
    Н. Неустроев
  • Тэллэх ыта Бойборооску Чигдигэ хаайан тоҥорооччу.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • "Тэллэх ытыгар дылы, киһи атаҕар тоҕо хатаастаҕын?!" – дии-дии дэлбэритэ барда.
    М. Доҕордуурап

Ыт кэтэҕэ көр кэтэх

  • Тула өттө кураан сайыҥҥа түргэнник куурар-хатар, ыт кэтэхтээх, дулҕалаах, кымырдаҕас уйалаах ыарҕалаах кураайы толооннор.
    Г. Нынныров

Ыт мас

1) муҥха кынаттарын төбөтүн туруору тардан таһаарарга аналлаах мас (бэчимэҕэ иилиллэр) Ыт мастарын ууга түһэрдилэр, атырдьах маһынан үтэн сыҕарытан киирэн бардылар.

  • "Чолбон"; 2) ачаах диэн курдук. Хара бараан киһи оҕонньордуун ыт маска дүлүҥ ууран эрбии тураллара.
    П. Аввакумов

Ыт мунна көр мурун

  • Туоһу кырааскалыырга хатыҥҥа үүнэр ыт мунна диэн тэллэйи уматан, хара чоҕун сүөһү сыатын арыытыгар, сүөгэйгэ булкуйан хара кырааска оҥороллоро. ПСН УТС. Сири иһити ыт мунна тэллэйинэн, сылгы хоруончукатынан өҥнүүлэрин иһин бу иһиттэри "хоруолаах" диэн холбуу ааттыыллара. НБФ-МУу СОБ. Хатыҥ маска үүнэр ыт муннун уматан, хоруо оҥороллор, саарыны онон оҕунуохтууллар. "Кыым".

Ыт тииһэ

чүмэчи от диэн курдук (көр чүмэчи).

  • Ыт тииһэ сэлэлии үүммүт сирэ эбит.

Ыт тиҥилэҕэ

киис тиҥилэҕэ диэн курдук (көр киис).

  • Сугун эбии хойдор, ыт тиҥилэҕэ быыстала суох кытарчы көрөн сытар.
    Н. Заболоцкай
  • Дулҕалаах сайыҥҥы суолу кыйа эрбэһин будьуруйар, ыт тиҥилэҕин хатыы сэбирдэхтэрэ үллэһэн олороллор. "Чолбон".

Ыт тыла көр тыл I

  • Ыт тылын бааһы оһорор эмтээх сэбирдэх быһыытынан туһаналлар. АНК ТСТЗС. Кыа эрбэһин сэлиэһинэйдээҕэр балтараа төгүл, ыт тыла икки төгүл элбэх сииги туһаналлар. ЛИК СОТҮҮүТ. Ыт тылын сиппит аһа туох эмэ түүтүгэр, киһи таҥаһыгар хатанан, үүнээйиттэн ыраах баран хаалар. КВА
    Б. Др
  • -тюрк., тюрк. ит

«Ы» буукуба