ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эт

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы сказать, говорить

English meat

Ис хоһооно · 10
I

1 туохтуур #

Бэйэҥ санааҕын кимиэхэ эмэ саҥаран иһитиннэр, тиэрт

Нууччалыы Сказать, говорить

  • Хантан эрэ биир саллаат кэлэн биһиги лейтенаммытыгар тугу эрэ эттэ.
    Т. Сметанин
  • [Оҕонньор – ыалдьыттан:] Мин ааппын эн хантан биллиҥ? Ону эйиэхэ ким эттэ?
    И. Данилов
  • [Кыыс] биирдэ күнүс кимиэхэ да эппэккэ халдьаайыга ийэтигэр тахса сырытта, онно өр баҕайы олорон дэлби ытаата.
    МСС ДЭ

2 туохтуур #

"Кук-куук" диэн саҥаны таһаар, оннук саҥар (кэҕэни этэргэ)

Нууччалыы Куковать (о кукушке)

  • Үөһээ тыабыт үрдүгэр Өтөн кыыллар үөттүлэр, Кэрии тыабыт кэтэҕэр Кэҕэ кыыллар эттилэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ырыых-ыраах, өрүс тэҥкэтигэр кэҕэ этэн чоргуйар.
    Н. Якутскай
  • Сайылыктарын куулатыгар, халдьаайытыгар хаппыт тииттэр төбөлөрүгэр кэҕэлэр олорон, этэн чоргуһаллара
    И. Федосеев

3 туохтуур #

Улахан ньиргиэрдээх тыаһы таһаар, ньириһий (этиҥи этэргэ)

Нууччалыы Греметь (о громе)

  • Эмискэ нүксүлгэн Этиҥнэр эттилэр.
    Болот Боотур
  • Биир сайын томторбутугар оонньуу сырыттахпытына, үрдүбүтүгэр этиҥ эппит. ССС ОББ. Былыт суоҕа буолан баран, халлааҥҥа этиҥ эппит. М. Горькай (тылб.)

4 этии #

Нууччалыы Говорить прямо; говорить в глаза, говорить в лицо

Этиилэр

Айыыгын эт көр айыы III

  • Таҥара иннигэр айыыгын эт, чэпчиэҥ.
  • Төрөөбүт ийэтэ эрдэ, уол таҥараҕа аан бастаан айыытын этэр дьылыгар, оҕолонобун диэн өлөөхтөөбүтэ.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Ол чочуобунаны, сэттэ сааһын туолан айыы этээри, сайын аҕабыыт кэлбитигэр Хачыгыр аҕатын кытта сылдьан көрбүтэ.
    Эрилик Эристиин

Айыыны быһа эттэххэ көр айыы III

  • [Күөх Көппө:] Эчи, айыыны быһа эттэххэ, бэйэм да тэпсэн кыайдым быһыылаах.
    Суорун Омоллоон
  • Арай, айыыны быһа эттэххэ, мин оҕом Аргунтай бардаҕына, Баргузин бириискэтин эн тыла суох ийэҥ Сотто аһынан салгыа этэ дуо?
    Эрилик Эристиин

Айыыны кистээбэккэ эттэххэ (тугу кистэниллиэй) көр айыы III

  • Мин оҕом оҕолоро буолуох эдэр кыргыттар сорохторо, чэ айыыны кистээбэккэ эттэххэ, сүрэҕэлдьииллэр.
    Амма Аччыгыйа

Баһан эт көр бас I

  • Баһан этэллэр: "Сотору ыанньыксыттар, били былыргыларын курдук, ньирэйдэри, ынахтары бииргэ көрүөхтэрэһ.
    С. Федотов
  • Арааһа, аһара басыһан, Атаһым, суруйар эбиккин, Умнубат эбит диэн махтанан, Баалыам дуо, баһан да эппиккин.
    М. Хара
Өссө холобурдар (1)
  • Маны истэн олорбут Владимир Ильич тыл кыбыппыта: "Елизавета Васильевна, арааһа, кыратык баһан эттиҥ дуу!һ.
    М. Прилежаева

Саҥарыма, кэпсэтимэ

Баскын быһа этинимэ: Өйдөөх киһи эбит дэтиэҥ, Бэрт уһун үйэлэниэҥ.

  • Биһиги да алааспытыгар өтөн үөтүө (кэҕэ этиэ, күөрэгэй ыллыа) көр алаас. Биһиги да алааспытыгар өтөн үөтүө, кэҕэ этиэ, күөрэгэй ыллыа (өс хоһ.).

Быһа (быһа-хото) этимэ көр быһа I

  • Кэргэммэр, Соняҕа, тугу да быһа-хото эппэппин.
    П. Аввакумов
  • Кини [Даайыс] барыларыттан сааһынан аҕа. Ол иһин эбитэ дуу, кини бу кыргыттары туохха да холооботтуу быһа-хото этэн кэбиһээччи.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • "Түксү, манна кураанаҕынан куолулуур сир буолбатах!" – Ханчаайап быһа-хото эттэ.
    ХС

Быһа этимэ көр быһа I

  • Василий хаһан да Бүөккэҕэ да атыттарга да билбэтин-көрбөтүн быһа эппэт буолара.
    А. Сыромятникова
  • [Тойоттор – Толомон Ньургустайга:] Оҕобутун эйигин Уу харахтаах Утары көрбөтүн, Быыра тыллаах Быһа эппэтин. ТТИГ КХКК. Ол эрээри билиҥҥиттэн, Суолбун ортолоон иһэммин, Иннибин быһа этимиим, Суҥхарымыым ирээппиттэн.
    М. Тимофеев

Быһыта баттаан саҥар (эт) көр баттаа

  • "Онуоха-маныаха дылы сиринэн, син, биһиги туһанан хаалыахпытһ, – диэн оҕонньор быһыта баттаан этэн кэбистэ.
    П. Ойуунускай

Бэйэ икки ардыгар (ыккардыгар, иккэрдигэр) эттэххэ көр икки I

  • [Аркаас – Сибиэтэҕэ:] Бэйэ икки ардыгар эттэххэ, булка-алка иҥсэ көбөрө кимиэхэ баҕарар тэҥ буолуо суоҕа дуо?
    П. Аввакумов
  • Бэйэ икки ардыгар эттэххэ, мин сөбүлээмээри гынабын ээ.
    И. Никифоров

Көмүрүө курдук этэн кэбис көр көмүрүө

  • Эмээхсин сэнээн саҥараары гыммытыгар кыыс, толлон турбакка, көмүрүө курдук этэн кэбистэ.
  • Тугу баҕарар, кими баҕарар көмүрүө курдук этитэлээн кэбиһээччи.
    Г. Нынныров

Көрөртөн да сүөргү, этэртэн да эриэккэс көр көр I

  • [Туйаарыма Куо] Көрөртөн көрө сүөргү Көстөр бэрт, Этиэхтэн да Эттэр эриэккэс.
    П. Ойуунускай
  • Этэртэн да эриэккэс, Көрөртөн да сүөргү, Күндү тааһым барахсан Күлүбүрээбит бэйэтэ Күнтэн көспүт сардаҥалаах эбит.
    С. Зверев

Кулгаах-харах көмүстээн этэр көр кулгаах

  • Кулгаах-харах көмүстээн этэр (өс хоһ.).

Кырыа-хоруо курдук эт (саҥар) көр кырыа-хоруо

  • Уоһуттан уоһаҕа куурбакка сылдьан кырдьаҕас дьону кырыа-хоруо курдук этэр буолбут.
    М. Доҕордуурап

Өс кэпсээ, тыл эт көр өс II

  • [Күн Тэгиэримэн бухатыыр] Өс кэпсии, Тыл этэ, Тойук туойа турбута үһү.
    КММ БМБ

Сиик тэстибэт гына (эт) көр сиик I

  • Ийэм аҕабар миэхэ саҥа бэлисипиэт ыларбытын сиик тэстибэт гына эттэ.
  • [Кинээс Мохооҕо] ханан да сиик тэстибэт гына этэн түмүктээтэ.
    ОИП Х

Сирэйгэ эт

кимиэхэ эмэ тугу эмэ тус бэйэтигэр, утары көрөн туран хайдах баарынан эт, саҥар "Мин ол содурбун дуу, күлүгээммин дуу дьахтар быраҕан барыаҕын?

Эн сирэйбэр этһ,

Туоскун тыла-өһө дьыбарсыйан барда.

  • Софр. Данилов. Кини халы-мааргы тыллаах-өстөөх, сытыы, бэргэн уобарастара суох айымньылары туох баарынан сирэйгэ этэртэн тардыммат.
    Күннүк Уурастыырап
  • Этэбин эйиэхэ сирэйгэр: Дьиҥнээх бүрүкүрээт эбиккин.
    Баал Хабырыыс

Сиэллээн-кутуруктаан эт (саҥар) көр кутуруктаа

  • [Абааһы уола:] Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күттүөннээх. Чэ, ону бэйэҥ бил!

Итинтэн ордугу сиэллээн-кутуруктаан этэрим суох!

диэтэ.

  • Ньургун Боотур. Тылы сиэллээн-кутуруктаан, наһаа эрийэн, таптаан этэр.
    Н. Босиков
  • Ити баҕаҕын табаарыскар тылгынан кэпсиир буоллаххына, уһатан-кэҥэтэн, сиэллээн-кутуруктаан, эргитэн этиэххин сөп.
    ЧМА СТС СЭ

Тиһэх тылын этэ илик көр тиһэх I

  • Гриша бу сырыыга убайыгар хапсаҕайдаан хоттордо гынан баран, тиһэх тылын этэ илик.
  • Үһүс миэстэҕэ улахан эрийсии буолуох курдук. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ да тиһэх тылларын этэ иликтэр. "Кыым".

Тыллаах эппитин, курдук көр тыллаах

  • Тыллаах эппитин, кырыыстаах кыраабытын курдук.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Оо, тыллаах эппитин, кырыыстаах кыраабытын курдук буолан иһээхтиибит.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Тыллаах этэр, харахтаах кынчарыйар, илиилээх охсор (киһитэ) көр тыллаах. Тыллаах этэр, харахтаах кынчарыйар, илиилээх охсор.
    Өксөкүлээх Өлөксөй

Тылыттан тылыгар көр тыл II

  • Учууталыҥ туох диэтэй, тылыттан тылыгар эт.

Тыһы кылы тыыра этэр көр тыһы

  • Тыһы кылы тыыра этэр уус тыллаах киһи (өс хоһ.). Эн курдук тыһы кылы тыыра этэр уус тыллаах оҕонньор көрдөһүүтүн хайа дьахтар аккаастыай?
    Болот Боотур

Уот этэр көр уот II

  • Чэ, ол кини эппитэ да, уот эппитэ да син биир.
    Н. Неустроев
  • Кырдьыксыт киһини "уот этэрин курдук тыллаах" киһи диэн буолар.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • [Сахалар] уот "этэрэһ, итэҕэл быһыытынан, "уот иччитэ" дьону кытары кэпсэтэрин курдук санааннар, уот хаһан даҕаны сымыйалаабат диэн саныыллар. "Чолбон".

Уоттаах харахтаах (харах) утары көрбөтүн, көр уоттаах

  • Уоттаах харахтаах утары көрбөтүн, татаар тыллаах таба эппэтин!
    Саха фольк

Утары эт көр утары

  • [Уоһук:] Утары эрэ эттэргин, дьэ, тугу хоргутуоҥуй.
    Н. Неустроев
  • "Үс мөлүйүөнтэн баҕас итэҕэһэ суох инигитһ, – диэтэ утары эттэрбэттик. Софр. Данилов.

Хоруо курдук эт (саҥар) көр хоруо

  • Арай Айдар баар дии, туохтан да иҥнэрэ-толлоро диэн суох, барытын хоруо курдук этэн кэбиһэр.
    Н. Лугинов
  • "Эн-мин" дэһэн сылдьыбыт Атастарын-доҕотторун, Аймах-билэ дьоннорун Хоруо курдук этитэлиир Холур-холуон быһыыланна.
    М. Ефимов
Өссө холобурдар (1)
  • Вера, сэттис кылааһы биир да "орто" сыаната суох наар үчүгэйинэн бүтэрбит эдьиий киһи, бэһис кылааһы сыһыллан-соһуллан нэһиилэ "ортонон" эрэ тахсан олорор быраатын хоруо курдук этэргэ бырааптаах курдуга.
    И. Сысолятин

Элэ-была тылгын эт көр элэ-была

  • Иккиһин, үсүһүн, төрдүһүн хаһыытаан элэ-была тылын этэн көрдө да, ким да омурҕанныах быһыыта суоҕа.
    М. Доҕордуурап
  • Ити киэһэ кыыстара, олус эрэйдэнэн, элэ-была тылын этэн, киһини барытын куттаан, ууга-уокка түһэрэн, халлаан сырдыыта өлбүт уол оҕону төрөппүт.
    Т. Находкина

Эппит тыл биир көр тыл II

  • [Ньургуһун Ньукулай:] Эппит тылым биир. Этиэм суоҕа.
    Күндэ

Эппит тылгар тойон буол көр тыл II

  • Хаһан баҕар эппит тылгар тойон буоларыҥ ордук.

Эппит тылгын (этиллибити, этиллибит тыллары) төннөр көр төннөр

  • Оччоҕо ити эппит тылгын бэйэҕэр төннөрүөм! Ону өйдөө эрэ! Ньургун Боотур. Көрбүт хараҕын чыпчылыйыа, Туппут илиитин мүччүрүтүө, Эппит тылын төннөрүө суох Кытаанах санаалаах Кыыс дьахтар быһыылаах.
    А. Софронов
  • Чэ, хайыахпытый? Этиллибит тыллары төннөрбөккүн.
    Н. Лугинов

Эппит хоту сылдьар

мөккүспэт, утарыласпат, киһи тугу эппитин толорон иһэр.

Легко повинующийся, послушный.

  • Харычыана эрэйдээх киһи этэрин хоту сылдьар сымнаҕас майгыннаах.
    П. Аввакумов
  • Эппит хоту сылдьар бу боростуой эмээхсин буолбатах.
    ПНИ АДХ

Эппэт кэлэҕэй көр кэлэҕэй II

  • [Аан Далбар:] Оҕобун ким уоран сиэбитин билээри Оннооҕу-маннааҕы ааттаах ойууннарга Көрүү көрдөрө сатаатым, Өлүөхсүт аатын этэн иһэн Куттанан эппэт кэлэҕэй буолаллар.
    И. Гоголев
  • Кыыһырдар эбэтэр омуннурдар эрэ, эппэт кэлэҕэй буолан хаалааччы.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Савва кутталыттан уҥуоҕа халыр босхо баран, эппэт кэлэҕэй, саҥарбат тардыас буолла.
    Л. Габышев

Эт этимэ

киһи тылын истибэт, баардыылаабат, онон этэн туһа суох (эппит да эппэтэх да син биир).

соотв. хоть кол на голове теши. Эйиэхэ эт да этимэ, син биир. Н. Неустроев.

  • Этиэх бэтэрээ өттүнэ (өттүгэр, икки ардыгар, түгэнэ, түргэнинэн) – олус түргэнник. В мгновение ока. [Тыҥырахтаах көтөр] этиэх түгэнэ ситэ баттаан ылан тэбэн, хайыы үйэҕэ өлөн аллара сурулаан эрэр тыыраахыны ууга тириэрдибэккэ, салгыҥҥа лып гыннаран ылла да, тыа диэки көтө турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Ити барыта наһаа түргэнник буолла, этиэх бэтэрээ өттүгэр бүттэ.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Этиэх икки ардыгар, Тимир эрэһэ сүүрүк Тэбэр долгунун үрдүгэр Тирэччи тирэммитинэн, Дириҥ куоллараан устун Тимирэн иһэр эбиппин.
    С. Васильев
  • Тэҥн. көрүөх бэтэрээ өттүгэр.

Этиэхтэн эриэккэс көр эриэккэс

  • [Айталыын Куо] Таҥас бүтэй Талба-нарын Тамана көстөр, Эт бүтэй Этиэхтэн эриэккэс Уҥуоҕа умайар, Силиитэ дьалкыйар.
    П. Ойуунускай
  • Этиэхтэн эриэккэс, Саныыртан талыыкан, Эдэртэн эйэҕэс, Өлөөнчүк барахсан. Эллэй.

Эттэ да этириэс

эппитин туох да иһин уларыппат, эттэ да хайаан да толорон тэйэр.

соотв. раз сказал – значит, сделает.

  • Лоп гынна да догобуор, эттиҥ да этириэс (өс хоһ.). [Үчүгээйэп:] Мин кинини атын үлэҕэ анаан турабын. Ити туһунан тыл көтөҕө да сорунума. Эттим да этириэс.
    С. Ефремов

Этэ да барыллыбат

ким, туох эмэ туһунан этиллибэт, саҥарыллыбат даҕаны.

И говорить не приходится (о ком-чём-л.).

  • Аймахтарбыттан көмө туһунан этэ да барыллыбат, хата бэйэбиттэн көмө көрдүүллэр.

Этэ дьиэһий көр дьиэһий

  • Өллөхпүнэ үөрүм ытаан ааһыаҕа, иккилээх дьэс эмэгэт буолан этэ дьиэһийэн ааһыаҕа. Ньургун Боотур. [Алта удаҕаттар] Татынньахтыы сытар Таас килиэ оҕону Эрийэ охсон, этэ дьиэһийэн, Эрийэллэрин аҕай кытта [тыас дэлбэритэ ыстанна].
    П. Ойуунускай

Этэн баран хаалар көр хаал

  • Дьүөгэм этиэхтээҕин этэн баран хаалар киһи.
  • "Мин этэн баран хаалар киһибин, оттон кини сүрэҕэ суох!" – Маайа эбии күллэ.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • эҕирийиэх бэтэрээ өттүнэ (иннинэ) – этиэх бэтэрээ өттүнэ (өттүгэр) диэн курдук. "Сөп!" – эрэ диэтэргин Сип-сибилигин, Этэн баран Эҕирийиэх иннинэ Тус хоту бараммын Туһааннаах убайгын Түптүр дьуоҕаттан босхолуом.
    П. Ядрихинскай
  • Тэҥн. көрөн баран чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр (икки ардыгар).

Этэ сэлээр көр сэлээр II

  • Тиһэҕэр, Кухайа ойоҕо диэн аһаҕас эттээх өмүрэх эмээхсин этэ сэлээр буолан, мэнэрийэн бараары гыммытыгар, дьэ тохтоотулар.
    Болот Боотур
  • Энэлийэн ыла-ыла этэ сэлээрбит эркээйилээх, кутуран ыла-ыла холкулла олорбут хойгуолаах -- өлүү дьөлөҕөс үүтүнэн үргүөр үргүйдэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • [Күкүр Уус] иһин түгэҕиттэн дириҥник мэҥийэн, иччилээх тыллары дьүөрэлээн, этэ сэлээр буолан иһэн, устунан салҕалас буолбут кылыһахтаах күөмэйигэр кэһээн ыллаан дьүрүһүтэн барар.
    Г. Колесов

Ээҕин эттэ

кытаанах эрэйи-кыһалҕаны көрсөн, улаханнык моһуогуран, кэһэй буолла, чуурун биэрдэ.

Получать от кого-чего-л. суровый урок, быть сломленным кем-чем-л.

  • Эрэй кытаанаҕын эрэйдээтилэр, Ээхпин эппэтим биирдэ да. Эллэй. [Ыстапаанньыйа:] Дьоннору тимир чуумпурунан таһыйа-таһыйа хас да хонугу мэлдьи аһаппакка хараҥа оҥкучахха хаайаллар үһү ээ… Ээҕин этиэр диэри. Күндэ

5 этии #

Нууччалыы Если быть честным, сказать как есть, если говорить, не тая. [Хоодуотап:] Чокуурап бөҕөхпүн диир буолан баран, кистээбэккэ эттэххэ, кини да аһыан баҕарар быһыылаах

Этиилэр

Кистээбэккэ эттэххэ

кырдьыгынан, хайдах баарынан эттэххэ С.

  • Ефремов. [Петя:] Кистээбэккэ эттэххэ, мин ити күн үөрэн атаҕым сири билбэт буолбута.
    И. Данилов

Күөйэ-хаайа эт (эт-тыын) көр күөй-хаай

  • [Аан Далбар:] Оҕоҥ кэскилин күөйэ этимэ, Тыл сэттээх.
    И. Гоголев

Манна даҕатан эттэххэ көр даҕатан

  • Манна даҕатан эттэххэ, Иирэлээххэ ууну тутар үрдүк быһыт дьэндэйэн турар.
    И. Данилов

Оонньоон эт

элэк-хаадьы оҥостон сымыйаны саҥар, эт, көрүдьүөстэнэн албыннаа.

Обманывать ради шутки, говорить в шутку, пошутить.

  • "Оҕолоор, кэлиҥ! Тыыннаахпын! Оонньоон этэбин!" – диэбит били сүппүт уол.
    Суорун Омоллоон
  • [Варя (үөрэн күлэ түһэр, ийэтин кууһар, ууруур, эргичитэр):] Дьэ, ити туох диир эбит диэн, оонньоон эппитим.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • [Панас:] Эдьиэй, ааттыыбын, оонньоон этэбин.

Эн бэйэҥ баҕаҕынан үҥкүүлээбэтэҕиҥ,

диэтэ.

  • "ХС".

Сымнаҕастык эттэххэ көр сымнаҕастык

  • Ол остолобуойтан, сымнаҕастык эттэххэ, ыйытыллыбакка ылыллыбыт курууска этэ.
    Н. Заболоцкай

Сымнатан эттэххэ көр сымнат

  • Айаммыт, сымнатан эттэххэ, унньуктаах, сылаалаах буолла.
  • Кинилэртэн сорохторо [гороно, районолар эппиэттээх үлэһиттэрэ] ити ыстатыйаны, сымнатан эттэххэ, сураҕын эрэ истибит этилэр. "Кыым".

Таарыччы эттэххэ (аҕыннахха) көр таарыччы

  • Таарыччы этэн аһардахха, нуучча сирэ үөскүөҕүттэн ыла бу дойдуга олорор табыллыбат.
    И. Тургенев

Ханалытан эт

ханалыт диэн курдук.

  • Кыыс, кистээн, ити үөрэхтээх, мэйиилээх ахан киһи ханалытан этэрэ буолаарай диэн, утары уорбалыыр.
    А. Сыромятникова

Чуолаан эттэххэ

тугу эмэ ордук чуолкайдаан, чопчулаан эттэххэ.

Если быть точным, конкретизировать в словах.

  • [Вера:] Онно баҕар эһиги, чуолаан эттэххэ, эн да буруйдаах буолуоҥ.
    С. Ефремов

Эн эппэтэҕиҥ буоллун

этиллибит туоллун, этиллибит курдук буоллун диэн баҕа санааны биллэрии.

Пусть исполнится сказанное, пусть будет так, как сказано (говорится в случае желания исполнения сказанного).

Эн эппэтэҕиҥ

таҥара эппитэ буоллун (өс хоһ.

  • ).

Эн эппэтэҕиҥ

Иэйиэхсит эттэҕэ буоллун!

  • П. Ойуунускай.

Эппиккэ (этэргэ) дылы

туох эмэ диэн эппит курдук, туох эмэ диэбиттии.

Как говорится.

  • Эппиккэ дылы, боруоста "үчүгэй" уол. "Кыым". Ср. ДТС айыт ʽпозволить говорить; спрашиватьʼ, кирг. айт ʽговорить, сказатьʼ
II

6 аат тыл #

Өлөрүллүбүт кыыл, сүөһү эбэтэр көтөр аһылыкка туттуллуон, ыстанан сиэниллиэн сөптөөх чааһа, көп өттө

Нууччалыы Часть туши убитого животного или птицы, употребляемая в пищу, мясо

  • Мин тотуохпар диэри эти дэлби сиэтим.
    Н. Неустроев
  • Дьиэ ыһаарыламмыт эт сытынан аҥылыйар. Софр. Данилов. Оҕонньорум икки үтэһэҕэ сыалаах эти үөлэ охсон уотун кытыытыгар анньыталаата. А. Кривошапкин (тылб.)

7 аат тыл #

Киһи эбэтэр кыыл тыыннаах буолан, олох олорорун кэрэһэлиир бүтүн бэйэтин бүттүүнэ: сымнаҕас эттигэ, хаана-сиинэ, уҥуохтара

Нууччалыы Плоть, тело, организм (человека или животного)

  • Көһүйбүт эккин көннөрөн, Көллүбүт уҥуоххун хамнатан, Утуйбут буолларгын Уһуктар кэмиҥ кэллэ.
    П. Ойуунускай
  • Сарсыарда сылаабытыттан эппит көһүйэн хаалан, атахпытын нэһиилэ соһор буолбут этибит.
    Т. Нутчина
  • Киһи этин сүрүн чаастара: төбө, моой, көҥдөй көҕүс, илиилэр уонна атахтар
    МЛФ АҮө

8 аат тыл #

Уларсыкка туһаныллар көлө иһин төлөбүр

Нууччалыы Плата за пользование рабочим скотом. [Дьаакып:] Ыстапаан, атыҥ этин төһө диигин?

9 этии #

Нууччалыы Он сам, лично; собственной персоной

Этиилэр

Аһаҕас эттээх көр аһаҕас

  • Туох баар иэйиитин, өйүн-санаатын истэ-билэ турар сылаас дууһалааҕар, аһаҕас эттээҕэр эбии ыга сыһынна.
    Н. Босиков
  • Абааһы, иччи аһаҕас эттээх дьоҥҥо көстөр, иһиллэр дииллэр. Доосо. "Сир түннүгүнэн" аатырар ураты муударай аар кырдьаҕастар, эбэтэр "аһаҕас эттээх" "көрбүөччүһ, аптаах-хомуһуннаах улуу ойууттар эрэ өтө көрөн этэр кыахтааҕынан аатыраллара. Эрчимэн.

Буордаах эт көр буор

  • Үөннээх эт сүгэһэрдээх, Буордаах эт аһылыктаах, Муҥутуур түөкүн аатырбыт Мин муҥнаах буоллаҕым.
    С. Зверев

Буутун этэ буспут (муҥутаабыт) көр буут I

  • [Манчаары:] Эн буоллаххына Буутуҥ этэ буһарыгар, Холуҥ этэ хойдоругар, Самнан биэрбэт саргылан, Түһэн биэрбэт төлкөлөн. Эллэй. Быстар дьадаҥы ыал уоллара Бичик Сэмэн сүүрбэ сааһыгар тиийэн, холун этэ хойдубута, буутун этэ муҥутаабыта, сиһин этэ сиппитэ.
    Н. Якутскай
  • "Буутун этэ бустаҕына, холун этэ хойуннаҕына былыргы мин саҕа бухатыыр буолсуһ, – диэн уурайан туран, киһитин хайҕаата.
    Эрилик Эристиин

Бүтэй эттээх көр бүтэй II

  • Сөдүөт, бүтэй эттээх буолан, өтөххө куттаммакка хонно.
  • Абааһыны аһаҕас эттээх-сииннээх дьоннор көрөллөр дииллэр. Оттон Сайыына бүтэй эттээх.
    Г. Угаров
Өссө холобурдар (1)
  • кэрэх этиттэн маппыт көр кэрэх I. Икки кэрэх этиттэн маппыкка дылы (өс хоһ.). Сэттэ кэрэх этиттэн маппыт Нэлээһэйгэ дылы.
    Саха фольк

Инчэҕэй эттээҕи туппат көр тут I

  • Бу [оҕо] да турбата. Инчэҕэй эттээҕи таба туппатыбыт.
    Н. Түгүнүүрэп

Инчэҕэй эттээх тулуйбат көр тулуй

  • Салгын титирээн, сир дьигиһийэн, уу оргуйан олорор, инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ соҕотохто таҥнары сатыылыыр.
    С. Васильев
  • Таһырдьа үүт сылытар оһохторо суох буолан, Муоча күнү быһа дьиэтигэр уот оттон, инчэҕэй эттээх тулуйбат итиитэ.
    С. Никифоров

Иэдьэгэй эттээх көр иэдьэгэй

  • Иэдьэгэй эттээх Иринньэх оҕо Эрдэхтэн ыла, Иҥсэлээх тойот Илимэр иҥнэн, Иинэҕэс мастыы Эриллэ хатан, Имиллэ үүнэн Испитим баара. Эллэй.

Көрдүгэн эттээх көр көрдүгэн

  • Оҕобут көрдүгэн эттээх буолан, алааска, тыаҕа барбаппыт, дьиэбитигэр олоробут.

Кыһыл этинэн көрөр көр кыһыл

  • Кыһыл этинэн көрбүт, ириҥэнэн көрбүт, мээнэнэн өлбөөдүччү көрбүт.
    П. Ойуунускай

Ньиччэҕэй эттээх

инчэҕэй эттээх диэн курдук (көр инчэҕэй).

  • Түрмэҕэ өр туталлара буолуо. Ньиччэҕэй эттээх тулуйбат сирин кэпсииллэр.
    Болот Боотур
  • Этиһэн тэҥнээҕин Булбатах туура. Ньиччэҕэй эттээҕи Тулуппат дууһа.
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Германияҕа ньиччэҕэй эттээх тулуйбат сорун-муҥун көрбүппүн санаан кэллэхпинэ -- тыыным хаайтарар.
    М. Шолохов

Өлүөр эккэр түөн уурунума көр өлүөр

  • Өлүөр эккэ түөн ууруллубат (өс хоһ.). Суох, оннук сатаммат, эрэбиисийэ кэллэҕинэ, миигиттэн иэстиэ, өлүөр эппэр түөн ууруммаппын.
    Далан
  • Хайа атыыһыт, этэргэ дылы, эргиэн бириинсибин кэһэн, өлүөр этигэр түөн уурунуой?
    С. Федотов

Сүрэхтэн хаан хабан, эт тардан көр сүрэх I

  • Хас хоһоон барыта сүрэхтэн эт тардан, хаан хабан тахсыахтаах!
    П. Тобуруокап
  • Маяковскайтан сабыдыаллаах кырдьык даҕаны сүрэхтэн эт хабан, хаан тардан тахсыбыт поэзия!
    Н. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
  • Арай "хоһоон сүрэхтэн хаан хабан, эт тардан тахсыахтааҕын" бэйэтинэн билбит биир улахан бэйиэппит Пётр Тобуруокап ханнык эрэ ыстатыйатыгар "тыл сытын-сымарын, тыл амтанын билиэххэ" диэһинэ итиннэ кэм чугас, уруулуу, атылыы соҕус буолара эбитэ дуу.
    С. Федотов

Уҥуох үүттээх, эт саастаах киһи көр уҥуох

  • Убайым уҥуох үүттээх, эт саастаах киһи.

Эт атаҕынан көр атах

  • Сорохтор киэҥ Сойууһу, атын да дойдулары эт атахтарынан уһаты-туора сыыйаллар.
    С. Федотов
  • Эт атаҕынан кэлиэх диэтэххэ ыраах сир.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Чулуу тылбаасчыты [Владимир Державины] Семён Данилов эт атаҕынан эккирэтэн, көрдөөн булбута. "Кыым".

Эт бэйэтэ

ким эмэ бэйэтэ, тус бэйэтинэн Эн хамначчыт уолунаҕын, баай батталын эт бэйэҕинэн билбит киһигин.

  • Баһыттан атаҕар диэри хаары бүрүммүт, сирэйэ-хараҕа бурҕаҥнас кырыа киһи уһун суолу эт бэйэтинэн эмиэ өтүүктээн барда.
    И. Никифоров
  • Кини эт бэйэтэ билбитин-көрбүтүн тутатына ис-иһиттэн күүстээхтик иэйэн этэр ураты дьоҕурдаах.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. сирэй бэйэтинэн.

Эт илиитинэн

кыһыл илиитинэн диэн курдук (көр кыһыл).

  • "Оо, сорум да баар эбит! Оннооҕор аҕалаатар аҕабын, эт илиибинэн тутан-хабан, ийэ буоругар харайбат сорум кэллэҕэ!" – Маппыр тииһин хабырынна.
    Л. Попов
  • Тимир кэбэрэни булларан уокка кытардан баран, эт илиитинэн тутан туран кыһыл тылынан сырдырҕаччы салаан кэбистэ. ИПН АОК. Былырыын күһүн -- худуоһунньуктар, ускуустуба үлэһиттэрин бүтүн биригээдэлэрэ тахсан былааннаан, биир нэдиэлэни быһа бэйэлэрэ эт илиилэринэн мусуой экспозициятын оҥорон биэрбиттэрэ.
    ХС

Этин тартарбат

минин (иҥин) да тартарбат диэн курдук (көр тартар).

  • Ити хаптаһыннара билигин ыллаһан да бардахтарына, соччо этин тартарбакка эрбии, көөбүллүү турууһу.
    Н. Заболоцкай
  • Кэрэмэс көрөн турбахтаата. Кыыла этин да тартаран көрбөт.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Ийэтэ, кини [Дьөгүөссэ] саҥатыттан этин да тартарбакка, хараҕын чыпчылыйбакка килэччи көрөн, айаҕын аҥаччы атан -- сытта.
    М. Доҕордуурап

Этин сааһа аһылынна

эмискэ ис-иһиттэн тоҥон, дьагдьайан ылла; туохтан эрэ олус улаханнык куттанна-куойда.

соотв. мороз по коже дерёт; мурашки бегают по спине.

  • Маайа, бу сэһэни истэ олорон, хаста да куйахата ытырбахтаан, этин сааһа аһыллан тымныйталыы сырытта.
    Н. Якутскай
  • [Соня (кыбдьыгырыыр, дьигиһийэр):] Оо, хайдах эрэ куйахам күүрэн уонна этим сааһа аһыллан, тоҥон бардым.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Кыысчаан бу дьулаан сэбэрэттэн куттанан этин сааһа аһыллыбыта, мэктиэтигэр куйахата үмүрүтэ тыыппыта. "Чолбон". Тэҥн. этэ атыйар.

Этин сүүйтэрбит

кырдьан, ыалдьан, улаханнык ырбыт, дьүдьэйбит, этэ-сиинэ ииммит.

Терять тело от старости, худеть.

  • Эбэм, кырдьан, этин сүүйтэрбит.

Этин тартарда

куттанан, соһуйан, ходьох гынна.

Судорожно дёргаться.

  • Испирдиэн эмискэ Этин тартарда, Эргиллэ хайыста, Олоро түстэ, Ойон түстэ.
    А. Софронов
  • Андрей Иванович бастаан этин тартаран дьигиһис гына түстэ.
    Р. Кулаковскай

Этин ыт сиэбэт буолбут

этин ыт сиэбэт гына диэн курдук (көр сиэ).

  • Ити кэмҥэ Охотскай эҥээригэр өстөһөн эттэрин ыт сиэбэт буолбут хас да бандьыыт бөлөхтөрө баар этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Матасыыкылынан кэрийбитим буоллар эппин ыт сиэбэт буолан эргиллиэх этим.
    П. Егоров
Өссө холобурдар (3)
  • Кии бөҕөнү күрдьүбүппүт, ходуулу таспыппыт, барытын илбийэн-миинньиктээн кэбиспиппит. Эппитин ыт сиэбэт буола сылайбыппыт. КИ АДБ
    Б. Тэҥн
  • элэтэ эһиннэ, былата быһынна. Эт киһи (дьон) элэйдэ, сыа киһи (дьон) сылайда көр сылай I. Ити иһэн, Эт киһибит Эргэ нэмэттэ курдук Имиллэн, Элэйэн барбыт, Сыа киһибит Сындааһын иҥиирэ сыыйыллан, Сылайан барбыт.
    П. Тобуруокап
  • Үс төгүрүк сыл сатыы айаннаан, сыа дьон сылайан, эт дьон элэйэн кэлбиттэрэ.
    Д. Апросимов

Эт кулгаахпынан (истибитим) көр кулгаах

  • Кини ырыатын-тойугун, олоҥхотун эт кулгаахпынан истэн, илэ харахпынан көрөн итэҕэйбитим диэтэхпинэ, бука, омун буолуо суоҕа.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Начаалынньыктар] саҥа дьылтан АТС үлэҕэ киириэҕин туһунан эрэннэриилэрин эт кулгаахпытынан хаста да истэн турабыт. "Кыым". [Чацкай:] Туох баҕайытай? Эт кулгаахпынан иһиттим!
    А. Грибоедов

Эт лахса көр лахса

  • Биир суон соҕус эт лахса киһи түргэнник лобурҕаччы хааман киирэн, бартыбыалын остуолга лис гына бырахта.
    А. Софронов
  • Ыҥыырга суон төҥүргэс курдук лип-бааччы олорор кэтит сарыннаах эт лахса аргыһа үгэһинэн көбүөлээн хардьыгынаата.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • [Ымсыы Хонооһой] эт лахса уҥуохтаах, биэс уонуттан тахсыбыт, кырдьа барбыт көрүҥнээх киһи.
    ХС

Эт мэйиитинэн көр мэйии

  • Икки атахтаах Иэгэй күлүк Эт мэйиитинэн эридьиэстээн, Салаҕай дугуй санаатынан сатаан Туппут-оҥорбут оҥоһуктара эбит.
    С. Зверев
  • Эт мэйиитинэн, дьаһалынан, ама, киниэхэ [Кагаҥҥа] тэҥнээх аҕыйах ини!
    ХС

Эт саастыы көр саастыы

  • Эт саастыы кыргыттаргын көрөн киһи үөрэр. Софр. Данилов. Ньургуһун Лоокууттуун эт саастыы этилэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Ньыыкан – кыыһыгар Балаайаҕа:] Бу мин өлбүт оҕобун Сүөдэри кытта эт саастыы.
    Н. Борисов

Эт сирэйинэн

хайдах баарынан, кырдьыгынан, тугу да кистээбэккэ (кэпсэт).

Начистоту, откровенно, ничего не скрывая (разговаривать).

  • "Эт сирэйинэн кэпсээ, тугу гынныгыт?" – диэтэ аҕата буруйдаах уолугар.
  • Аата ньии, тугу таайса сатыы олордохпутуй? Иккиэйэхпит дии, эт сирэйинэн кэпсэтиэх.
    Болот Боотур

Эт сүрэҕинэн көр сүрэх I

  • Ол хаһан да сурукка суруллан, маассабай үөрэх буолбакка, биирдиилээн уус тус эрэйинэн, эт сүрэҕинэн булбут улуу дьоҕура буолар.
    ЧАИ СБМИ

Эт тардарын курдук

кыратык, биллэ-биллибэттик (ыалдьыбыт киһи бэрт кыратык үтүө буолан иһэрин этэллэр).

Чуть-чуть, самую малость (идти на поправку – о больном человеке).

  • Эмээхсин онтон ыла эт тардарын курдук үтүөрэн испитэ.
  • Хор, Ипатий эт тардарын курдук, бэттэх диэки санаата кэлэн эрэр эбит.
    М. Доҕордуурап

Эт тилэҕинэн

эт атаҕынан диэн курдук (көр атах). [Бурҕаллай:] Эргэнэ хара тыам Иннэ-кэннэ биллибэт Эҥин эгэлгэ систэрин Эт тилэхпинэн Кэмниир эрэйбиний? П. Тобуруокап. Эт тилэҕинэн элбэх сири мээрэйдээбитэ. В. Барабанскай. Эт тиэтэлинэн түөлбэ. – олус ыксаллаахтык, суһаллык.

В срочном порядке, крайне спешно.

  • Киэһэриитэ Дьөгүөрэп оҕонньор мин олорор ыалбар эт тиэтэлинэн дабдыкычыйан ааспыта.
    Н. Заболоцкай
  • Яковтаах Дормидонт сержаннарыгар тылларын былас түһэрэн, аҕылаан-мэҥилээн киирэн, туох буолбутун эт тиэтэлинэн кэпсээтилэр.
    ХС

Эт туппут көр тут I

  • Манчаары уруккутааҕар эт туппут, хаана хараарбыт.
    А. Софронов
  • Настаа кыыһа эт тутан төлөһүйэн эрэрин үөрбүт хараҕынан астына, киэн тутта көрбүтэ.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • Туох буолуой, кыратык уойбуппут, Хобулук үрдүгэр эргийбэт буолбуппут, Ол аата биһиги бүгүн "эт туппуппутһ, Сүүрбэлээх саастартан куоппуппут.
    М. Алексеева

Эт туруйар буол көр туруй

  • Оҕом, улаатан, эт туруйар буолбут.

Эт хараҕынан (көрбүт)

сурах хоту буолбатах, дьиҥ бэйэтинэн көрбүт (онон чахчыта саарбаҕа суох).

Собственными глазами, своими глазами (увидеть).

  • [Дьэллэм Дьэбдьиэ] Аттакылар дэриэбинэлэригэр баран, судаарыскайдар олорор дьиэлэригэр кыабакыс гынан киирбитин эт харахпынан көрбүтүм.
    Болот Боотур
  • [Ананий] сүүрүк күүһүрбүтүн, уу дэбилиҥнии анньа кэлэ турарын эт хараҕынан көрөн, өйө-санаата көтөҕүллэ үөрдэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Урут хаһан даҕаны тыыннаах бандьыыты эт харахтарынан көрө илик дьон, сүрэхтэрэ быллыгыраата.
    ХС

Эт чаллах көр чаллах

  • Кини эт чаллах, үскэл көрүҥнээх, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, хара бараан дьүһүннээх киһи.
    ХС
  • Кыырыктыйбыт баттахтаах эт чаллах киһи -- Юрканы уһун уктаах сиппииринэн сүнньүгэ доргутан биэрээри, эккирэтэн аҕай эрэр эбит.
    А. Гайдар
Өссө холобурдар (1)
  • [Павлуша] пиибэ олгуйун саҕа улахан төбөлөөх, нүксүгүр, эт чаллах уол.
    И. Тургенев

Этэ атыйар

этин сааһа аһылынна диэн курдук.

  • Этим атыйан дьар гынна, өрүтэ даллаҥнаатым.
    П. Ойуунускай
  • [Сүллүкү ойуун] этэ атыйталаан, дьагдьайан, тииһигирэн барда.
    Болот Боотур

Этэ дьар гынна көр дьар гын I

Тыгырыана киһини -- атыҥырыы көрдө, куһаҕаннык санаата, куттанан этэ дьар гынна. Болот Боотур. [Миша] этэ дьар гынар – кинини тымныы харахтар өтөрү-батары көрөллөр. Н. Лугинов. Этэ (этэ-сиинэ, этэ-хаана, эт-этэ) илдьирийдэ (илдьи барда) кэпс. – олус улаханнык сылайда, сылайда-элэйдэ, сэниэтэ олоччу быстыар диэри сылбадыйда.

соотв. валиться с ног; устать как собака.

  • Тамахтара наһаа хаппыт, эттэрэ иилэн ылбат гына илдьирийбит.
    А. Софронов
  • Дьулустаан, туохтан эбитэ буолла, бүгүн хаһааҥҥытааҕар да олус илистибит, эт-этэ илдьирийбит, сылайбыт курдук сананна.
    Э. Соколов
Өссө холобурдар (1)
  • Дьэ маны ааттыахха сөп уол оҕо сындааһына сыыйыллар, эт-этэ илдьирийэр идэмэрдээх үлэтэ диэн.
    ХС

Этэ (этим) салаһар көр салас I

  • Дьыбар сыыгыныыр, тоһуттар… Өссө да тымныйыа турдаҕа. Ыччака! Этим салаһар, Тымныыбын умнубут буоллаҕым.
    С. Данилов
  • Мин оҕонньор бу кэпсээн дьүһүлэнэ олороруттан этим саласта, куйахам күүрэргэ дылы гынна.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Бандьыыт, тойонун ыгыытыттан этэ салаһан дугуҥнуу-дугуҥнуу, илдьи кырбанан атаҕар нэһиилэ уйуттар кыһылы -- балаҕаҥҥа илдьэн испит.
    ХС

Этэ тардан көрбөт

олох куттаммат, куттанар диэни билбэт.

соотв. не знать страха, ни один мускул не дрогнул.

  • Ньирэй, кутталы билбэт буолан, бөрөттөн этэ тардан көрбөт.

Этэ тардар көр тарт

  • Тыа саҕатыгар тиийэн, кэннибин хайыспытым, онуоха этим тардыбыта, сүһүөҕүм хамсаабыта, сүрэҕим ыарыылаахтык "дьар" гыммыта.
    Е. Неймохов
  • [Мөрүөн] кими эмэ көрсүөм диэн, этэ тардар, дьиксинэр.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Бөрө, төҥкөс гынан ыллыгы сытырҕаан көрдө уонна, этэ тардан, туора ыстанна.
    Р. Кулаковскай

Этэ умайар көр умай

  • Тоҕо этиҥ умайар? Тоҕо төбөҥ ыалдьар?
    И. Гоголев
  • Суорҕанын сабыннаҕына итииргиир, этэ умайар.
    Н. Лугинов

Кыра кыыһа

түөртээх Сэрбэкэ этэ умайан, мөхсөн, ынчыктаан уутун көтүттэ.

  • Болот Боотур

10 этии #

Нууччалыы Питающийся мясом, плотоядный

Этиилэр

Атах эт көр атах

  • [Кээрэкээн] хаары таптайан сомоҕолоон баран, муннун тоҕо охсунан, ол хаанынан хаарын тас өттүн кытарда сууйан-сотон, атах эт оҥорбут. Саха ост. II. Эдьиийим Ксения Егоровна, атах эти хоспох үрдүгэр хоҥноро сылдьан, сыыһа үктэнэн сууллан түспүтэ. ВНЕ НЭНь.

Быдьырхай эттээх ыстаал көр быдьырхай

  • Быдьырхай эттээх ыстаалтан оҥоһуллубут саа. Дьилэй эттээх (куҥнаах, эттээх-сииннээх, эттээх-хааннаах) көр дьилэй. Биһиги дьилэй эттээх буоламмыт саҥаны, бастаан иһэри билбэккэ, көрбөккө, сатаабакка олорорбут буолуо.
    В. Протодьяконов
  • Ол ынырык күннэр-дьыллар содулларын биһиги дьилэй эттээхтэр тута билбэтэхпит иһин, үрдүк баҕалаах, үтүө дьулуурдаах өттүгэр хааччах-хаайыы буолбутун дьэ истэн-билэн эрдэхпит. Күн т.

Көҕөн эт көр көҕөн III

  • [Айыы бухатыыра] күүс иҥиирэ, көҕөн этэ бары бүк-тах тарта. Ньургун Боотур. Икки илиитин иҥиирдэрэ Лычыгырыы күүрдүлэр, Лыҥкыныы түстүлэр, Көҕөн эттэрэ Күүрэн таҕыстылар.
    П. Ойуунускай
  • [Кини] хас оҕустаҕын аайы көҕөн эттэрэ күүрэн логлоруттан тахсаллар.
    М. Доҕордуурап

Көм эт көр көм

  • Ыт Түүлээхтэн арахсыбатаҕа, охторо сылдьан бууттары, эмэһэтин көм эттэри илдьи убахтаабыта.
    Суорун Омоллоон

Көм эт

буут этэ (сап, быа хатарга).

  • Хомус Уйбаан. Биир кыргыһыыга Мэхээс хаҥас өттүгүн көм этин сэнэрээт үлтүркэйэ тоҕо солоон ааспыта.
    Н. Кондаков

Кырбас эт көр кырбас II

  • [Оҕонньор:] Оо, дьэ, диэ даа! Киһи аны биир кырбас эти сиирэ, биир быһыы килиэби сиирэ, биир чааскы чэйи иһэрэ – барыта туора көрүүлээх, барыта хааччахтаах.
    П. Ойуунускай
  • [Суккун сонноох Суут албын] ойоҕо ойон тура эккириир да, үс тоҥ кырбас эти таһыттан киллэрэн күөскэ угар.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Кинээһиҥ эйиэхэ хас да сордоҥу уонна икки-үс кырбас эти аҕалла.
    И. Федосеев

Суор эт көр суор II

  • Уол, илиитин быччыҥнарын күүрпүтүгэр, суор этэ мөкүнүйэн таҕыста.

Эт аһылыктаах

этинэн аһылыктанар тыынар тыыннаах Бөрө, эһэ – эт аһылыктаах кыыллар.

Эт мөҥүрүөн көр мөҥүрүөн

  • Аҕам титииктэн эт мөҥүрүөн тыһаҕаспытын сиэтэн таһаарда.
    Ф. Постников
  • Эти ылыыга хаһаайыстыбалар биир дьоһуннаах соруктара – түргэнник төлөһүйүмтүө, эт мөҥүрүөн сүөһүнү булан, талан иитии. АДГ СКУо. Көлө тиийбэт буолан, Лээһэҥкэ диэн ааттаах эт мөҥүрүөн кылгас атахтаах хара маҥаас атыыр оҕуһу от кэбиһиитигэр көлүйэр этилэр. "Чолбон".

Эт сааһа көр саас III

  • [Бүөтүр:] Ок-сиэ, оҕолор! Өйдөөн көрдөххө, биһиги эппит сааһа суоҕа, уҥуохпут бүтэйэ, тириибит халыҥа сүрдээх даҕаны.
    А. Софронов
  • Эмээхсин уолугар бэркэ наллаан, киһи этин сааһынан киирэрдии эппитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Киһи этин сааһын курдаттыы сылааһынан угуттуур ылааҥы күн үүммүт. "Кыым".

Этэ ууммут

силгэтэ, быччыҥа эчэйбит, эмсэҕэлээбит.

Растянул мышцы, связки.

  • Эт ууммутун ардыгар тоҥ сүгэ ончоҕунан кыһарыйа баттыалаан үтүөрдүү эмиэ баар. Хомус Уйбаан. Ср. ДТС ет ʽмясо; плоть, телоʼ, алт. эт, каракалп. ет ʽмясоʼ

«Э» буукуба